Амма барахсан кыыс кэрэ айылҕата төhөлөөх айар кут абылаҥын уhугуннаран, хоhоон, ырыа буолан, күөх куйаарга көҥүл көтүппүтэ буолуой? Тохсунньу ый 24 күнүгэр, Болугурга нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо, спорт, үлэ бэтэрээнэ Галина Гаврильевна Максимова айар үлэ абылаҥар ылларан хоһоон арааһын суруйан, айан-тутан таһааарбыт «Айылҕабар итэҕэл» диэн кинигэтин сүрэхтиир дьоро күнэ, поэзия алыптаах эйгэтин бэлэхтиир бэлиэ бырааһынньыга олус истиҥник буолан ааста.
Бу дьоро күнү Болугурдааҕы олохтоох библиотека, «Чөмчүүк» Далбар Хотуттар түмсүүлэрэ, М.А. Ноговицын аатынан култуура киинэ, Максимовтар аймах тэрийэн ыыттылар. Амма – киһи дууһатын арыйар, иэйиитин уһугуннарар кэрэ айылҕатынан абылыыр күүстээх ураты эйгэ. Бу үтүөкэн дойдуга киһи дууһатын долгутар, уйан сүрэҕин хамсатар дьикти хоһооннор айыллаллар. Галина Гаврильевна эмиэ бу кэрэ эйгэҕэ иэйиитэ уһуктан, үгүс элбэх хоһоону айда-суруйда. Хоһооннорун мунньан о5ҕолоругар, сиэннэригэр, бар дьонугар анаан «Айылҕабар итэҕэл» диэн хомуурунньугун, Ю.Гагарин аатынан саха типографиятыгар 30 ахсаанынан бэчээттэнэн таһаарда. Бу кинигэҕэ Галина Гаврильевна араас темаҕа суруйбут 161 хоһооно киирдэ. Манна таптал, олох, ардыгар үөрүү өрөгөйдөөх, кырдьык, көҥүл, ахтылҕан ырыалаах, айылҕа кэрэ кэмнэрин ураннык ойуулаан, хомоҕойдук хоhуйан, кыыс оҕолуу килбик, уоланныы хорсун хомоҕой хоhооннор уйан сүрэҕин иэйиилээх тылларынан кутуллаллар. Сүрэхтэнии киэһэтигэр олохтоох дьаһалта, ветеран үлэһиттэр, Максимовтар аймах билэ дьоно, дьүөгэлэрэ, Болугур айар куттаах дьоно, олорор «Кырдал» түөлбэтэ ис сүрэхтэриттэн эҕэрдэлэринэн, хоһоон ааҕыытынан арыалланна.
Галина Гаврильевна айар абылаҥы тэҥэ спорду доҕор оҥостон кэллэ. Хас биирдии спортсмен аан бастаан хайдах учууталга иитиллибитэ олоххо улахан оруолу ылар эбит. Галина Гаврильевна элбэх көлүөнэ оҕону дьарыктаан, волейболга тапталы иитэн, үөрэнээччилэрэ истиҥ-иһирэх тылынан ахталлар. Оҕолор улууска, республикаҕа элбэх ситиһиилэнэн, кыайыы-хотуу өрөгөйүн билэн, билигин республика араас муннуктарыгар үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Галина Гаврильевна кэнники бочуоттаах сынньалаҥҥа да олорон нэһилиэгин, улууһун чиэһин элбэхтэ ситиһиилээхтик көмүскүүр. Волейбол, спорт туһунан эмиэ элбэх хоһоон айыллан бу кинигэҕэ киирбиттэрэ. Ефремова Оксана Константиновна салайааччылаах «Чөмчүүк» түмсүү нэһилиэкпитигэр биллэр-көстөр үлэлээх. Галина Гаврильевна бу түмсүү ахтыыбынай чилиэнэ. Кыргыттарыгар, дьүөгэлэригэр “Чөмчүүктэригэр” анаан эмиэ хас да хоһоон айыллан тахсыбыт. Галина Гаврильевна бочуоттаах сынньалаҥҥа да олордор этин-сиинин чэбдигирдэн хаалыктаах хаамыынан утумнаахтык дьарыктанар. «Скандины хаамыаҕыҥ бары» ыҥырар-угуйар ааттаах хоһоонун хаалыктаах хаамыы түмсүүтүгэр анаан суруйбута. Хаалыктаах хаамыынан дьарыктанааччылар түмсүүлээхтэр, салайааччы — Анна Васильевна Иванова. Киһиэхэ саамай-саамай чугас, өйөбүл-тирэх буолар тапталлаах дьоно – оҕолоро, сиэннэрэ уонна аймахтара буолар. Кинилэр баар буоланнар ыраах да чугаһыыр, ыарахан да чэпчиир, онон Галина Гаврильевна оҕолоругар, сиэннэригэр, аймахтарыгар анаан хоһоонунан махталын, үөрүүтүн тиэрдэн хоһуйбута кинигэҕэ киирдэ.
Убаастыыр киһибитин Галина Гаврильевнаны өссө төгүл ыра санаа оҥостубут баҕа санаа туолан, хоhооннорун хомуурунньуга кинигэ буолан үйэтитиллибитинэн эҕэрдэлиибит. Айар үлэ абылаҥар ылларан өссө да элбэх хоhоон айылыннын, дьон-сэргэ биһирэбилин ыллын. Кытаанах доруобуйаны, олоххо көхтөөх тэтимҥинэн, субэ5инэн-ама5ынан ессе да үөрдэ көтүтэ тур, дьон махталынан, убаастабылынан, тапталынан кынаттанан өссө да уһуннук олороргор баҕарабыт. Бу үөрүүлээх күҥҥэ минньигэс остуолу тэрийбит Максимовтар аймахха дьон — сэргэ аатыттан истиҥ махталбытын тиэрдэбит.
Евдокия ПЛАТОНОВА.