Амма Чакырыгар сэдэх сибэккилэр тыллан эрэллэр

Чакыр олохтооҕо, хаһыаппыт ааҕааччыта Лидия Свинобоева биһиэхэ айылҕа кэрэ түгэннэрин түһэрэн ыытар. Хаартыскаларга Чакыр кэрэ айылҕата үйэтитиллэр. Бу күннэргэ Чакырга Кыһыл кинигэҕэ киирбит түөрт кырыылаах кувшин сибэкки тыллан эрэр.


Дойдутун хатыламмат кэрэ айылҕатын ааҕааччыбыт Лидия Свинобоева түһэрэн ыытарын биһиги телеграм каналбытыгар көрөр буолуохтааххыт. Бу күннэргэ сурутааччыбыт олус кэрэ көстүүлээх, Кыһыл кинигэҕэ киирбит күөлгэ үүнэр  түөрт кырыылаах кувшин сибэккини түһэрэн ыытта. Чахчы да киһи көрөөт, кэрэтиттэн саҥа аллайар үүнээйитэ.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше