Ааҕааччылары кытта невролог быраас көрүстэ

Алтынньы 29 күнэ Аан дойду үрдүнэн инсульт ыарыыны сэрэтэр, охсуһар күн. Бу күнү көрсө Күннүк Уурастыырап аатынан киин бибилэтиэкэ ааҕааччыларыгар көрсүһүү тэрийдэ.
Амматааҕы Күннүк Уурастыырап аатынан киин библиотека нэһилиэнньэни кытта ыкса үлэлииллэр. Бэлиэ күннэри көрсө, араас декадалар чэрчилэринэн анал исписэлиистэри ыҥыран туһалаах көрсүһүүлэри тэрийэллэр. Алтынньы 29 күнэ —  Аан дойду үрдүнэн инсульт ыарыыны утары охсуһар, кинини сэрэтэр күн быһыытынан бэлиэтэнэр. Кэнники кэмҥэ дьон, эдэр дьон кытта инсульт ыарыыга ыалдьыылара элбээтэ. Тоҕо оннугуй, бу киһи доруобуйатыгар улахан охсуулаах ыарыыны хайдах сэрэтиэххэ сөбүй?

Бу туһунан ааҕааччыларга тиэрдээри ааҕар саалаҕа нэһилиэнньэни кытта  улуус киин балыыһатыгар өр сылларша  невролог бырааһынан үлэлии сылдьар Елена Ефимова көрүстэ.   Уопуттаах невролог Елена Петровна  киһиэхэ тиийимтиэ гына бу ыарыы туһунан  кэпсээтэ. Элбэх киһи ыйытыы биэрдилэр, бырааһы тутан олорон консультацияластылар. Түмүккэ кэлбит лекция истээччилэр Елена Петровнаҕа махтаннылар.

Елизавета СИДОРОВА