Амма лиссиэйигэр латыын алпабыытынан диктаны суруйдулар

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр Амма лиссиэйин 25 учуутала уонна 35 үөрэнээччитэ сахалыы диктаны суруйдулар. Диктаны үгэс буолбут билиҥҥи кириллица алпабыытынан эрэ буолбакка, С.А.Новгородов латыынныы алпабыытынан суруйарга холоннулар.

Ол курдук биир дойдулаахтарбыт, норуодунай суруйааччы Миитэрэй Наумов ‘Күөх уол» уонна методист-учуутал Н.Е. Афанасьев оҥорбут «Сурук-бичик» үөрэх 1 сылын учебнигыттан «Кирилэ оҕуһа» диэн диктант тиэкистэринэн үлэлээтилэр. Биир да сыыһата суох туйгун сыанаҕа барыта 8 учуутал уонна 12 үөрэнээччи суруйда. Онтон муҥутуур кыайыылааҕынан англия тылын учуутала Алексеева Мария Дмитриевна таҕыста.

Наталия Рязанская.

Читайте дальше