Олоҥхо бэстибээлэ нэһилиэги биир тыыннаата

Олоҥхо Сахабыт тылын сүмэтэ-сүөгэйэ, баайа-талыма, кэрэтэ-дэгэтэ олоҥхоҕо баар диэн норуокка мээнэҕэ этиллибэт. Сэтинньи ыйга улууспутугар,  Улуу олоҥхоһуппут Т.В. Захаров — Чээбий 155 сылыгар уонна Амма улууһугар 2024 сылга ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхо ыһыаҕар анаан нэһилиэктэр икки ардыларыгар олоҥхо фестивала, олоҥхо декадатыгар ыытылла турар. Ханнык баҕарар дойду суон сурахтаах албан ааттаах олоҥхоһуттардаах буолар.  Хомус күнүн түбэһиннэрэн, сэтинньи 30 күнүгэр биир дойдулаахпыт олоҥхоһут-импровизатор Алексей Григорьевич  Агапов «Алтан Сабарай бухатыыр» диэн олоҥхотун ырыаларыгар олоҕуран, биир дойдулаахпыт Саргы Куо айымньыларынан киэргэтиллибит олоҥхо испэктээкилэ, нэһилиэк дьонун күүһүнэн сүрэхтэнэн, үйэтитиллэн, саҥа тыыннанан Болугур кулуубун сыанатыгар таҕыста.

Алексей Агапов бу олоҥхотун Болугур сыанатыгар 1947 сыллаахха толорбута. Олоҥхобутун М.А. Ноговицын аатынан култуура киинин үлэһиттэрэ бары көмөлөөн, сценарийын таҥан, режиссуратын толкуйдаан, таҥаһын-сабын, декорациятын оҥорон таһаардыбыт. «Алтан Сабарай бухатыыр» олоҥхо испэктээкилгэ 38 киһи кыттан, сүргэ көтөҕүүлээхтик, биир тыынынан толоруллан, олус сэргэхтик ааста. Бэлэмнэнии чааһыгар киирдэххэ, олоҥхону ыллын да туруорар, ырыаһыттары, туойар дьону талан, оруолларыгар сөп түбэһиннэрэн, сыанаҕа үөрэтэр олус уустук дии саныыбын. Тыа дьоно, күннээҕи түбүктэриттэн быыс булан кэлэн кыттыылара олус хайҕабыллаах. Кыттыбыт дьоммутугар олус улахан махталбытын тиэрдэбит. Туспа махталбытын тиэрдэбит, куруук улахан тэрээһиннэрбитин көстүүмнэрин тигэр Гаврильева Изабелла Васильевнаҕа, Максимова Лена Афанасьевнаҕа, Грязнухина Елена Николаевнаҕа. Олоҥхобут биир ураты тыына буолар тыыннаах доҕуһуолунан, биир да фонограмма тыаһаабакка кыыл-сүөл саҥата, тыас-уус, норуоппут ырыалара барыта хомус, кырыымпа, күпсүүр кэрэ дьүрүскэнинэн доҕуһуолланан таҕыстылар. Бу тыыннаах доҕуһуолу «Сарыада» фольклорнай бөлөх кыргыттара толордулар. Туспа эйгэни биэрдэ декорация, «Арчылаана» эбээлэрбит түмсүүлэрэ үрүҥ ситии, туос ынахтары, сылгылары оҥорбуттара ураты тыын биэрдэ.

Ону тэҥэ декорацияҕа биир дойдулаахпыт, уран тарбахтаах Клавдия Алексеевна Новикова көмөтүнэн ситии саламалара киэргэттэ.  Кыттааччыларбытыгар киирдэххэ — «Арылхан» оҕо, «Сарыада», «Чөмчүүк» фольклорнай бөлөхтөр, «Алгыс», «Сырдык» үҥкүү ансаамбыллара, ону тэҥэ Туустай Баай Тойон  — Владимир Тимофеев, Тумары Баай Хотун — Саина Павлова, сэҥээрээччи дьиэ кэргэҥҥэ МТ «Болугур нэһилиэгэ» аҕа баһылыгын солбуйааччыта Софронова Раиса Николаевна, Кузьмин Николай Семенович, Андреева Екатерина Иннокентьевна, оҕолоругар Милена Егорова, Оливия Платонова кытыннылар. Туспа сүрүн оруолга кэпсээнньиттэргэ — Петрова Татьяна Прокопьевна, Пермяков Эдуард Анатольевич олус сэргэхтик, киһи истиэх курдук кэпсээн доллоһуттулар. Олоҥхо курдук күүстээх, уус-уран тыллары үөрэтэн, оруолга киирбит геройдарбыт   Алтан Сабарай бухатыыр — Тимофей Александров, Чөмчөкөйдөөн Куо — Туяра Охлопкова,  Үрүҥкэйдээн Куо — Наталья Кузьмина, Аан Алахчын — Екатерина Максимова, бухатыыр ата — Саргылана Яковлева, Уот Суолунньайдаан удаҕан — Наталья Софронова, хабдьы көтөр — Любовь Потапова, Тимир Лэһимээн абааһы бухатыырын — Василий Мухин, абааһы кыыһын — Зоя Аммосова толордулар. Бу күн сыанабыт бэтэрээннэригэр, А.Г. Агапов аймахтарыгар ыҥырыы ыытан олоҥхо испэктээкили биир тыынынан, үөрэ-көтө көрдүлэр. Дьүүллүүр сүбэ испэктээкили көрөн, сыаналаан бардылар. Түмүк олоҥхо декадатын түмүктүүр тэрээһинигэр тахсыахтаах. Олоҥхобут үйэлэргэ туругура тур. Саллар саас тухары олоҥхо, Саханы үрдэтиэ олоҥхо.

Евдокия ПЛАТОНОВА.

Читайте дальше