Абаҕалар киэн туттуулара- үс игирэлэр

Бу күннэргэ биһиги биир дойдулаахтарбыт, 50-с c сылларга нэһилиэктэрин ааһан улуустарын кытта соһуппут үс игирэ кыргыттар 70 саастарын томточчу туолан, бар дьоннорун эҕэрдэтин ыллылар, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун сөхтөрдүлэр. Чахчы да дьол буоллаҕа, сэттэ уон сыл устата бииргэ тутуһан сылдьаллара, ытык саастарын тэҥҥэ бары көрсөллөрө.

70 сыл анараа өттүгэр Амма Абаҕатын нэһилиэгэр олус ураты, сэдэх, үөрүүлээх түгэн тосхойбута Ол курдук, 1953 сыллаахха алтынньы 11 күнүгэр Анна Михайловна, Василий Петрович Яковлевтар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ 3 игирэ кыыс күн сирин көрбүттэрэ. Төрөппүттэрэ кэрэчээн кыргыттары Анна, Пана, Лариса диэн сүрэхтээбиттэрэ. Бу үс кыргыттартан Анна улахан, орто Лариса, онтон Пана кыралара, мурун бүөтэ. Кыргыттар кыра эрдэхтэриттэн бэйэ-бэйэлэригэр олус убанан улааппыттар. Улахан кыыс Анна оскуола кэнниттэн ыанньыксытынан үлэлээбитэ. Алтаннааҕы ОПТУ-га үөрэнэн повар идэтин баһылаан, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри оҕо саадыгар поварынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. 1990 сыллаахха Чурапчы улууһун Сылаҥыттан төрүттээх Платонов Петр Петровичка кэргэн тахсан, икки уол оҕону күн сирин көрдөрөн, биэс сиэн эйэҕэс эбэтэ буолан быр-бааччы олорор. Орто кыыс Лариса оскуола кэнниттэн эмиэ Строд аатынан сопхуос пиэрмэтигэр ыанньыксытынан үлэлии сылдьан Амма Чакырыттан төрүттээх Дьячковскай Ион Ионовичка кэргэн тахсан Нам улууһун Хомустааҕар олохсуйбута. 4 уол оҕону күн сирин көрдөрөн, атахтарыгар туруоран, сүүрбэ сиэннэнэн эмиэ ньир-бааччы олорор. Кыра кыыс Пана оскуола кэннэ Строд сопхуоска ыанньыксытынан, секретарь-машиниһынан үлэлээн, ол кэннэ 1978 сыллаахха Улан-Удэҕэ бухгалтер курсугар үөрэнэн, суот-учуот үлэтигэр өр сылларга үлэлээбитэ. Биир кыыс оҕо күн-күбэй ийэтэ, үс кэрэчээн кыыс сиэннэр тапталлаах эбэлэрэ буолан дойдутугар олорор. Ити курдук 3 игирэ кыргыттар Абаҕа нэһилиэгин убаастанар, ытыктанар дьон, дьиэ-уот, хаһаайыстыба тэринэн оҕолоругар, сиэннэригэр күүс-көмө буолан олороллор. Күн бүгүҥҥэ диэри бэйэлэригэр ытыктабыллаахтык, истиҥник сыһыаннаһан кэллилэр. Атын улууска олорор Лариса дойдутугар сотору-сотору кэлэн, күн сиригэр биир күн кэлбит чугас дьонун кытта көрсөн, ахтылҕанын таһаарар. Кинилэр чахчы дьоллоохтор. Медицинэ сайдан эрэр кэмигэр ийэлэрэ барахсан этэҥҥэ быыһанан, үс игирэни төрөтөн, көрөн-истэн, атахтарыгар туруоран улаатыннардаҕа. Кыргыттар күн бүгүнүгэр диэри ийэлэрин сылаастык саныыллар.

 

 “Биһигин ийэбит, аҕабыт бэйэлэрин чиҥ билиилэринэн, тот, кыһалҕата суох оҕо сааһы биэрбиттэрэ. Биһиги бииргэ төрөөбүттэр уон биир оҕо этибит. Элбэх оҕо буоларбытынан ийэбит, аҕабыт бэйэ-бэйэни көрсөргө, эдьиийдэргэ-убайдарга, улахан дьоҥҥо убаастабыллаахтык сыһыаннаһарга, куруук бииргэ буоларга үөрэтэллэрэ. Бу 70 сааспытыгар диэри дьоллоох олоҕу олорон кэллибит. Оҕолорбут бэйэлэрэ ыал аҕалара, ийэлэрэ буолан олороллор. Үс игирэ диэн атын дьонтон уратыта суох, бэйэ-бэйэҕэ үтүө сыһыан, убаастабыл, таптал – бу үс тыл баар буоллаҕына эн дьоллооххун, доруобайгын. Биһиэхэ уолаттарбыт, кийииттэрбит 70 сааспытын “Аврора”  рестораҥҥа бэлиэтээтилэр. Үөрүү – көтүү, махтал ортотугар ааста. Түгэнинэн туһанан уолаттарбытыгар, кийииттэрбитигэр махталбытын тириэрдэбит”  – диэн үс игирэлэртэн улаханнара Анна Платонова.

 

“Мин ийэн Платонова Анна Васильевна, аҕам Платонов Петр Петрович. Биһиги бииргэ төрөөбүт иккиэбит убайым Платонов Игорь Петрович. Ийэм үс игирэлэртэн маҥнайгы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Ийэм игирэ балтыларын бэйэм ийэлэрим курдук саныыбын. Оҕо сырыттахпына ийэм таһырдьа таҥас сууйа турар буолара, дьиэҕэ ойон киирдэхпинэ ийэм аны ас астыы турара, ол курдук сороҕор буккуйан да ылар түгэннэрим баар буолааччылар. Төрөппүттэрим сүрдээх эйэҕэс дьон буоланнар куруутун биһиги туспутугар кыһаллан баҕарбыппытын барытын толорон билиҥҥэ диэри күүс-көмө буола сылдьаллар. Ийэбэр, аҕабар, ийэм кэриэтэ эдьиийдэрбэр махталым муҥура суох. Өссө да уһуннук дьоллоохтук сүүс сааскытыгар диэри үөрэ көтө сылдьыҥ,  уһун дьоллоох олоҕу баҕарабын”,  – диэн Анна Васильевна кыра уола Петр Платонов сылаас санаатын тириэрдэр.

 

Абаҕалар киэн туттар дьоннорун, үс бүгүрү үлэһит дьону, үс игирэни үбүлүөйдээх саастарынан истиҥник эҕэрдэлиибит!

Юлия ЯКОВЛЕВА

Читайте дальше