Олунньу 2-3-4 күннэригэр Майатааҕы Д.Ф.Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр VII өрөспүүбүлүкэтээҕи «Алыптаах мааска» норуот тыйаатырдарын бэстибээл-күрэстэрэ ыытылынна. Бу тэрээһини кытары тэҥинэн норуот тыйаатыра норуодунай ааты ылбыта 60 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйэ бэлиэтэннэ. Онон, майаларга чахчы да сүдү суолталаах бэртээхэй тэрээһин ыытылынна.
Бэстибээл-күрэскэ өрөспүүбүлүкэбит биллэр-көстөр, 20-тэн тахса норуот тыйаатырдара, ол иһигэр 330-тан тахса артыыс кыттыыны ыллылар. Ол курдук, Сунтаар, Ньурба, Кэбээйи, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Нам, Хаҥалас, Уус-Алдан, Амма, Чурапчы, Таатта, Алдан, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыттан уонна Хатастан кэлэннэр маастарыстыбаларын көрдөрдүлэр. Маны сэргэ, хоту улуустан ситим нөҥүө Муома тыйаатыра бэйэлэрин туруорууларын көрдөрдүлэр, билиһиннэрдилэр. Биһиги улуустан Алтан нэһилиэгиттэн Валерий Лобанов салайааччылаах норуот тыйаатыра кытынна. Тыйаатыр аан дойдуга биллэр-көстөр классик Джек Лондон кэпсээннэриттэн быһа тардан «Аргонавт» диэн испэктээҕи туруорда. Бу Джек Лондон кэпсээннэрин биһиги биир дойдулаахпыт, Алтан нэһилиэгиттэн төрүттээх Павел Романович Неустроев 2016 сылаахха тылбаастаан ааҕааччы киэҥ араҥатыгар таһаарбыта. Биһиги биир дойдулаахпыт үлэтин бэл, тыл идэлээх, «Күрүлгэн» сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ Афанасий Гуринов – Арчылан биһирээн турардаах. Павел Романович билигин Мэҥэ Хаҥалас Лоомтукатыгар олохсуйан олорор. Ол да буоллар ыҥырыынан кэлэн испэктээҕи бэйэтэ көрөн-сэргээн, астынан барда.
Джек Лондон кэпсээннэригэр олоҕурбут «Аргонавт» испэктээххэ араас дьылҕалар ойууланаллар. Ол курдук, 19-с үйэ бүтүүтүгэр ыар-нүһэр тыыннаах, алдьархай ааҥнаах «көмүс ыарыыта» Канада хотугулуу-арҕаа сытар Клондайк эрэгийиэнигэр үгэннии турар кэминээҕи хартыына көстөр. Бу испэктээххэ олох хайа да түгэнигэр, ымсыыны-оботу, хара санааны баһыйыы, уустук быһыыттан-майгыттан тахсар суолу тобулуу, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэл көрөөччүгэ бэрт арылхайдык тириэрдиллэр. Бу туруорууну көрөн дьон бэйэтигэр сөптөөх түмүктэри оҥосторугар сорук турар. Луохтуур Линдей сырдык санаата, ытык быһыыта испэктээх сүрүн чыпчаалынан буолар. Артыыстарбыт Владимир Ноговицын, Семен, Петр, Альберт, Михаил Неустроевтар, Петр Назаров, Мичил Пахомов, Айталина Тихонова, Айталина Дьячковская уонна режиссер Валерий Лобанов оруолларын бэрт итэҕэтиилээхтик толордулар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ «Алыптаах мааска» Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот тыйаатырдарын күрэҕин ааптара, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, режиссёр Юрий Очосов, СӨ култууратын туйгуна, П.А.Ойуунускай аатынан Саха Академическай тыйаатырын артыыһа Михаил Апросимов, П.А. Ойуунускай аатынан Саха Академическай тыйаатырын үлэһитэ, Россия тыйаатырдарын сойууһун чилиэнэ Надежда Осипова, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, култуура колледжын преподавателэ Мария Боппоенова, Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин тыйаатырга сүрүннүүр үлэһитэ Алексей Захаров үлэлээннэр, норуот тыйаатырдарын үлэтин сыаналаатылар.
Алтаннааҕы норуот тыйаатырын туһунан кылгастык ахтар эбит буоллахха, тыйаатыр 1985 сыллаахтан үлэтин саҕалаабыта. Оччолорго саҥа аһыллыбыт тыйаатырга култуура эйгэтигэр уһуннук үлэлээбит, бэйэтин идэтин чахчы баһылаабыт, идэтигэр олус бэриниилээх исписсэлиис Лариса Прокопьевна Захарова режиссёрунан анаммыта. Репертуардарыгар араас пьесалар оонньоммуттара: И.Гоголев «Үрүҥ көмүс иҥэһэ», «Иннэ үүтүнэн», С.Ефремов «Лэкиэс», А.Вампилов «Провинциальнай анекдоттар», М.Обутова-Эверстова «Тэккээ» уо.д.а.
Күн бүгүн Алтаннааҕы норуот тыйаатырын СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Валерий Лобанов сатабыллаахтык салайан үлэлэтэ сылдьар. Валерий Никитич режиссерунан ананан кэлиэҕиттэн тыйаатыр үлэтэ саҥа кэрдиискэ тахсыбыта. Ол курдук, 2001 сылтан аата-суола киэҥ эйгэҕэ биллэн, көрөөччү-сэҥээрээччи билиниитин ылыан-ылар. Тыйаатыр чахчы да норуоттан тахсыбыт, араас эйгэҕэ үлэлии-хамсыы сылдьар хас да көлүөнэ артыыстардаах тигинэччи үлэлии олорор. Сыллата араас күөн-күрэстэргэ инники кирбиигэ сылдьар. Өрөспүүбүлүкэ кырдьаҕас тыйаатырдарын кытары биир үктэлгэ турарыттан биһиги, биир дойдулаахтара киэн тутта, астына саныыбыт. Бу да сырыыга дойдуларыгар өттүк харалаах төнүннүлэр. Валерий Никитич «Бастыҥ туруорааччы-худуоһунньук» анал ааты ылан биир дойдулаахтарын үөртэ. Биллэрин курдук, норуот тыйаатырдара – бэйэлэрин ааттара да этэринии, анал идэтийбит үөрэҕэ суох, норуоттан тахсыбыт артыыстардаах, нэһилиэнньэни сэргэхситэр, үтүөҕэ-сырдыкка, духуобунаска сирдиир эйгэнэн буолаллар. Түгэнинэн туһанан, айымньылаахтык үлэлии сылдьар режиссёрбутугар Валерий Никитичка, уонна тыйаатырбыт бука бары артыыстарыгар ис сүрэхтэн тахсар махтал истиҥ тылларын аныыбыт. Үлэҕит таһаарыылаах, туруорар айымньыларгыт куруук көрөөччү уонна дьүүллүүр сүбэ үрдүкү сыанабылларын ыла туруохтуннар!
Татьяна АТЛАСОВА