- Аҕыйах хонугунан Амма Наахара нэһилиэгин «Дуораанчык» уһуйаана 65 сылын бэлиэтиир. Уһуйааҥҥа араас дэгиттэр талааннаах, идэлэригэр бэриниилээх үлэһиттэр үгүстэр. Олортон биирдэстэрин Амма улууһун экологияҕа общественнай инспекторын, «Сардаана- символ Амги» бырайыак, итиэннэ «Амма ыраас биэрэгэ» аахсыйалар олоххо киирэллэригэр үлэлэспит, уһуйааммыт сүрүннүүр иитээччитин Галина Мартынова айар үлэтин сырдатарга сананным.
Галина Кимовна «Кэрэ кыыс Кэрэчээнэ уонна кини доҕотторо» — диэн оҕолорго аналлаах олоҥхо-остуоруйаны 2009 сыллаахха Саха Государственнай педагогическай академиятыгар үөрэнэ сылдьан суруйбутун ааҕан олуһун үөрдүм.
«Остуоруйа өйтөн айыыга сорудах ылан суруйарбар ис сүрэхпиттэн тахсыбыта. Амма өрүспүн харыстыыр сыаллаах суруйан барбытым. Ол кэмҥэ эмиэ Үөһээ Аммаҕа мас кэрдиитин утаран араас мөккүөрдэр, этиилэр бааллара. Бу үлэҕэ кыттыһан кыратык күүс-көмө буолбут киһи диэн санаалар эрдэттэн бааллара. Холонуум ис испиттэн тахсан, аһыллан бэйэтэ баран испитэ. Хайдах эрэ, үөрүөм иһин, Олоҥхо дойдутун курдук буолбута. Бу үлэбин «Чуораанчык» сурунаал күрэҕэр ыыппытым. Онтон 2020 сыллаахха Амма улууһун иитээччилэрин тылга аналлаах күрэххэ ыыппытым, үһүс миэстэни ылбытым. Бэйэм иитээччилэрим үлэлэрин түмэн дьоммун сырдатабын. Урут аан бастаан 1998 сыллаахха үөрэх салаата үбүлээн «Имидж — островок лета или пути организации развивающей среды ДОУ Дуораанчык» кыра брошюра, уһуйаан 50 сылыгар библиографическай сурунаал, уһуйаан 55 сылыгар «Кэнчээри кэскилэ-Дуораанчык уһуйаан», онтон «Познаю мир родной природы» диэн эколого-краеведческай методическай босуобуйа тахсарыгар үлэлэспитим. Төһө кыаҕым баарына үлэни хомуйан, иитээччилэр туһаналларыгар босуобуйа тахсан хааларыгар үлэлиибин. Хос эһэм политическай деятель Алексей Михайлович Дехселяхов аатын үйэтитэн «Саха сирэ киэн туттар дьоно» серияҕа 2022 сыллаахха таһаарбыппытыттан олуһун үөрэбин, кынат анньынабын. Билигин аҕам Ким Дмитриевич Атласов хоһоонноро илиинэн суруллан хаалбыттарын сөхсүтэн кинигэ оҥорор былааннаах үлэлии сылдьабын. Кыыс Аммабыт дьылҕата кыыс курдук В.В. Федоров эппитинии — омук анала буолара биһиги сүрэхпитин бааһырдар»,- диэн сэһэргиир Галина Кимовна.
Кэрэчээнэ уонна кини доҕотторо
Үѳһээ Дойду
Ыраах хайалары уҥуордаан
Тоҕус халлааны туораан тиийдэххэ
Баар эбит дьикти дойду.
Манна мастарга
Олус улахан отоннор үүнэллэр.
«Ылын миигин», — диэбиттии
Мѳлбѳһѳн ахан тураллар.
Манна былыттар аайы үрүҥ ураһаларга,
Ыраас, сылаас балаҕаннарга
Ыаллар тарҕанан олороллор.
Дьэ, маннык кэрэ сиргэ, кэрэ дьон
Кѳхсүлэригэр кынаттаах,
Дайбааталлар эрэ эмискэ
Халлаан диэки кѳтѳллѳр,
Сири-дойдуну үѳһэттэн анаара кѳрѳллѳр.
Онтон олус үѳрэллэр.
Тоҕо үѳрбэт буолуоҥуй?
Маннык кэрэ дойдуга —
Кыһына да сылаас, хаара да сымнаҕас.
Манна кыыллар, кѳтѳрдѳр
Уонна киһи –аймах олороллор эбит ээ.
Бары бииргэ кэпсэтэллэр
Саҥаларын ѳйдѳһѳллѳр.
Кэрэ Кыыс Кэрэчээнэ
Хап-хара моонньоҕон харахтаах,
Тэп-тэтэркэй имнээх,
Уһун, долгун суһуохтаах,
Дьэдьэн курдук уостаах
Кэрэ кыыс Кэрэчээнэ
Кыһалҕата суох аргыс доҕорун
Куобаҕы кыбынан,
Кыргыттарын кытта күнү быһа
Сибэккиттэн-сибэккигэ
Кѳтүѳккэлэһэн түһэллэр,
Санаарҕаабакка эрэ
Халлааҥҥа тахсан
Былыттыын дорооболоһоллор,
Чыычаахтыын куоталаһаллар.
Сиргэ түһэн салама ыйаан
Дьэдьэннээн амсайаллар.
Арай биирдэ, сарсыарда
Кэрэ кыыс Кэрэчээнэ уһуктаат,
Аргыый аҕай эбээтигэр
Кѳрбүт түүлүн кэпсээтэ:
Орто Дойду
«Арай, эбээ, эмискэ,
Атын дойдуга баар буоллум –
Кѳтѳ сылдьан, тыаллыын күрэхтэһэн,
Тиийэн кэллим ол сиргэ.
