Юнармия Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат байыаннай- патриотическай хамсааһын өрөспүүбүлэкэтээҕи ыстаабын биир дойдулаахпыт Александр Кузьмин салайбыта номнуо төрдүс сылыгар барда. Бүгүн Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр биһиги Александры кытта төлөпүөнүнэн сибээскэ тахсан бу хамсааһын туһунан кылгастык сырдатарыгар көрдөстүбүт.
Александр Кузьмин 1993 сыллаахха Амма улууһун Эмис нэһилиэгиттэн 25 км тэйиччи сытар Олом Күөл диэн биир кэрэ айылҕалаах учаастакка начальнай кылааһы үөрэнэн бүтэрбитэ, көҥүл тустуунан аҕатыгар Николай Егорович Кузьмиҥҥа, уопсастыбаннай тренер салалтатынан дьарыктаммыта. Ол кэнниттэн тустуунан дьарыгын салгыыр баҕалаах В. Г. Короленко аатынан Амма 1 нүөмэрдээх орто оскуолатыгар 5-9 кылаастарга үөрэнэрин сэргэ, Н.С. Захаров — Сахаачча аатынан оҕо спортивнай оскуолатыгар, онтон салгыы Дьокуускай куоракка 5№-дээх спортивнай оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ, Дьокуускай куорат 31№-дээх оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитэ. Иитэр-үөрэтэр идэни талан, ситиһиилээхтик Саха судаарыстыбаннай университетын бүтэрэн баран, Аммаҕа кэлэн коррекционнай оскуола-интернатка физкультура учууталынан үөрэх эйгэтигэр үлэтин саҕалаабыта. Үлэлии сылдьан тэрийэр талаанын бэлиэтии көрөннөр улуустааҕы үөрэх управлениетыгар ыҥыран манна исписэлииһинэн, ол кэннитэн Н.С. Захаров-Сахаачча аатынан оҕо спортивнай оскуолатыгар дириэктэри солбуйааччынан үлэлээбитэ. 2016 сылтан Дьокуускай куоракка киирэн СӨ үөрэҕин министиэристибэтигэр иитии уонна эбии үөрэхтээһин салаатыгар үлэлээбитэ. Бу үлэлии сылдьан саҥа тэриллибит Юнармия Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат байыаннай-патриотическай хамсааһынын ыстаабыгар чилиэнинэн ылыллыбыта. 2020 сылтан бу Ыстаабы ситиһиилээхтик салайар.
—Александр Николаевич, бүгүн Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрэ. Онон аармыйаҕа быһаччы сыһыаннаах киһини истиҥник эҕэрдэлиибин. Дьэ кылгастык бу хамсааһын туһунан сырдатан ылбаккын ээ…
— 2016 сыллаахха Арассыыйаҕа Юнармия диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат байыаннай-патриотическай хамсааһына тэриллибитэ. Ити сыл биһиги Сахабыт сиригэр эмиэ бу хамсааһын салаата тэриллэн үлэтин саҕалаабыта. Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэбит 31 улууһугар 233 юнармейскай этэрээт баар. Онно 8 тыһ. кэриҥэ оҕо дьарыктанар. Сүрүн сыала диэн дойдуга бэриниилээх, чөл өйдөөх-санаалаах, чөл туруктаах дьону иитэн таһаарыы буолар. Юнармияҕа хайаатар да маршировка, автомат ыһыыта-хомуйуута эрэ буолбакка, оҕо араас сайдар хайысхаларынан интэриэһинэй дьарыктар ыытыллаллар. Манна баар оҕолор дойдубут ыытар иитии үлэтигэр сыһыаннаах араас күрэхтэргэ, конкурстарга, аахсыйаларга, лааҕырдарга сылдьаллар, бэйэлэрин кытта билсэллэр. Ону кытта биллэн туран биһиги ытык саастаах дьоммутугар көмө буолаллар, ону сэргэ дойдубут историятын үөрэтэллэр. Саамай сүрүнэ диэн кинилэр доруобай, дойдуларыгар бэриниилээх дьон буолан тахсалларыгар бу үлэ-хамнас барар. Күн бүгүн дойду үрдүнэн «Юнармия дьиэлэрэ» диэн юнармеецтары дьарыктыыр кииннэр тэриллэн үлэлэрин саҕалаан эрэллэр. Ол курдук 2021 сыллаахха Дьокуускай куоракка “Дом