Саха дьахтара барахсан сайыммыт төһө да кылгас, кыл түгэнэ буоллар, дьиэтээҕилэрин сибиэһэй, иҥэмтэлээх аһынан аһатаары оҕуруот аһын сыллата хото олордор, бүөбэйдиир үгэстээх. Уһун кыһыммытыгар бэйэ олордубут битэмииннээх аһылыгын сиир бэртээхэй бөҕө буоллаҕа. Оннук Алтан нэһилиэгин биир бастыҥ оҕуруотчутунан Харитина Новикова буолар.
Алтаммытыгар оҕуруотчут дьахталлартан биир бастыҥнарынан Харитина Дмитриевна Новикованы ааттыыбыт. Кини олоҕун улахан аҥаарын, ол эбэтэр түөрт уонтан тахса сыл уһук хоту Өлөөн улууһугар атаарбыта. Бэйэтэ уот ыстаансыйатыгар кылаабынай буҕаалтырынан, кэргэнэ Василий Васильевич “СахаТелеком” Өлөөннөөҕү салаатын начаалынньыгынан өр кэм үлэлээбиттэрэ. Икки кыыстаах, алта сиэннээх, түөрт хос сиэннээх хос эбээ-эһээ аатын номнуо сүкпүттэрэ. Сааһыран бараннар, Харитина Дмитриевна дойдутугар чугаһаан, Алтаҥҥа 2017 сылга көһөн кэлиэхтэриттэн дьиэ-уот туттан, оҕуруот аһын эгэлгэтин ыһаннар быр-бааччы олороллор. Ол курдук, оҕурсууну, помидору, кабачогу, биэрэстэри, хортуосканы, сүбүөкүлэни, дьэдьэнниҥи астаах үүнээйилэри, клубниканы уо.д.а. хото олордоллор. Тэлгэһэлэрин күөх үүнээйи арааһа, сибэкки дьэрэкээнэ киэргэтэр. Харитина Дмитриевна кэлиҥҥи сылларга оҕуруоччуттарга олус күүскэ тарҕамматах көрүҥү, элбэх көрүүнү-истиини эрэйэр, хаппырыыс үүнээйилэртэн биирдэстэрин — Соҕуруу Эмиэрикэттэн төрүттээх арбуһу интэриэһиргээн олордор, көрөр-бүөбэйдиир.
«Биһиги тыйыс усулуобуйабытыгар да арбууһу үүннэриэххэ сөп. Эрдэ сабыылаах теплица иһигэр үүннэрэр этим, аһа оччо элбэҕэ суох, уонна силигин сиппэккэ хаалар да түгэннэрэ бааллара. Билигин интэриниэт үйэтигэр киһи дьон хайдах олордорун үөрэтэр-сыныйар кыахтаах. Ол курдук, Нам Модутугар олорор, уонтан тахса сыл арбуз үүннэриитинэн дьарыгырар Спиридон Шамаев бассаап бөлөҕөр киирэммин сүрдээх суолталаах сүбэлэри ыллым, ону туһанным. Быйыл арбууспун саас арассаадалыырбар тыква атаҕар хатыһыннаран (прививка) олордубутум. Маннык хатыһыннарыы түмүгэр үүнээйи силиһэ модьу-таҕа, тымныыны тулуйумтуо, ыарыыга ылларбат, аһа бөдөҥ буолар эбит. Өскөтүн, былырыын мин 6 угу олордубут буоллахпына, кыралыын-улаханныын отучча арбууһу хомуйбутум. Муҥутуур ыйааһына 6 киилэ этэ.
Быйыл хортуоскам сириттэн арааран 22 угу 3 кирээдэнэн олордубутум. Кирээдэлэргэ сиигин тутар гына салапаан тэлгэтэлээбитим, арассаадаларбын ону ойута быһан үүннэрбитим.
Үрдүн сылааһы тутар аныгы нутрисил матырыйаалынан бүрүйбүтүм. Буоругар кумах уонна кунус куппутум. Уутун уоннуу хоно-хоно тулалыыр эйгэттэн тутулуктаан кутарым. Кирээдэлэр кытыыларынан уу сылаангата ыытан хааппыланан кутуу (капельный полив) ньыматын туһанным. Элбэх ууну кутар наадата суох, силиһэ сытыйан тахсыан сөп. Ситэллэригэр диэн крапива үүнээйини, биитэр күлү көөнньөрөн кутар ордук. Бу курдук биэбэйдээн быйылгы хомуурум уруккуларбын куоһаран, уопсайа 110 устуука арбууһу хомуйдум. Саамай ботуччу ыйааһыннааҕым 9,7 киилэ буолан үөртэ. Биһиги да тыйыс усулуобуйабытыгар соҕуруу дойдулар астарын үүннэрэн сиэххэ сөп. Арбуустарбын оҕолорбор, сиэннэрбэр сиэтэбин, аймах-билэ дьоммор, ыалларбар бэрсэбин», — диэн Харитина Дмитриевна бэйэтин уопутун үллэһиннэ.
Бу курдук, балысхан сайдыы кэмигэр оҕуруотчут дьоммут олоҕу кытары тэҥҥэ хардыылаан иһэллэр, саҥаттан-саҥа, сонунтан-сонун үүнээйилэри хонуу үөрэхтээх дьонтон итэҕэһэ суох ымпыгар-чымпыгар тиийэ үөрэтэллэр, олордоллор, бүөбэйдииллэр.
Татьяна АТЛАСОВА