Соторутааҕыта Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр наука Аччыгый академията уонна „Роснефть“ маҥнайгы Президеммит М.Е .Николаев ситимин оскуолаларын үөрэнээччилэригэр 2-с төгүлүн республикатааҕы нефтегазовай слету ыыттылар. Тэрээһиҥҥэ Амматааҕы лицей үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыланнар элбэх саҥаны, сонуну билэн кэллилэр.
Амма лиссиэйиттэн үс үөрэнээччи: 10-с технологическай кылаастан Копыпин Арылхан, 11-тэн Слепцов Тимур уонна 9-тан Калачева Айта кытыннылар. Слет кыттыылаахтара тугу истибиттэрин, көрбүттэрин, туох саҥаны билбиттэрин лиссиэй 8-9 кылааһын үөрэнээччилэригэр пресс-конференция оҥорон иһитиннэрдилэр.
Конференция кыттыылаахтара араас ыйытыктары биэрдилэр, ниэп, газ хайысхатынан ханнык идэлэр баалларын билистилэр. Кэлин бу үөрэнээччилэртэн ити салаа идэтин баһылыыр, үлэлэрин, тус олохторун промышленность хайысхатын кытта сибээстиир дьон үүнэн тахсыахтара диэн эрэнэбит.
Наталия РЯЗАНСКАЯ.