юнармии” тэриллибитэ. Былырыыҥҥы сыл түмүгүнэн ахсынньыга Мэҥэ Хаҥаласка «Кэрэли» эбии үөрэхтээһин киинигэр уонна Бүлүү улууһугар Герой Н. С. Степанов аатынан 3 нүөмэрдээх орто оскуолаҕа маннык дьиэлэр баар буолбуттара. Онтон быйылгы сылга Горнай уонна Алдан улуустара арыйарга бэлэмнэнэллэр. “Дом юнармии” статуһун ылбыт үөрэх тэрилтэлэрэ Арассыыйаттан бу дьиэ хааччыллыытыгар улахан материальнай-техническэй көмөнү ылаллар. Ол курдук мөлүйүөнтэн тахса суумалаах оборудование кэлэр. Онно сымнаҕас миэбэлтэн саҕалаан компьютердарга тиийэ, оҕолор дьарыктаналларыгар сөптөөх араас тэриллэр бааллар. Биһиги бүгүҥҥү биир үлэлээбит хайысхатынан анала байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытын өйөөһүн буолар. Былырыын Бүтүн Арассыыйатааҕы “Граффити защитник» патриотическай аахсыйа Дьокуускай куоракка аһыллыбыта. Манна биһиги биир дойдулаахпыт, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын Василий Данилов мөссүөнүн Юнармия оҕолоро анал худуоһунньугу кытта уруһуйдаабыттара. Бу аахсыйалар биһиги геройдарбыт сырдык ааттара умнуллубатын туһугар, кинилэр курдук хорсун буолалларыгар туһуланар. Маны сэргэ анал байыаннай сылдьар дьоммутугар волонтерскай, гуманитарнай көмөлөр куруутун оҥоһулла тураллар. Оҕолор блиндажнай чүмэчилэри, маскировочнай сеткалары оҥорууга эмиэ барытыгар көхтөөх кыттыыны ылаллар. Араас Арассыыйа таһымнаах күрэхтэргэ кыттаннар кыайыыны ситиһэллэр. Ол курдук холобура былырыын “Лидеры юнармии” диэн күрэххэ Арассыыйаҕа үһүс миэстэни ылбыттара. “Победа” диэн эмиэ Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-патриотическай күрэхтэргэ 70-тан тахса хамаанда кэлэриттэн куруутун 10 иһигэр киирэллэр. Уопсайынан Саха сирин дэлэгээссийэтэ Арассыыйатааҕы форумнарга, күрэхтэргэ, слеттарга ситиһиилээхтик кыттан дойдуларын аатын чиэстээхтик сүгэллэр.
— Эһиги өссө уопсастыбаннай үлэҕит быһыытынан Дьокуускайга олорор аммалары салайаҕыт, түмэҕит дии..
— Дьокуускай куоракка олорор биир дойдулаахтарбытын түмэр «Амма түмсүү» 90- сыллартан үлэлээн кэллэ. Былырыын уопсай сүбэнэн бу түмсүү салайааччыта буолбутум. Биһиги сүрүн үлэбитинэн Амматтан төрүттээх биир дойдулаахтарбытын түмүү, кинилэр араас хайысхалаах боппуруостарын быһаарыы, көмөлөһүү буолар.
Ааспыт сылга түмсүүбүтүн официальнайдык регистрациялаатыбыт. Ол курдук билигин НКО, ол эбэтэр коммерческайа суох тэрилтэ буолабыт. Бэйэбит туспа устааптаахпыт, бэчээттээхпит. Маны сэргэ эмиэ 2023 сылга анал бэлиэни саҥардан оҥордубут. Бу бэлиэни оҥорторууга Руслан Еремеевич Федотов күүс-көмө буолан, көхтөөхтүк үлэлиир биир дойдулаахтарбытыгар, кинилэр «Амма түмсүү» хамсааһын үлэтигэр үтүө өҥөлөрүн сыаналаан туран туттарабыт. Нэһилиэк түмсүүлэрин, улуус дьаһалтатын кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиибит, улууспут туһугар, дьоммут-сэргэбит түмсүүлээх, биир санаалаах, тирээн турар боппуруостары быһаарыыга бары дьулуһабыт, үлэлиибит.
—Александр, эппиэттэрин иһин махтал! Өссө төгүл Аҕа дойдулар көмүскээччилэр, күүстээх аҥардар бырааһынньыктарынан эҕэрдэлиибин! Оҕолору төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээх буола, ис сүрэхтэриттэн таптыы үөрэнэллэригэр иитэр үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабын.
“Амма олоҕо” хаһыат