Төрүттэрбит былыр төбүрүөннүү түөлбэлээн олорор алаастарын дьонун-сэргэтин урууларын курдук чугастык саныыллара. Бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэн, өйөһөн-өйөнсөн аныаха диэри ол үтүө үгэс көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн кэллэҕэ. Аныгы үйэ уларыйа-тэлэрийэ турар кэмигэр, дьалхааннаах олоҕор майгы-сигили төһө да тэҥҥэ саппай уобустар, тыйыс усулуобуйаҕа олорор дьон быһыытынан уйулҕабыт онуоха атылыы. Саха киһитэ тулуурун, булугас-талыгас тобуллаҕас өйүн, ыарахантан чаҕыйбат кытаанах майгытын таһынан, өбүгэ саҕаттан илдьэ сылдьар үтүө өрүтэ — аһыныгас санаата хайа да кэми куоһаран, хас да үйэни уҥуордаан кырдьаҕастан эдэргэ утаарыллан, салҕанан-саһарҕаланан иһэр. Уйулҕа бу көстүүтүгэр олорор усулуобуйа – климат дьайарын өссө былыргы үйэлэр философтара Демокрит, Аристотель үөрэппиттэрэ.
Алтан нэһилиэгин дэлэгээссийэтэ Намнааҕы социальнай геронтологическэй кииҥҥэ биир дойдулаахтарын көрсөн, үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээн кэллилэр. Анастасия Чемезова бу кииҥҥэ олохсуйбута номнуо уонтан тахса сыл буолла. Үүммүт сыл бастакы ыйыгар 65 сааһын томточчу туолла. Геронтологическэй киин туһунан кылгастык сырдатар эбит буоллахха, Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Демография» национальнай бырайыак ситиһиилээхтик олоххо киириитин туоһутунан Нам улууһугар кырдьаҕастарга уонна инбэлииттэргэ анаммыт саҥа социальнай геронтологическэй киин тутуллан үлэҕэ киириитэ буолар. Ааспыт сыл сэтинньитигэр бу икки мэндиэмэннээх таас уораҕай үөрүүлээх арыллыытын туһунан аахпатах-истибэтэх киһи аҕыйаҕа буолуо. Аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир киэҥ-куоҥ хостордоох, аралдьытарга аналлаах спортивнай, аактабай саалалардаах, уһанар мастарыскыайдаах, остолобуойдаах, этээс аайы сынньанар муннуктардаах, килэйэн-халайан дьэ бэртээхэй да тутуу эбит.
Чахчы да кырдьаҕастары чэбдигирдэр, доруобуйаларын бөҕөргөтөр, ис туруктарын сааһылыыр уонна үйэлэрин уһатар хайысхалаах үлэни ыытарга табыгастаах усулуобуйалаах. Бу киин Намнар биир дойдулаахтара, Көбөкөнтөн төрүттээх Аҕа дойду улуу сэриитин, Ленинград блокадатын кыттыылааҕа, үлэ бэтэрээнэ Татьяна Кондратьевна Ядрихинская аатын сүгэр. Сэрии сылларыгар Ленинградтааҕы театральнай институт устудьуона – эдэркээн Таня Ядрихинская ол сыллар иэдээннээрин этинэн-хаанынан билбитэ, гуоспуталга санитарканан үлэлээбитэ, бииргэ үөрэнэ сылдьар дьүөгэтэ кини илиитигэр өлөөхтөөбүтэ. 