Быйыл Арассыыйаҕа Учуутал уонна наставник сылыгар ыытыллыбыт “Саха сирин киэн туттуута” диэн норуот премиятын кыайыылааҕа, Дьокуускай куорат 6№-дээх оскуолатын дириэктэрин солбуйааччы, психолог, педагогическай наука кандидата, Эмис нэһилиэгиттэн төрүттээх Александра Ушницкая Чакыр нэһилиэгэр Прокопьевтар турбазаларыгар бэйэни чэбдигирдиигэ лааҕыр тэрийбитэ хаһыс да сылыгар барда. Быйылгы сезон биир уратылаах буолла. Бу туһунан Александра Егоровна бэйэтэ бу курдук билиһиннэрдэ.
“Биһиги уопсастыбаннай тренер Валерий Иванович Готовцевы кытта тохсус сылбытын бэйэ доруобуйатын бөҕөргөтүүгэ уонна уопсай ис туругу тупсарыыга туһуламмыт сайыҥҥы сынньалаҥнары тэрийэбит. Онно биһиэхэ Амма кэрэ айылҕата, ыраас өрүһэ күүс-көмө буолар. Онон Амманы талбыппыт мээнэҕэ буолбатах. Сайын аайы түөртүү сезон буолар. Онно биһиэхэ үксүн саастаах, бэйэлэрин доруобуйаларын чэбидигирдиэн баҕарар дьон кэлэллэр. Быйылгы сезоммут уратылаах буолла. Ол курдук бастакы уонна иккис сезоҥҥа “Эбэ сиэнинээн” диэн бырагыраама үлэлэттибит. Манна 10-12 саастаах сиэннэрин кытта эбэлэр кэлэн сынньаннылар. Биир нэдиэлэлээх бырагыраамаҕа 15 миэстэ оҕоҕо уонна кинилэр эбээлэригэр. Араас улуустартан кэлбиттэрэ. Бастакы сезоҥҥа Булун улууһуттан тиийэ кэлэ сылдьыбыттара. Ону сэргэ Бүлүүттэн, Намтан, Амматтан, Дьокуускайтан бааллар. Бу лааҕыр биир сүрүн соругунан эти-хааны чэбдигирдии эрэ буолбакка, оҕолор кэлэктиип олоҕунан олорууга үөрэниилэригэр, наар бэйэ эрэ иннин көрүнэ сылдьыыларын суох гынар, ону сэргэ санааларын бөҕөргөтөллөрүгэр, өй-санаа өртүнэн уларыйыыларыгар, бэйэ күүһүн күүһүрдүүлэригэр ууруллар.
-Бырагыраамаҕа туох киирэрий?
-Бырагыраамабытыгар эбэлэргэ уонна сиэннэргэ туспа дьарыктар ыытыллаллар. Ол курдук холобура эбэлэр сарсыарда 7 чаастан туран сэрээккэ уонна гимнастика оҥороллор. Онтон оҕолорго сарсыарда 8 аҥаар чаастан эмиэ эти-хааны эрчийиигэ сэрээккэлэр буолаллар. Ол кэнниттэн сарсыардааҥҥы сөтүө буолар. Онтон тахсан баран сарсыардааҥҥы аһылыкка көрсөллөр. Манна холбуу тутан эттэхпинэ, Прокопьевтар турбазалара олус үчүгэй аһылыктаах. Күҥҥэ түөртэ аһаталлар. Хас сезон аайы кус миинэ, ис миинэ баар буолар. Бэйэлэрин сибиэһэй үүттэрэ, сүөгэйдэрэ, сымыыттара… Бырагыраама туһунан салгыы этэр буоллахха, оҕолорго ушуга анал дьарыктар, онтон эбэлэргэ сүһүөх ыарыытыгар, уопсай туругу бөҕөргөтүүгэ маастар-кылаастар буолаллар. Маны сэргэ психолог үлэлээтэ. Ол курдук уопуттаах психолог-тренер Тимофей Афанасьевич Григорьевы ыҥырбыппыт. Кини оҕолорго трениннэри, бэйэни кытта үлэлэһиини уонна оҕолор бэйэлэрин икки ардыларыгар бодуруһууларыгар аналлаах дьарыктары ыыппыта. Мин бэйэм бырайыактары бэлэмнииргэ үөрэппитим. Онно оҕолор “Мин баҕа санаам турбазата” эбэтэр “Мин баҕа санаам сайыҥҥы лааҕыра ” диэн бырайыак оҥорбуттара. Манна