Кулун тутар 3-6 күннэригэр Дьокуускайга 14-с төгүлүн ыытыллар СӨ маастардарын күнүгэр “Якутия мастеровая” быыстапка-дьаарбаҥка ыытыллыаҕа. Онно кыттарга бэлэмнэнэн Ф. Потапов аатынан култуура киинигэр «Айар кут арыллар эйгэтэ» диэн ааттанан улуустааҕы уран тарбахтаахтар быыстапкалара тэрилиннэ. Быыстапкаҕа нэһилиэктэртэн хомуллан тарбахтарыгар талааннаах дьоммут бэйэлэрин үлэлэрин аҕалан туруордулар. Киирбит үлэлэртэн көрөн өрөспүүбүлүкэ быыстапкатыгар талыы буолла.
“Бүгүҥҥү быыстапкабытыгар 12 нэһилиэк киирдэ. Нэһилиэктэртэн биир эрэ буолбакка, хас да маастар бэйэлэрин үлэлэрин туруоран, уопсайа 60-ча үлэ турда диэххэ сөп. Мантан биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ киирэри таллыбыт. Туруорбут ирдэбилбит быһыытынан 2020 сылтан 2023 сылга диэри толору киирбит саҥа үлэлэр буолуохтаахтар. Онон маастардарбыт барыта эдэрдэр. Урукку сылларга биллэр маастардарбыт үлэлэрин илдьэр эбит буоллахпытына, быйыл 70 бырыһыана эдэр маастардар диэххэ наада. Саамай үчүгэйэ диэн быйыл Олоҥхобут ыһыаҕынан диэн улууска олоҥхо геройдарынан панно оҥорторбуппут. Онно 14 нэһилиэк бары кыттаннар, биирдии үлэни улууска бэлэхтээтилэр. Ол үлэлэрбитин илдьиэхпит. Нэһилиэктэр наһаа үчүгэйдик хомуллан киирбиттэр. Урукку өртүгэр Амма Наахараттан аҕыйах үлэ киирэр эбит буоллаҕына, аҥардас кыбытыкка Айталина Филиппова диэн эдэр маастар кыыс үлэлэрин биир остуолу толору туруорда. Биһиги киэн туттуубут, хаһыс да сылын сыахай оҥоруунан дьарыктаммыт Алтантан Айталина Дьячковская эмиэ элбэх үлэлэрин киллэрбит. Кини биллэр модельер Августина Филиппова ыыппыт күрэҕэр баран миэстэлэһэн кэлбитэ уонна бу быыстапкаҕа эбии түөрт саҥа сыахайы эптэ. Онон сыахайа барыта уонтан таҕыста. Ону кытта үөрэнээччилэрэ эмиэ бэртээхэй оҥоһуктарын киллэрбиттэр. Сыахайы оҥорууга Бөтүҥ нэһилиэгэ эмиэ ылсан үлэлээн эрэр. Онон кинилэр үлэлэрин дьон дьүүлүгэр таһаарарга быһаарынныбыт.
Быйыл кытта хайа да сыллааҕар тимир уустарбыт таһаарыылаахтык үлэлии сылдьаллар. Ол курдук Сэргэ Бэстэн, Амматтан, Чапчылҕантан кэлэн кытыннылар. Быһах арааһа киирдэ. Ону эмиэ илдьэ барыахпыт. Бу быыстапкаҕа Сэргэ Бэстэн Альберт Фомин аҕыс кырыылаах түптэлииргэ аналлаах иһити алгысчыт Василий Кочаткиҥҥа аҕалбыт. Ол эмиэ сонун буолла. Уус уран оҥоһукка маастарбыт Саргылана Кириллина эмиэ олус интэриэһинэй үлэтин туруорда. Биир саамай киэн туттар норуоппут маастара Валентина Стручкова үлэлэрин эмиэ хайаатар да дьон дьүүлүгэр таһаарабыт. Кини сыл 12 ыйыгар анаан оҥорбут паннолара куруутун да дьону сөхтөрөр.
Аны туран быйыл Олоҥхо ыһыаҕар 100 кырыымпаны таһаарары былаанныыбыт. Бу кырыымпаны Ырыа Ылдьаабыт кэнниттэн көҕүлээччи Василий Неустроев-Байаан Бааска буолар. Кини билигин нэһилиэктэринэн кэрийэ сылдьан үөрэтэ сылдьар. Бу 100 кырыымпаттан 30 кырыымпатын Василий Алексеевич быраата Семен Семенович Неустроев оҥорон нэһилиэк кулууптарыгар биэрдэ. Онон кини бу үлэтинэн эмиэ быыстапкаҕа кыттар буолла. Маны сэргэ үгэскэ кубулуйбут, дьон-сэргэ олус сэргээбит уонна көхтөөхтүк кыттар буолбут, номнуо ахсыс төгүлүн ыытыллар сахалыы таҥастаах сэлэлии хаамыыга улууспутуттан 70-тан тахса сахалыы төрүт өбүгэ үгэһин тутуһан тигиллибит бууктаах сонноох далбар хотуттарбыт баһылыкпыт Степан Николаевич Кузьмин салайыытынан хаамарга бэлэмнэнэбит”, — диэн улуустааҕы култуура уонна норуот айымньытын салалтатын норуот маастардарын кытта үлэлиир исписэлииһэ Ольга Судинова сырдатта.
“Амма олоҕо” хаһыат