Аны сайын буолаары турар өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын көрсө ыытыллар фестиваль чэрчитинэн Сулҕаччытааҕы Христофор Максимов аатынан культура уонна сынньалан киинэ уонна киин Сэргэ Бэстээҕи филиала (директор Жанна Максимова), биир дойдулаахпыт, ССРС суруйааччыта, норуот ырыаһыта, олоҥхоһут Екатерина Иванова киэҥник биллибит олоҥхотугар олоҕурбут синтез-испэктээкил көрдөрдүлэр. Сулҕаччыга 80 сыл буолан баран, олоҥхо кулууп сыанатыгар дьэ турда.
Туруорааччы режиссер — Мария Дьячковская. Олоҥхону сыанаҕа үгүс дьон саҥа көрдүбүт. Спектакль саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри дьон, бэл оҕолор, киирбэккэ-тахсыбакка, уу-чуумпутук, олус интэриэһиргээн, кэрэхсээн көрдүлэр. Оонньооччулар таҥастара-саптара, сыана, саала киэргэтиитэ, уота-күөһэ,тыаһа-ууһа, сахалыы тыыннаах музыканан доҕуһуолламмыта — бу барыта бэйэ бэйэтигэр сөп түбэһэрин, дьүөрэлэһэрин таһынан, артыыстар оонньууларын арыйан, ситэрэн, тупсаран биэрбитэ дьону олус сөхтөрдө. Бу киэһэ сыанаҕа оонньооччулар уонна саалаҕа олорор көрөөччүлэр, дьүүллүүр сүбэ бары биир киһи курдук олоҥхо туругар киирэн ыллыбыт. Элбэх киһи, сорохтор сыанаҕа олохторугар аан-бастаан тахсыбыттара, кыттыбыттара көрөөччүлэри, дьүүллүүр сүбэни кэрэхсэттэ.
Ол курдук бу синтез испэктээккэ 108 киһи кыттыыны ылла. Маны таһынан таҥаһы-сабы, оһуору-мандары тигиигэр талба талааннаах «Иис кистэлэҥэ», «Харысхал» куруһуок иистэнньэҥнэрэ, барыта 16 далбар хотун көмөлөлөстүлэр. Декорацияны, сыананы, сааланы киэргэтиигэр кулууп бэйэтин үлэһиттэрин сэргэ талааннаах уус дьоммут Дмитрий Максимов, Николай Протодьяконов, Роман Иванов, Анатолий Максимов, Валерий Ефремов, Никита Данилов көмөлөстүлэр. Нэһилиэк олохтоохторо бука бары кэриэтэ кулууп тула түмсэн, чахчы да, олоҥхо тыыннаах дьоро киэһэтэ буолла.
Испэктээкилгэ сүрүн оруоллары оонньоотулар: Аландаайы Куландаайы бухатыыр — Дениэль Матвеев, Нууралдьын Куо — Анастасия Фомина, Долгуручаан Куо — Александра Матвеева-Мичийэ, Арбай ойуун — Матвей Фомин, Тимир Дьиэрэнкэй абааһы бухатыыра — Степан Сутаков, Кыыс Ньургун — Мария Удина, Айдаарыкы араҕас айыы ата — Дмитрий Гоголев, Тимир Дэгэрээҥки сүүрүк абааһы ата — Иннокентий Борисов, маны таһынан биир сүрүн оруол, сэһэнньит — Анастасия Михайлова, Аал луук мас — Антонина Неустроева. Маассабай көстүүлэргэ культура киинин иһинэн үлэлиир: ийэлэр-эбэлэр «Күөгэйэ», «Күбэйэ», оҕолор «Арсон», ыччаттар «Ритм» үҥкүү бөлөхтөрө, дьахталлар «Туйаара», оҕолор «Үрдэл» вокальнай коллективтара, «Утум» фольклорнай бөлөх чабырҕахсыттара, «Дьиэрэй» сахалыы үнүстүрүмүөннэр (төрүт дорҕоон) ансаамбыллара, быһата нэһилиэк олохтоохторо, уһуйаан кыракый иитиллээччилэриттэн саҕалаан бары кытыннылар. Испэктээкил киирэр аантан саҕалаан, 9 хаттыгас халлаан арчыһыттара маанылаах айыы аһынан айах тутан көрсүүлэриттэн саҕаланан баран, орто дойду уйгулаах оһуохайынан түмүктэннэ. Дьүллүүр сүбэ болҕойон көрдө, иһиттэ уонна спектакль кэнниттэн барыбытын мунньан санааларын эттилэр, хайҕаатылар, кыра итэҕэстэр баалларын да ыйдылар, быһаардылар.
Нэһилиэк олохтоохторо уостан түспэт номох курдук 1943 сыллаахха, сэрии кэмигэр, оччотооҕу ыччаттар, сэрии толоонуттан бааһыран эргиллибит Уус Ааппый, Стручков Евграфий Константинович көҕүлээһининэн «Ньургун Боотур» олоҥхону сыанаҕа туруорбуттарын, онно сүрүн оруолларга кимнээх оонньообуттарын ыллаабыттарын-туойбуттарын билиҥҥэ дылы сөҕө кэпсииллэр. 80 сыл буолан баран, олоҥхо кулууп сыанатыгар дьэ турда.
Быһата саха народнай суруйааччыта Күннүк Уурастыырап суруйбутунуу «Саллар саас тухары олоххо, саханы үрдэтиэ олоҥхо…»
Елена ПОПОВА.