Ааспыт нэдиэлэ бүтүүтэ Алтаммытыгар «Иэйии» култуура киинигэр саха тылынан уус-уран айымньытын саамай сүрүн чыпчаала – Олоҥхо көрөөччү дьүүлүгэр тахсыбыта. Бу бөдөҥ жанр Историческэй нэһилиэстибэ уонна дойдуга бэриниилээх буолуу, Түмэппий Чээбий төрөөбүтэ 155 сылыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо Декадатын, Аммаҕа 2024 сылга ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэ чэрчитинэн улуустааҕы нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы бэстибээл биир көрүҥүн быһыытынан туруорулунна.
Күннүк Уурастыырап айымньытынан «Нуоҕалдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр» олоҥхо-испэктээх хара саҕаланыаҕыттан көрөөччү саалатыгар оҕолуун-улаханныын иһийэн олорон айымньы сүдү күүһүгэр, умсугутуулаах алыбыгар, ускуустуба эйгэтигэр ыллардылар. Сыана декорацията, уота-күөһэ, тыаһа-ууһа айымньы ис хоһоонугар сөп түбэһиннэрэн оҥоһуллубута, таныллыбыта киһи хараҕар тута быраҕыллар. Ол курдук, быыс арыллыыта сыана кэтэҕэр үс дойдуну ситимниир Аал Луук мас чэчирээн, кэтит лабааларынан үрүҥ күҥҥэ талаһан турара көрүөхтэн эриэккэс хартыына, көрөөччүгэ-сэҥээрээччигэ тута былыргы дьыллар мындаалара сэгэйэн арылларга дылы турук киирдэ. Оннооҕор, дьонноох сиргэ мустубучча сүүрэн тэйиэккэлии, күлэн чачыгырыы олорбут бытырыыс оҕолорбут им-ньим бардылар, ураты турукка ыллардылар. Чаастан ордук Олоҥхо алыба барыбытын хам ылан, олоппоспутугар лигиччи сыһыарда, орто дойду күннээҕи олоҕуттан тэйитэн ураты эйгэҕэ сирдээтэ. Бухатыырдар салгыҥҥа уйдара сылдьан охсуһуулара олоҥхобут муҥутуур чыпчаала буолла, көрөөччү хабыллар ытыһын тыаһынан доҕуһуолланна.
Биһигинниин күҥҥэ хаста эмэтэ көрсөн дорооболоһон ааһар нэһилиэкпит дьоно, олоҥхоҕо кыттыбыт биир дойдулаахтарбыт талба талааннарын, кылыһахтаах тойуктарын сөҕө-махтайа иһиттибит, улаханнык биһирээтибит. Сүрүн оруолларга оонньообут нэһилиэк уус-уран самодеятельноһын кыттыылаахтара, култуура үөрэҕэ суох, бэйэлэрэ атын үлэлээх дьон сүрдээҕин да көрөөччүгэ тиийимтиэтик оруолларын арыйдылар диэн көрбүт-истибит дьон биир санааҕа кэллилэр. Айыы бухатыыра Тойон Дьаҕарыма — Михаил Неустроев, Күн Чөллөрүүн Куо – Мария Ноговицына, Кыыс Туйгун Бухатыыр — Светлана Сутакова, Алталаах Алтан Дуолаҥса Бухатыыр — Сергей Захаров бастакы сүрэхтэниилэрэ буолла. Бу испэктээх 60-ча киһини хабан, түүннэри-күнүстэри бэлэмнэнэн, ымпыгар-чымпыгар тиийэ толкуйданан, дьүүллүүр сүбэ биһирэбилин ылыан-ылла.
Бэстибээл иккис көрүҥүнэн уус-уран быыстапка тэрилиннэ. Быыстапкаҕа Айталина Дьячковская Т.В.Захаров-Чээбий «Ала Булкун» олоҥхотуттан «Аҕыс былас аалай солко суһуохтаах Айталыын Куо» туостан быһыллан оҥоһуллубут, Сардана Уваровская «Үргэл Тойон кыыһа Үөмэрдэн удаҕан» түүттэн анньыллан оҥоһуллубут паннолара дьүүллүүр сүбэ үрдүкү сыанабылын ыллылар.
Онон түмүккэ Алтан нэһилиэгэ 700-тэн тахса нэһилиэнньэлээх улахан нэһилиэктэргэ бастаан муҥутуур кыайыылааҕынан биллэрилиннэ, 50 000 солкуобай суумалаах сэртипикээти бэлэх тутта. Кыыс Туйгун Бухатыыр оруолун толорбут Светлана Сутакова «Бастыҥ толоруу», Альберт Неустроев «Киэҥ түһүлгэлээх оһуокайдьыт», Валерий Лобанов «Бастыҥ режиссёрскай үлэ» анал ааттары ыллылар.
Бу дьоһун ситиһии Алтаннааҕы «Иэйии» култуура киинин үлэһиттэрин сыралаах, таһаарыылаах үлэлэрин түмүгэ буолар. Нэһилиэк дьоно-сэргэтэ, эдэр ыччата биир киһилии, биир сыал-сорук тула түмүллүбүттэрэ хайҕаллаах дьыала. Онон кэлэр сылга Олоҥхо ыһыаҕын бу курдук түмсүүлээхтик көрсүөхпүт диэн бигэ эрэллээхпит.
Татьяна АТЛАСОВА.