Айсен Николаев: «Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарарга төһөлөөх улахан кыахтаахпытын бэйэбит даҕаны ситэ билбэппит»

Бүгүн Амма улууһугар сырыытын кэмигэр Ил Дархан Айсен Николаев “Амма” тыа хаһаайыстыбатын астыыр-үөллүүр кооперативыгар сылдьан үлэни-хамнаһы көрдө, илин эҥэр улуустарга тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылары кытта мунньаҕы ыытта, “Дьиэ кэргэнинэн” диэн бүтүн Россиятааҕы бырайыакка кыттар Неустроевтар дьиэ кэргэттэрин кытта көрүстэ, итиэннэ быйыл сайын ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии хаамыытын билистэ. Ол эрээри сүрүн болҕомто үгэс быһыытынан тыа хаһаайыстыбатыгар туһуланна.

Чапчылҕан  нэһилиэгин “Амма” ТХППК биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр биир бастыҥ көрдөрүүлээх буоларын Айсен Сергеевич бэлиэтээтэ. Ол эрээри  туттуллар оборудованиета бүтэһигин 2006-2008 сыллардаахха саҥардыллыбыта, билигин  эргэрэн, нэһилиэнньэни бэйэ бородууксуйатынан хааччыйыыга кэккэ ыарахаттары көрсөр. Дьиэ-уот туругар даҕаны кыһалҕа элбэх.

Инникитин тыабыт хаһаайыстыбатын хайдах сайыннарабыт диэн боппуруос Ил Түмэн дьокутааттара, илин эҥэр улуустар баһылыктара, тыа хаһаайыстыбатын эппиэттээх үлэһиттэрэ кыттыылаах улахан мунньахха турда. Ону тобулар суоллары, этиилэри быһаччы үлэлэһэ сылдьар дьон киллэрбиттэрин сэҥээрдим. Саха сирин олохтоохторо бэйэ оҥоһуу, олохтоох аһылыгынан толору хааччыллыахтаахтар диэн сыалы-соругу тутуһан үлэни ыытабыт. Үбүлээһин сыллата эбиллэр эрээри, хомойуох иһин, бородууксуйабыт элбээбэт. Аҥардас үүт, эт тутар сыананы үрдэтэммит маны ситиспэппит диэн өссө төгүл этэбин. Улахан тэрилтэлэри, кооперативтары өйөөммүт эрэ онно тиийиэхпитин сөп. Дьон кэтэх хаһаайыстыбаны тутара аҕыйаан иһэр, ону кооперативтарга атыылаһан ылан сүөһү ахсаанын энчирэппэт гына хас даҕаны хайысханан үлэлиэхпитин наада. Маны сэргэ бурдугу, оҕуруот аһын үүннэриитин эмиэ тэҥҥэ тутар ирдэнэр, мелиорация үлэтэ барыахтаах. Үөрэрим диэн баар, дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Чукотканан Хабаровскай кыраайга сылдьыытын түмүгэр сорудахтара таҕыстылар, онно биир пуунунан Россия тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ Уһук илин субъектары кытта үлэлээн мелиорацияны манна ыытарга эттэ, онон бу өттүгэр үлэлэһэммит хамсааһын тахсарыгар бүк эрэллээхпин.

Маны кытта мүөтү оҥорон таһаарыы, отону хомуйан астааһын, эмтээх оту үүннэрии – төһөлөөх элбэх сайдар кыахтаахпытын бэйэбит даҕаны ситэ билбэппит. Маны сөпкө үлэлэттэхпитинэ, дьону өйөөтөхпүтүнэ, мин санаабар, тыа хаһаайыстыбатыттан эбии улахан дохуот киллэриниэххэ сөп.

Бүгүҥҥү мунньах түмүгүнэн мин анал сорудахтары таһаарыам. Өссө төгүл этэбин, тыа хаһаайыстыбатыгар үбүлээһини аҕыйатыа суохтаахпыт. Өрөспүүбүлүкэ салалтата, улуустар, нэһилиэктэр салалталара биир санаанан үлэлээммит нэһилиэнньэ олохтоох бородууксуйаны маҕаһыыннартан дэлэйдик атыылаһарын ситиһиэхтээхпит,— диэн мунньах түмүгүнэн Айсен Сергеевич санаатын этэр.

Маны тэҥэ өрөспүүбүлүкэ салайааччыта Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии туһунан санаатын үллэһиннэ. Ил Дархан саха култууратыгар Олоҥхо ыһыаҕа  бастыҥ бырааһынньык буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Ону тэрийиигэ уопут улаатан, бэлэмнэнии эрдэттэн ыытыллан кэнники сылларга ыһыах таһыма үрдээн иһэр диэн кини этэр. “Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников уонна Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин дакылааттарыттан Аммаҕа ыытыллар ыһыахха бэлэмнэниигэ уустуктар суохтар, барыта график быһыытынан баран иһэр. Мин бэйэм өттүбүттэн суолга-иискэ болҕомтону күүһүрдэргэ эттим. Дьону таһар автобустар тохтоло суох сылдьаннар дьон ыһыахха киирэр-тахсар усулуобуйата хааччыллыахтаах”,- диэн Айсен Сергеевич кэпсэтиибитин түмүктээтэ.

“Амма олоҕо” хаһыат.

Читайте дальше