кинилэр үс хамаандаҕа арахсан үлэлээбиттэрэ. Онно оҕолор наһаа үчүгэйдик, умсугуйан туран дьарыктаннылар. Эбийиэктэрин барытын кумааҕыттан кырыйан, кырааскаалаан оҥорон көмүскээтилэр. Эбэлэр ону истибиттэрэ, араас ыйытыылары биэрбиттэрэ. Олус интэриэһинэй бырайыактар буолбуттара. Финансовай грамотнаска кытта үлэлэстилэр. Онно холобур бу турбазаларын, лааҕырдарын тутууга төһө үп барарын кытта кэпсээтилэр. Өссө Короленко хайатыгар бара сылдьыбыппыт. Онно оҕолор эрдэ эбэлэриттэн Владимир Короленко туһунан элбэҕи билбиттэр этэ. Маны сэргэ идэни таба талыыга эмиэ кэпсэттибит. Аны өссө Харыйалаах диэн сиргэ барыы туспа интэриэһинэй буолла. Тоҕо диэтэр оҕолор аан бастакытын сардаана сибэкки хойуутук үүнэр сирин көрөн, Амма кэрэ айылҕалаах сир буоларын биллилэр. Бу сынньаммыт күннэригэр барытыгар дневник курдук толордулар. Онно анаан барытын эрдэ блокнот, ручка ылан бэлэмнээбиппит. Күннэрэ хайдах ааспытын суруйан, ырытан иһэллэр.
—Оҕолор сынньалаҥнарын оччотугар сөбүлээтилэр?
-Оннук. Холобура сарсыарда эрдэ хаһан да сэрээккэ оҥорботох оҕолор бааллар этэ. Бастаан ыарырҕатыах курдук буолан баран, олус сөбүлээтилэр. Ушунан дьарыктаннылар. Билигин үгүс оҕо компьютерга олорор буолан тобуга, тоҥолоҕо көммөт буолла. Дьэ ону көннөрүүгэр сүрдээх үчүгэй дьарыктар буолан оҕолор астыннылар. Тобуктара лаһырҕыы сылдьар оҕолор бааллар этэ. Ол дьарыктар кэннилэриттэн олох тыаһаабат буолан бэйэлэрэ да сөхтүлэр. Бу дьарыктарын салгыы салгыахтарын, саатар нэдиэлэҕэ үстэ игин сэрээккэлиэхтэрин наада. Аны күн устата төлөпүөнэ суох сылдьаллар. Киэһэ 7 чааска ылан баран төттөрү 9 чааска туттараллар. Ону оҕолор эмиэ сөбүлээтилэр. Онон даҕаны буоллаҕа, кытаанахтык утуйаллар. Эрдэ бэйэлэрэ мунньахтаан бу быраабылаҕа сөбүлэспиттэрэ.
—Онтон эбэлэргэ туох дьарыктар сүрүннээн буоллулар?
-Эбэлэр буоллаҕына сүрүннээн уҥуох, сүһүөх хамсаныыларыгар, сис тоноҕоһугар туһалаах дьарыктары бардылар. Ноҕоруусканы сүрдээҕин тулуйдулар. Мин бэйэм үһүс сылбын ууга аквафитнес ыытабын. Ол эбэтэр иҥиирдэри ууннарыыга, сүһүөхтэри имитиигэ ууга дьарык олус суолталаах уонна түмүктэрдээх. Ону сэргэ киэһэ аайы ырыа-тойук, араас тэрээһин элбэх. Аны “пионер-бол” оонньууну олус астыннылар. Бары даҕаны. Онно оҕолорго эрдэ бу оонньууну үөрэппиттэрэ. Дьэ ол кэнниттэн эбэлэрин кытта күрэхтэһэн, эбэлэр оонньуулларыттан бэркэ сөхтүлэр.
— Олорор корпустар хайдахтарый, бииргэ дуо?
-Оҕолор уонна эбэлэр тус туспа корпустарга олороллор. Эрдэттэн эбэлэргэ оҕолоргутун олус көрө-истэ сылдьыбаккыт диэн эппиппит. Аһыылларыгар эрэ бииргэ. Онон улаатан эрэр оҕолор бэйэлэрин бэйэлэрэ көрүнэн, быһаарыы ылынан сылдьалларыгар, өйдөрө-санаалара сааһыланарыгар маннык бырагыраама туһалаах эбит дии санаатыбыт уонна кэскиллээх буолуо диэн эрэллээхпит”.
Ааптар: ”Амма олоҕо” хаһыат