Амарах санаалаах үөрэх үлэһиттэрэ маастар кылааска көхтөөхтүк кытталлар

Аммаҕа үөрэх үлэһиттэрэ анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар байыастарбытыгар таҥас тигиитигэр анаммыт уопсастыбаннай хамсааһыҥҥа көхтөөхтүк кытта сылдьаллар. «Амарах сүрэх” улуустааҕы уопсастыбаннай хамсааһын (салайааччы Римма Алексеева) ыҥырыытынан Ф.Ф.Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри Дьокуускай куораттан «Илии сылааһа» өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын кыттыылаахтара салайааччылара Ирина Егоровна Саввиналыын үс күннээх маастар кылааһы биэрэллэр.

Амма улууһун үөрэҕин үлэһиттэрэ, учууталлар, иитээччилэр, үлэ бэтэрээннэрэ Ф.Ф.Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр кэлэннэр өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһыҥҥа кытта сылдьаллар, биир дойдулаахтарбытыгар көмө буолар баҕалаах байыастар таҥастарын тигиигэ күүс, көмө буолаллар. Амарах санаалаах далбар хотуттар бэйэлэрин иистэнэр массыыналарын, туттар тэриллэрин илдьэ кэлэн сыах тиэйэн аҕалбыт матырыйаалларынан уһуйааччылар көмөлөрүнэн байыастарга анаммыт таҥас арааһын тигэллэр.

Ирина Саввина, «Илии сылааһа» өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын салайааччыта: «Матырыйаалларбытын эрдэттэн бэйэбит иистэнэргэ бэлэмнээн үс күҥҥэ суоттанан кэллибит. Биһиги бэлэмниир таҥастарбыт байыастарга эрэ буолбакка эр дьоҥҥо, туристарга эмиэ барсаллар. Уопсайынан дьон биһиги хамсааһыммытыгар кэлэ сатыыллар. Бу үлэбитинэн анал байыаннай дьайыыга барар оҕолорбутун таҥыннарар соруктаахпыт. Ийэлэр, эбээлэр, эдьиийдэр, балыстар, кыргыттар бэйэбит илиибит сылааһынан тикпит таҥастарбытын кинилэргэ кэтэрдэн ыытабыт. Ол курдук «Эр хоһуун” кэпмилиэкпитин Саха сирэ барыта билэр. Сайыҥҥы кэмпилиэпит 15, кыһыҥҥыбыт 17-18 көрүҥнээх. Алтынньы ыйтан саҕалаан дойдубутуттан ыраах барбыт 1200 –тан тахса байыаһы таҥыннаран ыыттыбыт. Оҕолорбут биһиги таҥастарбытын наар кэтэ сылдьалларын хаартыскаҕа көрөбүт, онон туһалыыбыт диэн үөрэбит. Элбэх улуустарга сырыттыбыт.  Бу сылдьан дьону көҕүлүүбүт, маастар-кылаастары биэрбит, тыа дьоно биһигиттэн үөрэнэн салгыы иистэнэ олороллор. Билигин таҥаспыт 40 бырыһыана улуустартан киирэ турар. Аммалар бу үөрэх кэнниттэн атыттартан эмиэ хаалсыахтара суоҕа диэн бүк эрэллээхпит».

Оксана Гаврильева, Амма1№ -дээх орто оскуолатын педагог бибилэтиэкэрэ:Уоппускаҕа олорор да буолларбын, дьиэҕэ-уокка сайыҥҥы түбүк элбэх да буоллар ону аахсыбакка кэлэн бу амарах санааланыы хамсааһыныгар кытта сылдьабын. Бэйэм иистэммэт этим. Ааспыт сылга ылыммыт бэйэм иистэнэр массыынабын илдьэ кэллим. Уһуйааччым Айталина Гаврильевна Рожина көмөтүнэн элбэххэ үөрэнним. Кини кичэйэн  көрөр, көннөттөрөр, сүбэлиир-амалыыр. Иис барыта мээрэйдээх, кээмэйдээх, быраабылалаах, онон хонтуруол да кытаанах. Манна кэлбиттэргэ үөрэх үлэһиттэрэ элбэхпит, үксүлэрэ технология учууталлара буоланнар сатабыллаахтар, түргэннэр. Манна кыттан байыастарбытыгар көмө буолан сэмэй да буоллар кылааппытын киллэрдибит».

Алтана АРТЕМЬЕВА

 

Читайте дальше