Ааспыт кэм малларын дьон олус сэҥээрэллэр

Балаҕан ыйа араас бэлиэ күннэрдээх. Олортон биирдэстэринэн балаҕан ыйын 21 күнүгэр Бүтүн Арассыыйатааҕы коллекционердар күннэрэ бэлиэтэнэр. Амма Наахара нэһилиэгэр «Эгэлгэ» коллекционердар түмсүүлэрэ 2017 сылтан үлэлиир. Түмсүүнү барыга бары сатабыллаах, учуутал идэлээх Лариса Ивановна Унарова салайар. «Эгэлгэлэр» бэлиэ күнү «Түмэн» сынньалаҥ киинигэр көрүстүлэр.

Коллекционер диэн кимий? Кини билиилээх, бэйэтин баҕа өттүнэн булар-талар, араас кэрэни таба көрөр, олус харыстанньан, өрүү хаһаас араас булумньулаах, мунньарын сөбүлүүр киһи. Кинини историк да диэххэ сөп. Булбут тэрилин ымпыгар — чымпыгар тиийэ үөрэтэр, ааҕар, билэр.

Быйылгы үөрүүлээх түгэни сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта Светлана Захарова иилээн — салайан ыытта. Бу күн араас оонньуулар оонньоннулар, эҕэрдэ ырыалар ылланнылар.

 «Сыллата араас таһымнаах быыстапкаларга кыттабыт. Киһи үөрэрэ диэн, дьон быыстапкаларбытын көрөн сэргиир, ыйытар. Билиҥҥи туругунан оскуола 33 үөрэнээччитэ, «Дуораанчык» уһуйаан 24 иитиллээччитэ аналлаах быыстапкаларга кытталлар. Биир сиргэ турбакка сыл аайы булумньубут элбиир. Дьон сыаналаан эмиэ бэлэх биэрэр буоллулар. Аны атын сиргэ сылдьан кэһии аҕалан бэйэ-бэйэбитигэр бэлэхтэһэбит. Саарпыкпытын кэпсиир буоллахха сырдык халлаан күөх-бу тапталлаах Амма өрүспүт дьүһүнэ буолар. Хаҥас өттүгэр Өнньүөспүт гиэрбэтэ, уҥа өттүгэр  Аммабыт бэлиэтэ Сардаана сибэкки. Бу араас быыстапкаларга, күрэхтэргэ кыттыбыт значоктарбыт. Бу сыллар тухары араас тэрээһиннэргэ кытынныбыт. Олус түбүктээх үлэбит сыаналанарыттан олуһун үөрэбин. Бары биир дьиэ кэргэн, эдьиий- балыс курдук буоллубут» — диир салайааччы Лариса Ивановна.

Балаҕан ыйын 30 күнүттэн П.И. Яковлев аатынан Амма Наахара орто оскуолатын түмэлигэр Дьиэ кэргэн сылыгар аналлаах ретро быыстапка турда. Быыстапканы нэдиэлэ иһигэр үөрэнээччилэр, учууталлар, олохтоохтор кэлэн көрдүлэр — иһиттилэр. Быыстапкаҕа Лариса Унарова салалтатынан уон тэҥ санаалаахтар Нина Гаврильева, Виктория Егорова, Розалия Устинова, Валентина Захарова, Матрена Макарова, Светлана Артамонова, Галина Мартынова, Любовь Никифорова, Наталья Трофимова урут дьиэ кэргэн туттубут малын-салын, иһитин-хомуоһун аҕалан уурдулар. Маны сэргэ түмэл экспонаттара: урукку араадьыйа, төлөпүөн, уонна Polaroid хаартыска аппараата диафильм көрдөрөр диапроектор, иистэнэр массыына о.д.а тэриллэри уурдубут. Оҕо дьон интириэһиргиирэ үгүс. Араас боппуруостары биэрэн соһуталлар диэн түмэл салайааччыта Наталья Ефремова санаатын үллэстэр.

Ааспыт кэм тэриллэрэ булуллан-хараллан, сууйуллан-сотуллан, үөрэтиллэн, дьон дьүүлүгэр тахсан, «Биһиги кэммит саҥа сайдыылаах олоххо аҕалбыта, аҕала да туруо!» — диэбиттии кэккэлэһэн быыстапкаҕа кэчигирэһэн турдахтара.

Ирина Корякина- Олесова.

Читайте дальше