Алтаҥҥа үбүлүөйдээх сезон кэнсиэрэ Алексей Адамовка ананна

Алтаммытыгар «Иэйии» култуура киинэ 50-с үбүлүөйүнэй сезонун арыйар кэнсиэрэ биир дойдулаахпыт Алексей Адамовка ананан «Сүрэх сылаас иэйиитинэн» аһымал аахсыйа быһыытынан ааста.
Алексей Степанович оҕо сааһа ытык Амма хотугулуу сытар нэһилиэгэр, суон сурахтаах Суола үрэх сүнньүгэр, мыраанынан хаххаламмыт, солколуу суугунас чараҥнардаах Алтаҥҥа кыһалҕаны билбэккэ ааспыта. Чурапчы Төлөй нэһилиэгэр олохтоох дьаһалта успуорка исписсэлииһэ, түөрт оҕо амарах аҕата, хайыһарга Арассыыйа спордун маастарыгар кандидат, бастыҥ уопсастыбанньык. Уолбут оҕо эрдэҕиттэн кутугар угуттуу сылдьар барыга бары сыстаҕас, улгум, үтүө өрүтүнэн дьоҥҥо сөбүлэтэн, үлэ үөһүгэр сылдьан ыарахан ыарыыга ылларан үтүө санаалаах бар дьонуттан көмө көрдүүргэ күһэллибитэ. Бу орто дойдуга киһи олоҕор үчүгэй уонна куһаҕан солбуйса сылдьаллара баҕарбатарбыт да баар суол. Саха дьоно барахсаттар өбүгэлэрбит саҕаттан бэйэ-бэйэни өйөөн-убаан, кыһалҕалаахха көмөлөһөн баччаҕа диэри тиийэн кэллэхпит. Онон Алтаммыт үтүө санаалаах дьоно аһымал аахсыйаттан туора турбакка сэмэй кылааттарын киллэристилэр. Аҕалар түмсүүлэрэ Василий Чабыкин көҕүлээһининэн балаҕан ыйын бүтэһик күннэриттэн аһымал хомуурун саҕалаан икки нэдиэлэттэн ордугунан нэһилиэкпит уонна Алтантан төрүттээх дьоммут-сэргэбит көмөтүнэн 230 тыһыынча солк. сууманы хомуйан туттардылар. Аһымал аахсыйа кэнсиэриттэн киирбит үбү холбоон уопсайа 272 700 уу харчынан көмөнү нэһилиэк баһылыга Николай Карамзин Алексей бииргэ төрөөбүт эдьиийигэр Сардаана Степановнаҕа үтүө баҕа санаалары этэн туран үрдүкү сыанаттан туттарда.

Аһымал аахсыйа кэнсиэрин иилээн-саҕалаан ыыппыт «Иэйии» култуура киинин үлэһиттэрин, уус-уран самодеятельность кыттыылаахтарын, көрөөччүлэр, хас биирдии көмөлөспүт, сүрэхтэрин сылааһыттан бэрсибит дьон баҕа санаалара, алгыс тыллара хара дьай ыарыытын көҥү көтөн биир дойдулаахпыт Алексей уруккулуу чөлүгэр түһэн, санаата бөҕөргөөн туруга тупсарыгар, тирэҕэ чиҥииригэр олук буоллун.

Татьяна АТЛАСОВА

Читайте дальше