Амма Наахара нэһилиэгин «Дуораанчык» уһуйаана 65 сааһын бэлиэтээтэ. Ыраахтан-чугастан ыҥырыылаах ыалдьыттар кэлэннэр олус истиҥ көрсүһүү буолла.
Үбүлүөйдээх күҥҥэ Амма улууһун дьокутааттар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Владимир Колосов, үөрэх салаатын биир идэлээхтэрин бэрэссэдээтэлэ Прокопий Бытыров, оскуолаҕа барыан иннинээҕи саастаах оҕолор улуустааҕы салаа сүрүннүүр испэсэлииһэ Вера Чупрова, үөрэх салаатыттан Эмма Давыдова, улуус уһуйааннарын сэбиэдиссэйдэрэ, «Дуораанчык» уһуйаан бэтэрээн үлэһиттэрэ, нэһилиэк тэрилтэлэрин салайааччылара ыҥырыллан ыалдьыттаатылар. Ыалдьыттары сахалыы алгыһынан Нина Гаврильева көрүстэ. Үөрүүлээх чааһы иллээх кэлэктиип «Дуораанчыкка» гимн ырыатын дуоратан аста. Үбүлүөйдээх уһуйаан сатабыллаах салайааччыта Полина Кононова ыалдьыттарга уһуйаан бастакы аһыллыытын билиҥҥи күҥҥэ диэри үлэтин билиһиннэрдэ.
Буоларын курдук Амма Наахара Аҕа баһылыга Захар Александров эҕэрдэ тылы бастакынан анаата уонна Галина Мартыноваҕа «Амма Наахара нэһилиэгин сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэни үөрүүлээх быһыыга- майгыга туттарда. Кэлбит ыалдьыттар бары эҕэрдэ тыл истиҥин, үтүө тыл үгүһүн анаатылар. Бу күн Амма улууһун Депутаттар Оройуоннааҕы сэбиэттэрин «За заслуги» бэлиэлээх Бочуотунай грамотатын нэһилиэккэ хаһыс да сылын дьокутааттыыр Туяра Мартынова уонна Күннэй Михайлова, «Почетный наставник» Амма улууһун үөрэхтээһинин бэлиэтин Галина Мартынова уонна Марианна Чен наҕараадаланнылар. Уһуйаан үбүлүөйдээх мэтээлинэн убаастыыр дьоммут өр сыл уһуйааҥҥа үлэлээбит бэтэрээннэр уонна уһуйааҥҥа өрүүтүн күүс-көмө буолар дьоммут наҕараадаланнылар.Ону тэҥэ уһуйаан бары үлэһиттэрэ наҕараада ыланнар үөрдүлэр-көттүлэр.
Бу күн «Дуораанчык» уһуйаантан кынат үүннэрэн үлэтин саҕалаабыт Екатерина Кронникова-Рязанская уһуйааҥҥа олоҕун аргыһа Николай Рязанскай уруһуйун дьиэ-кэргэн аатыттан бэлэх уунна. Олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччы 20-чэ сыл сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит Матрёна Михайловна Нерлова эҕэрдэ суругун, бэлэҕин туттарда.
Үбүлүөйнэй сыллаах Амма Наахара орто оскуолатын 11 кылааһын уолаттара Талбан Мартынов, Любомир Трофимов, Спартак Макаров иитээччилэрин вальска ыҥыран соһуччу нүөмэр бэлэхтээтилэр. Бэлиэ күҥҥэ уһуйааҥҥа мини-музей, нуучча омугун кэпсиир хос, экологическай ыллык, оонньуур хос аан бастаан аанын аста. Үбүлүөйдээх киэһэни, араас оонньуулары, эҕэрдэ ырыалары бэлэхтээн «Түмэн» сынньалаҥ киин методиһа Владимир Игнатьев иилээн — салайан ыытта. Онтон ыалдьыттарга Дуораанчыктар олоҥхо сылынан төрөппүт кэмитиэтэ уонна уһуйаан үлэһиттэрэ сукунанан тикпит түөрт уон олбоҕун бэлэх ууннулар. Маннык дьоро күн элбэх үтүө тылы, истиҥ сыһыаны олохтоон, Саҥа дьылы көрсөр салгыны бэлэхтээн ааста.
Ирина Корякина – Олесова.