Амма кыргыттара – волейболга чөмпүйүөннэр!

Алтынньы 21-22 күннэригэр “Саха сирин тимир суоллара” хампаанньа Кубогын ылар иһин эдэрдэргэ улахан волейбол күрэҕэ буолла. Амма кыргыттара иннилэрин кимиэхэ да биэрбэтилэр.
Саха сирин сүүрбэ биир бастыҥ хамаандата оонньоото. Кыайбыттар салгыы Уһук Илин турнирыгар кыттар чиэскэ тигистилэр. Амма кыргыттара хас биирдии оонньууларын, улахан таһаҕас оҥостубакка, кыайаннар финалга Үөһээ Бүлүү хамаандатын кытары эриһиилээх киирсиигэ хоттулар.

Ону ааһан бастыҥ анал ааттары эмиэ Амма оонньооччулара ылан кэллилэр. Күрэх “Бастыҥ оонньооччута” Саина Кожевникова уонна “Бастыҥ оонньотооччунан” Лилиана Прокопьева буоллулар. Онон, Оҕо спортивнай оскуолата, чуолаан тренер Туйаара Емельянова Амма волейболистарын Саха сиригэр дорҕоонноохтук ааттатар туһугар хайҕаллаах үлэлэрэ халтайга хаалбат.

Олег ЕГОРОВ

Читайте дальше