96 сааһыгар тиийэр дьылҕалаах буолан, этэҥҥэ тыыннаах эргиллэн, үлэлээн-хамсаан, дьоһун олоҕу олорон дойдуга бэриниилээх буолуу чаҕылхай холобурун көрдөрбүтэ. Дьоно-сэргэтэ ытыгылаан кини аатын бу кииҥҥэ иҥэрбиттэрэ. Дэлэгээссийэбитин киин салайааччыта Анастасия Заболоцкая, култуурунай-маассабай тэрийээччитэ Мария Матвеева үөрэ-көтө көрүстүлэр. Мария Васильевна кэритэ сылдьан интэринээт дьиэ хаһан арыллыаҕыттан бу саҥа уораҕайга көһөн киириэхтэригэр диэри хайдах туох үлэлии олороллорун билиһиннэрдэ, киин олохтоохторугар туох тэрээһиннэр ыытыллалларын, күннээҕи түбүктэрин, аралдьытыыларын кэпсээтэ. Кырдьаҕастарын оҕолуу «һыллыай» диэн ыҥырарын бэрт сэргии иһиттибит. Номоҕон, холку көрүҥнээх, сэмэйдик, биир тэҥник саҥарар, сырдыгынан сыдьаайа сылдьар Мария Васильевнаны көрөн, чахчы, кырдьаҕас, чараас дууһалаах дьону кытта алтыһарга ананан төрөөбүт киһи дии саныыгын. Болдьонуллубут бириэмэҕэ киин олохтоохторо аактабай саалаҕа сардааналаах кытыллаах, дыргыл сыттаах дьэдьэннээх Амма улууһун дьонун-сэргэтин көрөөрү муһуннулар.
Биһиги дэлэгээссийэбитигэр ыҥырыыны ылынан нэһилиэкпит үһүс көлүөнэ түмсүүтүн «Алгыс» үҥкүү бөлөҕүн далбардара Альбина Шишигина, Тамара Карамзина, Елена Неустроева, Татьяна Дьячковская, Розалия Сутакова, Вера Новикова уонна Розалия Чабыкина барсан үҥкүүлээн, ыллаан киин олохтоохторун сэргэхситтилэр. Биир дойдулаахпытыгар Анастасия Титовнаҕа Алтан орто оскуолатыгар бииргэ үөрэммит дьүөгэлэрэ бэлэхтэрин ыытан эҕэрдэлэрин тириэртилэр.
Үрдүкү сыанаттан Анастасиябытыгар үбүлүөйүнэн эҕэрдэ тылларын кытары олохтоох дьаһалта уонна аҕам саастаахтар түмсүүлэрин бэлэхтэрин туттардыбыт. Киин олохтоохторугар уонна үлэһиттэригэр анаан дойдубут көмүс хатырыктааҕыттан, лоһуор соботуттан, алаас барыанньатын, үрүҥ аһын, куһун уо д.а. кэһиилээтибит. Кырдьаҕастар барахсаттар аҕыйах нүөмэрдээх кэнсиэрбит устатын тухары тэҥҥэ ылластылар, кэрэ эйгэҕэ кыттыстылар. Бу күн биир дойдулаахпытыгар Анастасия Титовнаҕа чахчы оҕолуу үөрүүнү, дьолу бэлэхтээтэ.
Олох суола дэбигис биир кэлим буолбат. Ардыгар көнө ньуурдаах, өргөскө тахсыылаах, хайа эрэ тоҕойго түһүүлээх, нэксиэлээх буолара аҥардас киһиттэн эрэ тутулуга суох. Онон кырдьар сааска соҕотох хаалар түгэннэр хомойуох иһин, олоххо баар көстүү. Маныаха олоххо эрэли үөскэтэр, биир саастыылаахтары, кыһалҕалаахтары кытары алтыһыннарар сиринэн маннык кииннэр буолаллар. Түгэнинэн туһанан, нэһилиэкпит аҕам саастаахтарын түмсүүтүн кыттыылаахтарыгар, бэрэссэдээтэлигэр Марина Лыткинаҕа, ыраах айаны аахсыбакка Намҥа барса сылдьыбыт үһүс көлүөнэ үҥкүүһүт, ырыаһыт далбардарыгар, сымнаҕас сырыылаах суоппарбытыгар Андрей Уваровскайга дириҥ махталбытын тириэрдэбит.
Татьяна АТЛАСОВА