Амма Наахараҕа флюмамм үлэлээтэ

Амма улууһун кииниттэн тэйиччи олохсуйбут Амма Наахара нэһилиэгэр бир бэрт сэргэх күн ааста. Ол курдук  СӨ үтүөлээх бырааһа, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, Үлэ Кыһыл Знамята уордьан кавалера М.Е.  Никитина аатынан Амма Наахара нэһилиэгин учаастактааҕы балыыһатын бырааһа Анастасия  Ефремова туруорсуутунан, анал графигынан  саҥа флюмамм массыына кэлэн үлэлээтэ. 

Михаил Архипов салайар Амма улууһун кииннэммит балыыһатыгар  бу сайын ПАЗ автобус базатыгар оҥоһуллубут көһө сылдьар медицинскэй комплекс  кэлбитэ. Дьэ уонна нэһилиэктэринэн сылдьан  тигинэччи үлэлии сылдьар.  Бу комплекс көмөтүнэн  рентген-лабораннар ханна баҕарар тиийэн флюорографияны уонна маммографияны оҥорор кыахтаахтаммыттарын  эт харахпытынан көрөн олус астынныбыт. Массыына толору хааччыллыылаах хостооҕун, аныгы цифровой туттар тэриллэрдээҕин, рентген — лаборант Василий  Артемьев дьиэ иһигэр курдук олорон  үлэлиирин сөхтүбүт. Флюографияны уонна маммографияны тэҥинэн оҥорор көлүөһэ үрдүгэр үлэлиир лабораторияҕа   92 киһи  флюрографияҕа түстэ. Мантан 9  оскуола үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрэ . Эбиэт кэннэ 22 далбар хотун маммографияны аастылар.

Эрдэттэн эйэлээх кэлэктиипкэ үлэлиир үрүҥ халааттаах аанньал кыргыттарбыт фельдшер Мария Макарова, акушер -фельдшер Евдокия Пахомова, сиэстэрэлэр Аля Александрова, Валентина Мартынова, балыыһа ыраас туттуулаах хаһаайката Долгунча Бурцева нэһилиэнньэҕэ өйдөтүү, иһитиннэрии үлэтин ыытаннар үгүс киһи үмүөрүстэ.

Бу күн нэһилиэк «Суһал көмө» массыынатын суоппара Николай Захаров аҕам саастаах дьоммутун таһан сырыыбыт түргээтээтэ. Аныгы кыахтаах медицинскай комплекс киһи доруобуйата мөлтүөн иннинэ көрөн, ыарыыны була охсоро сэрэтии үлэтэ ыытылларыгар күүс-көмө буолуоҕа. Ыраах сытар нэһилиэк дьоно бэйэлэрин доруобуйаларыгар кыһаллан үөрэ — көтө сэлэһэ, күһүҥҥү сөрүүн саймаархай салгыны эҕэрийэ сипсиһэн кэпсэтэ, аҕам саастаахтар доҕотторун көрсө ахтылҕаннарын аһардылар, инникигэ эрэнэ, бүгүҥҥү күҥҥэ махтана үөрдүлэр — көттүлэр.

Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА

Читайте дальше