Алтан уһуйааныгар оҕолор сахалыы тыыҥҥа иитиллэллэр

Алтаннааҕы «Кэскил » уһуйааҥҥа нэдиэлэ төрдүс күнэ төрөөбүт төрүт үгэспитигэр, тылбытыгар ананар. Иитээччилэр үлэлэрин нэһилиэк аҕам саастаахтарын кытта ыкса ситимнээхтик ыыталлар. Саҥа сыл бастакы ыйыгар бастакы тэрээһиннэрэ бэрт сэргэхтик аастылар.

Нуучча омук улуу педагога Константин Ушинскай: «Хайа баҕарар киһи төрөөбүт-үөскээбит, силис тардыбыт сирэ, итиллибит айылҕата, дьоно-сэргэтэ — тус бэйэтин өйө-санаата, быһыыта-майгыта сайдарыгар быһаарар күүстээхтэр. Киһи бэйэтин норуотун култууратыгар, тылыгар, историятыгар, үгэстэригэр утумнаахтык иитиллиэхтээх» — диэн бигэргэтэр. Алтаммыт «Кэскил» оҕо уһуйаанын үлэһиттэрэ бу этиигэ кыттыһан иитиллээччилэрин сахалыы тыыҥҥа такайан таһаараллар. Ол курдук, нэдиэлэ хас чэппиэрэ уһуйааҥҥа сахалыы күнүнэн буолар. Бу күн иитээччилэр, иитиллээччилэр бары сахалыы таҥастаах кэлэллэр, күннээҕи менюларыгар сахалыы ас буолар, сарсыардаларын оһуохайтан саҕалыыллар.

Сыллааҕы былааннара сахалыы халандаарынан ситимнэнэр. Ыйдарынан аралдьытыылара барыта туһунан тиэмэлээх, ис хоһоонноох. Уһуйаан үлэһиттэрэ оҕо кыра сааһыттан өбүгэ үгэстэригэр сүгүрүйдэҕинэ, олоҕун-дьаһаҕын биллэҕинэ, сиэрин-туомун тутустаҕына, кырдьаҕас дьоҥҥо убаастабыллаахтык, айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһа, кырдьаҕаһы-кыамматы ытыктыы үөрэниэ, сиэр-майгы өттүнэн иитиллэн тахсыытыгар туһалаах, инникилээх буолуо диэн санаанан салайтараллар. Ол курдук, нэһилиэк аҕам саастаахтарын түмсүүтүн кытары ыкса ситимнээх үлэлэрин сыл бастакы ыйыгар «Таайтарыылаах таҥха оонньуулара» тэрээһинтэн саҕалаатылар.

Кырачаан иитиллээччилэргэ «алаадьылаах эбээлэр» күндү ыалдьыт буолан кэлэннэр сахалыы сиэри-туому тутуһан алаадьылаах быырпаҕынан күндүлээтилэр, Таҥха Хаан ыйын билиһиннэрдилэр, өбүгэлэрбититтэн аныаха диэри кэлбит түөрэх, хамыйах быраҕыытын оонньоттулар.

Аралдьытыыга маны сэргэ, дьүөрэлээн, иитээччилэр ойбону көһөрүү, күлүүстэһии, тобук тардыһыы, быа эрийии диэн төрүт оонньуулары оонньотон оҕолор болҕомтолорун тартылар.

«Оҕо уһуйаанын, орто оскуола оҕолорун кытары уруккута «Алгыс» аҕам саастаахтар түмсүүлэрэ ыкса үлэлиирбит, ыйдарынан, сахалыы халандаарынан аралдьытыы ыытыыга кыттыһарбыт. Хас тиийиибитигэр куруук алаадьыбытын туппутунан сылдьарбыт, онон оҕолорго «алаадьылаах эбээлэр» диэн өйдөрүгэр иҥэн хаалбыппыт. Тиийдэхпитинэ «алаадьылаах эбээлэр» кэллилэр диэн үөрэ-үмүөрүһэ түһэллэрэ. Бу кэлиҥҥи сылларга сөргүтэн, оҕо тэрилтэлэрин кытары үлэбитин ситимнээхтик былааннаан үлэлэһэн эрэбит. Оҕо уһуйааныгар бу нэдиэлэ бүтүүтэ бэртээхэй аралдьытыыга сырыттыбыт, үс бөлөх оҕолоро сүрдээҕин сонургуу көрүстүлэр, бары сахалыы таҥастаахтара көрүөхтэн эриэккэс. Бэйэбит да үөрэттибит, бэйэлэриттэн да үөрэннибит. Миигин кытары түмсүүм чилиэннэрэ Раиса Ивановна Адамова, Татьяна Михайловна Окорокова уонна Мария Семеновна Неустроева сылдьыстылар. Бу тэрээһиннэр икки өрүттээхтэр, оҕолорго үөрэх, биһиэхэ — дьиэҕэ олорор биэнсийэлээх дьоҥҥо аралдьыйыы буолар. Онон былааннаахтык үлэлииргэ бэлэммит», — диэн нэһилиэк аҕам саастаахтарын түмсүүтүн салайааччыта Марина Михайловна Лыткина санаатын үллэстэр.

«Уруккуга-ааспыкка тирэҕирбэт көлүөнэ инникитэ суох» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Нэһилиэкпит аҕам саастаах көлүөнэтэ кэнчээри ыччаты сахалыы тыыҥҥа иитиигэ кыттыгастара үтүө өрүттээх, инникилээх буоллун диэн алҕыыбыт.

Татьяна АТЛАСОВА

Читайте дальше