Акулина Иванова “Күрэхпит салайар хаачыстыбаны арыйарга төһүү буолуо”

Кулун тутар 1 күнүгэр Н.Е. Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын көҕүлээһининэн лидер кыргыттарга аналлаах “Кыыс Чөмчүүк” диэн дьыалабыай оонньуу ыытыллыа. Тэрээһин өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын көрсө СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэхтээһинин туйгуна, СӨ муниципальнай сулууспатын туйгуна, Софья Сидорова аатынан бочуоттаах бэлиэ хаһаайына, өр сылларга Амма улууһун социальнай эйгэтин салайбыт  Прасковья Ивановна Емельянова  төрөөбүтэ 60 сылыгар ананан ыытыллар. Туох-ханнык сыаллаах оонньуунуй?

“Оонньуубут тэрийээччилэринэн  Бөтүҥ нэһилиэгин дьаһалтата,  нэһилиэк дьахталларын Сэбиэтин түмсүүтэ уонна биһиги буолабыт. Бу этиибитин кинилэр ылынан өйөөн, тэҥҥэ тэрийсэллэригэр махтанабыт. Партнердарбытынан Саха өрөспүүбүлүкэтин дьахталларын хамсааһынын Сойууһа,  Амма улууһун үөрэҕин салалтата, улуус дьахталларын сэбиэтин салалтата буолаллар. Маны сэргэ маннык ис хоһоонноох оонньуу ыытарбыт туһунан Прасковья Ивановнабыт төрөөбүтэ 60 сылын бэлиэтиир тэрээһиҥҥэ биллэрбиппитигэр биһигини “Подруги-Дьүөгэлэр” аһаҕас форум, Прасковья Ивановна чугас дьүөгэлэрэ эмиэ өйөөтүлэр, туох баарынан көмөлөһөргө бэлэмнэрин биллэрэн үөрүүбүт улахан.

 

Онон таһыммыт улаатта. Күрэхпит сүрүн сыалынан кыыс оҕону сахалыы сиэр-майгы, өй-санаа өттүнэн сайыннарыы, лидер кыргыттары киэҥ эйгэҕэ таһаарыы, билиһиннэрии, уопсастыбаҕа кыыс оҕо оруолун үрдэтии, оҕолор түмэр-салайар дьоҕурдарын үүннэрии, бэйэ-бэйэлэригэр истиҥ доҕордуу сыһыаны үөскэтии,  биһиги Прасковья Ивановнабыт курдук төрөөбүт дойдуга үтүө сыһыаҥҥа, тапталга  иитии буолар. Хас да сүүмэрдиир түһүмэхтээх. Ол курдук бастакы сүүмэрдиир түһүмэххэ өрөспүүбүлүкэ ханнык баҕарар оскуолатын үөрэнээччитэ кыттыан сөп. Хас биирдии оскуолаттан 1-2 оҕо (8-11 кылаас үөрэнээччитэ) кыттар кыахтаах. Кыттааччы сайаапкатын уонна куонкурус видеоларын олунньу 20 күнүгэр диэри тэрийэр хамыыһыйаҕа ыытар. Манна бэйэтэ туспа сорудахтаах. Хамыыһыйа олунньу 21-22 күннэригэр сүүмэрдиир түһүмэх түмүгүн таһаарар уонна иккис түһүмэххэ ааспыт кыттааччыларга тутатына биллэрэр. Бастакы түһүмэҕи ааспыт кыттааччылар иккис түһүмэххэ кулун тутар 1 күнүгэр Амма улууһун Бөтүҥ орто оскуолатыгар күрэхтэһэ кэлэллэр. Күн бүгүн   аҕыс сайаапка киирдэ”, — диэн Бөтүҥ орто оскуолатын дириэктэрэ Акулина Иванова сырдатта.

“Амма олоҕо” хаһыат

 

 

 

Читайте дальше