Аас баттахтаах эмээхсин
Ытыы – соҥуу олорор эбит.
«Кэлиҥ, быыһааҥ, абырааҥ!»,-
Диэн кѳрдѳстѳ, олус диэн ааттаста.
Онуоха Кэрэ кыыс Кэрэчээнэ эбээтэ:
— Аан Алахчыны кѳрбүккүн,
Хатыҥ мас иччитин.
Кини сир-дойду алдьаннаҕына
Эмээхсин буолан түүлгэ кѳстѳр,
Айманар, ытыыр.
— Билигин кѳрүѳхпүт.
Иннэ диэн баран эбээтэ
Илиитинэн сапсыйда.
Кѳстѳн кэллэ салгыҥҥа
Дьикти — кэрэ, ол дойду.
Киэҥ нэлэмэн алаастарга
Сылгы-сүѳһү бѳҕѳлѳѳх.
Хара баай тыатыгар
Кыыл, кѳтѳр дэлэгэй,
Кучу, ача долгуннаан үүнэр
Күѳх налыы оттордоох,
Унаар күѳх хочолорго
Кытара кыыһар сардааналардаах,
Араас бэйэлээх дыргыл сыттаах –
Кустук сэттэ ѳҥүнүү
Кэрэлиирэ дьүһүннээх
Сибэкки кѳбүѳрдээх,
Минньигэс диэн амтаннаах
Дьэдьэн, сугун отоннордоох,
Курууһубалыы эриллибит кѳстүүлээх
От-мас аргыстаах,
Ыраас, сырдык уутугар
Түгэҕэ кѳстѳр тааһыгар
Балык арааһа баайдаах,
Сиэттиһэ үүммүт, үрүҥ тунал эттээх
Хатыҥ чараҥ мастардаах –
Улуу сир-кэрэ айылҕа!
Орто дойду кѳһүннэ…
Эмискэ барыта суох буолла.
Кѳстѳн кэллэ аны
Уолан эрэр ѳрүс сүнньэ —
Хагдарыйбыт мастар
Хоруо буолан кѳстѳллѳр.
Иҥсэ-обот дьонноро
Маһын дэлби кэрдибиттэр,
Кыыллар, кѳтѳрдѳр күрэммиттэр.
Онтон ыраах кѳһүннэ
Тигинээн-таҕынаан,
Уотунан ыһыырар, амырыын сыттаах
Күүстээх араас техника.
Тиһигин быспакка
Соҕуруу диэки субуллар,
Мас бѳҕѳнү тиэйэн илдьэр.
Кэрэ кыыс Кэрэчээнэ эбээтэ
Илиитинэн сапсыйда-
Дьулаан кѳстүү суох буолла.
— Кырдьык, иэдээн буолбут,
Кытаат, тоойуом,
Айылҕаттан айдарыллыбыт
Абырыыр күүстээххин,
Эйиэхэ мин бүгүн этэбин-
Орто дойду эйигин
Билэн, эрэнэн ыҥырдаҕа.
Онно барыан иннинэ, эт, миэхэ биири,
Үйэҕэ биирдэ туттуллар
Сүдү күүскүн, баҕар эн
Атыҥҥа туттуон буолаарай?»
Кэрэ кыыс Кэрэчээнэ:
«Суох эбээ, санаам бѳҕѳх.
Толкуйдаан кѳрдѳххѳ —
Орто дойдута суох,
Биһиги олохпут эмиэ суох!»
Эбээтэ сиэниттэн олус үѳрдэ
Уонна кэс тылын эттэ:
Дьээ-буо!
Халыҥ хахха, суон дурда буол!
Орто дойду айылҕатын
Чѳлүгэр түһэр,
Дьонун-сэргэтин
Үрүҥ тыынын ѳрүһүй!
Кэрэ кыыс Кэрэчээнэ
Доҕотторун муста
Тэринэ охсон,
Кустук устун сүүрэн түстүлэр,
Орто дойдуга баар буоллулар.
Сонно тута уһугунна Ийэ айылҕа…
От-мас тилиннэ,
Уу тымыра дьүрүлүү уһунна,
Оҕо-аймах саҥата
Чугаһынан иһилиннэ.
Кэрэ кыыс Кэрэчээнэ доҕотторун кытта
Оҕолору кѳрүстэ.
Аргыый аҕай ѳрүспүт
Ибиирэ долгуннанна,
Аан Алахчын иэйиэхсит хотун
Ѳрүс аттыгар баар буолла,
Махтал тылын эттэ:
— Күндү оҕолоор!
Кэлэр кэм кэнчээрилэрэ!
Кэрэ кыыс Кэрэчээнэ
Аптаах күүһэ айылҕаны быыһаата-
Үйэҕэ биирдэ бэриллэр күүһэ
Аны бүттэҕэ.
Олорон биэримэн,
Олорор мутуккутун кэрдимэн!
Кэрэ кыыс Кэрэчээнэ
Доҕотторо элбээтэ,
Орто Дойдуну олус диэн сѳбүлээтилэр.
Ытык сири бэлиэтээн
Салама ыйаатылар.
Эколог оҕолор буоланнар
Ийэ айылҕаны
Харахтарын харатын курдук харыстаан
Эттэригэр хааннарыгар иҥэрдилэр,
Андаҕар тылын эттилэр:
Бар дьоммут — айыы дьоно!
Күн сирин күѳмчүлээн!
Айыы сирин араҥаччылаан!
Уруй айхал!
Уруй айхал!
Уруй айхал!
Ирина Корякина — Олесова.