Бүгүн «Амарах сүрэх» уопсастыбаннай хамсааһын (сал. Р. В. Алексеева) анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарыгар анаан 10 баһыылканы ыытта.
Баһыылкалары Дьокуускайга «Единая» такси диспетчерскэй сулууспата (А. И. Олешко) таксиһа Артур Федоров буор босхо «Якутия с тобой» уопсастыбаннай хамсааһын ыстаабыгар (сал. Айыл Дьулурҕа) тириэртэ.
«Баһыылкабытыгар 20 харыстанар сетка, ону кытта 8 анал баһыылкалары Петр Иннокентьевич Лебедев нөҥүө биэрдибит. Киһи үөрэрэ диэн сорох тэрилтэлэр бэйэлэрэ миэстэтигэр сиэккэни баайан эрэллэр. Ол курдук киин балыыһа, кииннэммит бухгалтерия, үһүс көлүөнэ оскуолата, Бөтүҥ нэһилиэгин уопсастыбанньыктара кыттыыны ыла сылдьаллар. Биһиги кинилэргэ ис сүрэхтэн махтанабыт»,- диэн этэр Римма Васильевна.
«Амма олоҕо» хаһыат