Екатерина Никитина аатынан Алтан орто оскуолатыгар төрөөбүт тыл, сурук-бичик нэдиэлэтин түмүктүүр тэрээһининэн орто уонна улахан бөлөх уолаттарын икки ардыларыгар оскуола иһинээҕи «Басхан» дьыалабыай оонньуу-күрэх буолла.
Күрэх сыалынан-соругунан уол оҕону сахалыы сиэр-майгы, өй-санаа өттүнэн сайыннарыы, киэҥ эйгэҕэ таһаарыы, билиһиннэрии, уол оҕо оруолун уопсастыбаҕа үрдэтии, түмэр-салайар дьоҕурдаах оҕолору үүннэрии, оҕолор бэйэ-бэйэлэригэр истиҥ доҕордуу сыһыаны үөскэтии, төрөөбүт дойдуга үтүө сыһыаҥҥа, тапталга иитии буолар.
Кыттааччылар түөрт түһүмэҕинэн тургутууну аастылар. «Удьуор утума» түһүмэххэ кыттааччы төрдүн-ууһун билиһиннэрдэ (кыттааччы төрдүн-ууһун, удьуор утумун төһө элбэх көлүөнэҕэ диэри билэрэ ордук сыаналанна. Талааннаах, биллэр-көстөр удьуор утумун ордук чорботон видеослайданы көмөлөһүннэрэн кэпсээтилэр-билиһиннэрдилэр.
«Дойду салайааччылара мин харахпынан» – М.К.Аммосов, М.Е.Николаев, Е.А.Борисов, А.С.Николаев, В.А.Штыров, И.Н.Барахов — оскуола иһинээҕи күрэххэ эрдэ талан ылан слайданы тирэхтэнэн хайдах киһитин, салайааччытын, историяҕа суолтатын, сабыдыалын ырытан, бэйэлэрин санааларын киэҥник эттилэр.
«Өркөн өй» түһүмэххэ блиц-ыйытыыларга хоруйдаатылар, уопсай билиигэ өйү тургутан көрдүлэр. Бу түһүмэххэ хас биирдии кыттааччыга 5-7 кылаастарга 3 ыйытыы, улахаттарга 10 ыйытыы бэрилиннэ.
Төрдүс түһүмэххэ улахан кылаастарга «Айыы умсулҕана» – хоһоон строкатын тутатына ситэрэн, салҕаан айар, холонон көрүү буолла. Хас биирдии кыттаачыга 2 строкалаах араас тиэмэҕэ хоһоон бэрилиннэ, ону кыттааччылар ситэри айан, бар дьоҥҥо доргуччу ааҕан иһитиннэрдилэр.
Басхан -2024 күрэххэ уопсайа биэс уол кытынна:5 кылаастан Тихонов Сандал, салайааччыта Колесова Г. Е., 6 кылаастан Бурнашев Алеша, салайааччыта Стручкова Г.И., 7 кылаастан Ильин Егор, салайааччыта Алексеева Л.М., 8 кылаастан Денис Устинов, салайааччыта Адамова В.К., 10 кылаастан Адамов Александр, салайааччыта Неустроева А. Г.
Күрэх дьүүллүүр сүбэтигэр Наталья Александрова – оскуола бибилэтиэкэрэ, Семен Петров — история уонна обществознание учуутала, Айурана Шишигина – оскуола төрөппүттэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ үлэлээтилэр.
Күрэҕи иитэр үлэ сүбэһитэ Айталина Тихонова тэрийэн, иилээн-саҕалаан ыытта.
Түмүккэ: «Кыайыыга дьулуур» анал ааты Сандал Тихонов, «Удьуор утумун салҕыыр Басхан» — Бурнашев Алеша, «Сайдам саҥа Басхана» — Ильин Егор, орто бөлөх кыайыылааҕынан 1 үрдэли ыллылар.
Улахан бөлөххө 1 үрдэли Денис Устинов ылла, кылаан чыпчаалы уонна «Басхан — 2024 сыл» оонньуу муҥутуур кыайыылаҕынан Александр Адамов ааттанна.
Айталина Тихонова, Е.С.Никитина аатынан Алтан оскуолатын дириэктэрин иитэр үлэҕэ сүбэһитэ.