Амма Далбар хотуттара байыастарга илиилэрин сылааһын ыыталлар

«Илии сылааһа-2024»  өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх иккис түһүмэҕэр «Кыыс Амма» хамаанда көхтөөхтүк кыттар. Араас нэһилиэктэртэн сүүмэрдэммит иистэнньэҥ кыргыттар анал байыаннай дьайыыга кыттар биир дойдулаахтарбытын өйүүр, сылаас сыһыан иҥэрэр эппиэтинэстээх үлэтигэр ис сүрэхтэн баҕаран, кыһаллан ылыстылар.

Федорова Анфиса Алексеевна, Борисова Марианна Спиридоновна, Бочкарева Анна Георгиевна, Неверева Марианна Михайловна, Самсонова Туйара Петровна, Чабыкина Саргылана Афанасьевна, Гаврильева Нюргуяна Егоровна туох баар сатабылларын, билиилэрин ууран туран «Эр хоһуун» кэмпилиэктэри тигэллэр.

Хас биирдии таҥаһы өрөспүүбүлүкэтээҕи дьүүллүүр сүбэ күүстээх бэрэбиэркэтин ааһыаҕа. Ирдэбил кытаанах: сиик хаачыстыбата, сиэп, бэлиэ сантымыатырыгар тиийэ мээрэйдэнэр. Биирдии кэмпилиэккэ көстүүм, флис толстовка, футболка, ырбаахы, кыһыҥҥы куртка, дождевик, мөһөөччүк, снуд, аптамаат уоһун бүрүөһүнэ киирэр.

Иистэнньэҥнэр кыайыы тыылга уһаарылларын чыҥхатык өйдүүр, итиэннэ бүтүн улуус аатын көмүскүүр буоланнар олус эппиэтинэстээх үлэлииллэр. Иистэрин болдьоммут кэмигэр, олунньу 17 күнүгэр бүтэрээри киэһэ хойукка диэри үлэлииллэр.

Өрөспүүбүлүкэ барыта кыттар күрэҕэ буолан эппиэтинэс наһаа үрдүк. Ол эрээри биһиги кыргыттарбыт саллааттарга таҥас тигиигэ уопуттаах буоланнар кинилэргэ эрэлбит улахан. Хайа, уонна былырыыҥҥы күрэх кыайыылаахтара буолбуттара дии, онон эппиэтинэс, ирдэбил икки төгүл үрдүк. Түгэнинэн туһанан маннык үтүө аахсыйаны өйөөн иистэнэр массыына бэлэх ууммут биир дойдулаахпытыгар,  меценат Руслан Федотовка дириҥ махталбытын тиэрдэбит,- диэн «Илии сылааһа» күрэх Амма улууһугар салайааччыта, бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Мария Захарова санаатын тиэрдэр.

«Амма олоҕо» хаһыат.

Читайте дальше