Быйылгы үөрэх дьылыгар Василий Яковлев дириэктэрдээх Үлэ Дьоруойа П.И.Яковлев аатынан Амма Наахара орто оскуолатыгар быйылгы үөрэх сылыгар 27 учуутал үлэлиир. Учууталлар орто саастара 40 сааска тэҥнэһэр. Оскуолабытыгар араас талааннаах, барыга сатабыллаах учууталлар үлэлииллэр. Учууталларбыт үөрэх-билии таһынан тэҥҥэ иитии үлэтигэр болҕомтолоохтук сыһыаннаһаллар. Учуутал идэтигэр бу идэни дьиҥнээхтик сөбүлээбит дьон үлэлииллэр.
Биһиги ортобутугар Дьокуускай куоракка быйыл ыытыллыбыт бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай Спартакиада кыттыылаахтара иитэр үлэҕэ дириэктэр солбуйааччыта Марина Макарова уонна физкультура учуутала Иван Пахомов үлэлииллэр. Бу күрэххэ Амма улууһун хамаандатыгар киирэн тэҥҥэ күрэхтэспит биир идэлээхтэрбитинэн киэн туттан, ситиһиилээхтик кыттан кэлбиттэригэр олуһун үөрбүппүт.
«Спартакиадаҕа барыта 14 хамаанда, ол иһигэр 11 улуус, Дьокуускай куорат, үөрэх министиэристибэтин уонна орто үөрэх тэрилтэлэрин сүүмэрдэммит хамаандалара спорт 7 көрүҥэр: эр дьоҥҥо уонна дьахталларга волейболга, дуобакка, саахымакка, остуол тенниһигэр, ытыыга, хабылыкка уонна хаамыскаҕа, канаат тардыһыыга күрэхтэстибит. Амма улууһун хамаандата спартакиада бары көрүҥнэригэр 33 спортсмен хомуллан кыттыбыппыт. Мин волейболга кыттыбытым, Иван теннискэ. Волейболга 1миэстэ буолбуппут кыргыттар. Манна сбордаммыт буолан табылынныбыт дии саныыбын. Иван Пркопьевичтаах остуол тенниһигэр үһүө буолан 2-с буолбуттара. Спартакиада балаһыанньатын быһыытынан, түмүк биирдиилээн буолбакка, хамаанданан тахсыбыта. Уопсай түмүккэ Чурапчы үһүс, иккиһи Амма уонна маҥнайгы миэстэни Мэҥэ Хаҥалас хамаандалара ылбыппыт» — диэн үөрэ-көтө кэпсиир эдэр кэлиэгэм Марина Спартаковна.
Иван Прокопьевич Амма Наахара нэһилиэгин Аҕа түмсүүтүн салайааччыта буолар. Кини спорт бары көрүҥэр дэгиттэр талааннаах учуутал. Улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ нэһилиэк, оскуола аатын элбэхтик көмүскүүр. Онтон Марина Спартаковна Макарова ыллыыр, үҥкүүлүүр, тойуктуур, спортивнай көрүҥҥэ эмиэ барытыгар кыттар киһибит. Кини оҕо-дьону түмэр талааннаах. Эдэр кэллиэгэлэрбит иккиэн олоххо актыыбынай көрүүлээхтэр. Биһиги ортобутугар маннык учууталлар баалларыттан олуһун үөрэбит, кинилэринэн киэн туттабыт. Үөрэтэр үөрэнээччилэригэр холобур буолар учуутал идэлээхтэрбитигэр өссө тахсыылаах үлэни, чөл олоҕу, ситиһиини баҕарабыт. Учуутал күнүнэн күндү биһиги спортсменнарбыт!
Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА