Афанасий Рязанскай аатын үйэтитиигэ икки улахан тэрээһин

Дьокуускай куоракка СӨ Бырабыыталыстыбатын 2-с нүөмэрдээх дьиэтигэр Амма улууһун тэрийбит маҥнайгы кулуба Афанасий Петрович Рязанскай 150 сылыгар аналлаах Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ  ыытылынна.
Кэмпириэнсийэҕэ сүрүн дакылааттары историческай наука кандидаттара Егор Антонов, Владимир Пестерев уонна искусствоведение кандидата, Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова оҥордулар. Кэмпириэнсийэни СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччыта Афанасий Ноев уонна ХИФУ филологическай факультет суруналыыстыкаҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ, филологическай наука кандидата Олег Сидоров салайан ыыттылар. Уопсайа 20-тэн тахса дакылааты иһиттибит. Тус бэйэм Санкт-Петербург куораттан Герцен аатынан педагогическай университет профессора, филологическай наука доктора Александр Петров, саха норуодунай суруйааччыта Дмитрий Наумов, культурология кандидата Лена Сидорова уонна Соморсунтан история учуутала Алексей Устроев дакылааттарын сэргээн иһиттим.
«Афанасий Петрович Рязанскай Амма улууһугар улахан кылааты киллэрбитэ. Кини Боотуруускай улуустан Амма улууһун араарар үлэни 1901 сылтан, барыта 10 сыл устата, туруулаһан ыыппыта. Оччолорго Боотуруускай улууска Чурапчы, Таатта, Амма улуустара киирэллэрэ, барыта 31500 киһи олороро. Территорията да улахан этэ. Онон үлэлииргэ-хамсыырга уустуктардааҕа. 100-тэн тахса дьокутааты түмэр дьиэ-уот да суоҕа. Суол-иис эмиэ мөлтөҕө. Афанасий Петрович Боотуруускай улуус салалтатын эрэ кытта үлэлэспэтэҕэ, кини Дьокуускайга исправникка, губернаторга, Иркутскайга тиийэ генерал-губернаторга көрдөһүү бөҕөтүн суруйан, туруорсан, барытын сиһилии дакаастаабыта. Кини этиитин өйөөбүттэрэ. Ол түмүгэр 1911 сыллаахха Амма улууһа тэриллибитэ. Боотуруускай улуус үс улууска арахсыбыта», — диэн  Рязанскай олоҕун, үлэтин сиһилии үөрэппит Егор Петрович Антонов иһитиннэрдэ.

Кэмпириэнсийэ үлэтигэр Амма улууһуттан улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Колосов салайааччылаах улахан делегация кытынна. Итиэннэ Афанасий Петрович төрөппүт сиэнэ Александра Ноева, кини оҕолоро, чугас аймахтара Татьяна Шергина уонна Наталия, Николай Рязанскайдар кыттыыны ыллылар.
Бу күн Амматтан Саха сиригэр гражданскай сэрии историятын музейа Афанасий Рязанскай олоҕун, үлэтин кэпсиир быыстапканы туруордулар.

Манна Афанасий Петрович тус малларыттан баана сылдьыбыт кура дьон болҕомтотун ордук тарта. Итиэннэ талааннаах худуоһунньук Николай Рязанскай уруһуйдарын быыстапката көрөөччү сэҥээриитин ылла.


Бу күн биир бэлиэ тэрээһининэн кырааска сытынан дыргыйбыт, буруолуу сылдьар “Амма улууһун тэрийбит маҥнайгы кулуба” диэн халыҥ тастаах, 200-тэн таха страницалаах, 200 тиражтаах саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Кинигэ олохтоох кыраайы үөрэтээччи Михаил Васильевич Алексеев 30-ча сыл устата муспут баай матырыйаалларыгар, араас сылларга «Амма олоҕо» хаһыакка тахсыбыт публикацияларыгар уонна архыып докумуоннарыгар олоҕуран күн сирин көрдө.

Кинигэ тахсыытыгар «Илин» сурунаал редактора Олег Гаврильевич Сидоров уонна “Амма олоҕо” хаһыат 1-кы категориялаах редактора  Вера Иванова улахан үлэни  оҥордулар.
Онон аммалар Амма улууһа дэтэн күн бүгүн үүнэн, сайдан олорорбутугар сүҥкэн үтүөлээх Афанасий Рязанскай аатын үйэтитиигэ улахан конференция ыытыллан, кини туһунан кинигэ тахсан үбүлүөйдээх сылыгар дьоһун бэлэх буолла.

«Үтүө киһи аата үс үйэ тухары умнуллубат» дииллэрэ чахчы. Афанасий Петрович баар буолан, суруйааччы Наталия Рязанская «Аммабыт сүрэҕэр» диэн анабыл хоһоонугар эппитин курдук, төрөөбүт түөлбэтэ Соморсун уонна Аммабыт улууһа балысханнык сайдар:
Кини тэлбит кэтит аартыгынан,
Күн бүгүн Амма дьоно-сэргэтэ,
Сыл ахсын балысханнык сайда,
Олоробут кэскиллээҕи уһанса.

Вера ИВАНОВА

Читайте дальше