Амма мадьынылара аан дойду чөмпүйүөннэрэ

Бу күннэргэ күннээх Узбекистаҥҥа мас тардыһыыга аан дойду түһүлгэтэ ыытылла турар. Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн састааба Саха сирин мадьыналарыттан таҥыллан күрэхтэһэр. 

Улахан күрэх 16 дойдуттан 180 мадьыныны түмтэ. Биһиги киэн туттуохпут иһин, Амма улууһун спортсменнара аан дойду түһүлгэтин адьас хаардыы хааман кэбистилэр.

Ол курдук кыһыл көмүс мэтээллэри Дмитрий Неустроев, Айтал Антонов, боруонса мэтээли Норайаана Трофимова ыллылар. Аны туран, Баишевтар дьиэ кэргэттэрэ букатын да спорт историятыгар аан бастакынан дьиэ кэргэнинэн кыттаннар, ону сэргэ үһүөн чөмпүйүөн үрдүк аатын сүгэннэр хатыламмат суолу хааллардылар, үгүс дьону сөхтөрдүлэр.

85 киилэттэн ыарахан ыйааһыннаахтарга ыал аҕата Анатолий Баишевы ылар киһи чугаһынан-ырааҕынан көстүбэтэ. Анатолий Анатольевич аан дойду түһүлгэтигэр иккис төгүлүн чөмпүйүөннээтэ. Уоллара Егор 105 киилэлээхтэргэ киирсэн кими да тулуппата. Аны, кыыстара Татьяна абсолютнайга барыларын баһыйан бастаата. Бу түһүлгэ Баишевтар дьиэ кэргэттэригэр чахчы дьолуолаах буолла. Спортсменнарбытыгар үрдүк өрөгөйдөрүнэн төлөннөөх эҕэрдэбитин тириэрдэбит!

Олег ЕГОРОВ

Хаартыскалар социальнай ситимтэн туһаныллыннылар

Читайте дальше