Амма улууһун биир бастыҥ бааһынайа Александр Фомин сыллата «Арассыыйа ийэлэрэ» уопсастыбаннай хамсааһын ыытар аахсыйаларыгар үтүө санаатынан кыттар. Кыаммат араҥаны бэйэтэ үүннэрэр хортуоппуйунан хааччыйар.
«Биһиги салаабыт ыытар үлэтин биир сүрүн хайысхатынан нэһилиэнньэ көмөҕө наадыйар араҥатыгар өйөбүл буолуу. Ол курдук «Твори добро» бырайыакпыт биир аахсыйатынан «Корзина добра» диэн. Бу аахсыйаҕа бэйэтэ үтүө сүрэҕинэн, сайаҕас санаатынан салайтаран, Сэргэ Бэскэ өр сылларга дьону иккис килиэбинэн, хортуоппуйунан хааччыйа олорор Александр Фомин баһылыктаах «Фомин А.К» бааһынай хаһаайыстыба алтыс сылын кыттар, дьоҥҥо өйөбүл буолар. Ол курдук бу күннэргэ тэрилтэ үлэһиттэрэ Василий Максимов, Дьулустан Стручков Сэргэ Бэстэн 30 куул хортуоппуйу аҕаланнар 30 ыалга түҥэтэн үөрүүнү аҕаллылар. Уолаттар маннык үлэҕэ үөрүйэх, сахалыы сайаҕас тыллаах- өстөөх буолан үөрэ- көтө, үтүөнү саҕа үлэлэрин толорбуттарыттан бэйэбит да астынныбыт уонна тэрилтэ салайааччытыгар Александр Константиновичка, кини кэргэнигэр Анна Николаевнаҕа, үлэһиттэригэр Василийга, Дьулустааҥҥа «Арассыыйа ийэлэрэ» Амматааҕы салаатын, нэһилиэнньэҕэ биир кэлим социальнай көмөнү оҥорор киин дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕолорго социальнай көмөнү оҥорор салаатын үлэһиттэрин аатыттан барҕа махталбытын тириэрдэбит! Инникитин үлэҕитигэр ситиһиини, чэгиэн доруобуйаны баҕарабыт», — диэн «Арассыыйа ийэлэрэ» хамсааһын Амматааҕы салаатын чилиэнэ Матрена Карманова сырдатар.