Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларын чэрчитинэн Бөтүҥ орто оскуолатыгар төрөппүттэргэ аналлаах олус интэриэһинэй көрсүһүү буолла. Педагогика билимин хандьыдаата, уйулҕа үөрэхтээҕэ, биир дойдулаахпыт Александра Ушницкая билиҥҥи оҕону личность быһыытынан дьиэ кэргэҥҥэ иитии туһунан сүбэлэри-амалары биэрдэ.
Үс өрүттээх «Учуутал – Кылаас салайааччыта – Дьиэ кэргэн» тула истиҥ кэпсэтии таҕыста. Күн аҥарыгар маҥнай учууталлары кытта уонна кылаас салайааччыларга аналлаах «Үөрэх түмүгэ – үөрэнээччини көҕүлээн, ситиһиигэ сирдээһин» лекция уонна коллективы түмэр, уонна болҕомтоҕо оонньуу хабааннаах трениннэри ыытта.
Онтон алын сүһүөх кылаас төрөппүттэригэр «Ситимнээх үлэм сааһыламмыт санааларыттан» авторскай пособиетыттан лекция аахта, орто уонна улахан кылаас төрөппүттэригэр уонна учууталлары кытта холбоһуктаах «Колесо баланса» ньымаҕа олоҕуран оҕо ханнык хаачыстыбаларыгар ордук болҕомтону ууран үлэлэһэргэ сүбэлээтэ.
Төрөппүттэр тустаах ыйытыыларга хоруй ылан, дуоһуйа кэпсэтэн, быыһыгар практическай трениннээх киэһэни билбэккэ атаардылар.
Санатан эттэххэ, 2020 сыллаахха Александра Егоровна меценат быһыытынан биһиги оскуолабытыгар баай ис хоһоонноох, дьиэтээҕи библиотекатын бэлэх ууммута. Бу педагогикаҕа, психологияҕа сыһыаннаах материаллары учууталлар үлэлэригэр тутталлар, махтаналлар.
Мария Иванова.