Амма өрүс күнэ ыытыллыа

От ыйын үһүс субуотата Амма өрүс күнэ. Бу күнү Николай Архипов улуус баһылыгынан талыллан баран, 2018 сыллаахха  от ыйын 9 күнүгэр 111№-дээх уурааҕынан ылыммыта. Быйыл Амма өрүс күнүн от ыйын 20 күнүгэр бэлиэтиэхтэрэ.


Саха сирин саамай ыраас, сылаас уулаах Амма өрүспүтүн харыстыыр, кини өссө да уһун сылларга долгуйа уста турарын инниттэн, кинини харыстыыр сыаллаах Амма өрүс күнэ диэн ылыныллыбыта. Санатан эттэххэ, Амма өрүс  бу анаан-минээн бэлиэтэнэр үһүс өрүс буолар. Ол курдук өрөспүүбүлүкэбитигэр Өлүөнэ уонна Бүлүү өрүстэр күннэрэ бааллар. Быйыл Амма өрүс күнүн улуус дьаһалтата уонна айылҕа харыстабылын кэмитиэтин кытта  от ыйын 20 күнүгэр бэлиэтииргэ дьаһал таһаарбыттара. Бу күн, ол эбэтэр өйүүн субуотаҕа, сарсыарда 9 чаастан бары өрүс кытыытыгар олорор нэһилиэктэр экологическай субуотунньукка тахсыахтара, өрүс биэрэгин ыраастыахтара. Ол кэнниттэн күнүс 11 чаастан Чапчылҕан нэһилиэгин Кыыс Амма скверигэр үөрүүлээх тэрээһин ыытыллара былааннанар. Манна улуус баһылыга Степан Кузьмин, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Колосов, СӨ айылҕа харыстабылын министиэристибэтиттэн, Амматааҕы айылҕа харыстабылын судаарыстыбаннай кэмитиэтин салайааччыта Евгений Егоров, улуус экологическай сэбиэтин чилиэннэрэ, уопсастыбанньыктар кыттыыны ылыахтара. Үөрүүлээх чаас кэнниттэн эбиэттэн киэһэ улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар Амма өрүс харыстабылын тула “төгүрүк остуол” ыытыллыа. Манна кыттыыны Ил Түмэн дьокутаата Александр Корякин ылыа.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше