Амма Наахара нэһилиэгин «Түмэн» сынньалаҥ киинэ быйылгы ааһан эрэр сылы атаара, саҥа сылы көрсө үгүс дьону түмтэ. Баһылык Захар Александров, сыллата буоларын курдук, ааһар сыл түмүгүнэн үлэ үөһүгэр сылдьар, бастыҥтан бастыҥ үтүө-мааны дьону чиэстээтэ.
Кинилэр кимнээхтэрий?!
«Сыл бастыҥ уһуйаан үлэһитэ» — «Дуораанчык» уһуйаан сэбиэдиссэйэ Полина Кононова, «Сыл бастыҥ оскуола үлэһитэ» — история уонна обществознание учуутала Алёна Мартынова, «Сыл бастыҥ медицина үлэһитэ» — сиэстэрэ Аля Александрова, «Сыл бастыҥ тыа хаһаайыстыбатын үлэһитэ» — бэтэрэнээр Алексей Илларионов, «Сыл бастыҥ спортсмена» —оскуолаҕа иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы Марина Макарова, «Сыл бастыҥ культура үлэһитэ» — уһун кэм харабылынан үлэлиир Павел Михайлов, «Сыл бастыҥ олох-дьаһах үлэһитэ» — уһун кэм бэриниилээхтик электригынан үлэлиир Евсей Никифоров, «Сыл бастыҥ общественнига»- үһүс көлүөнэҕэ иис куруһуогун салайааччыта Александра Константинова, «Сыл бастыҥ үөрэнээччитэ» — элбэх ааҕыылар уонна олимпиадалар призердара Нарыйаана Макарова, «Сыл бастыҥ уһуйаан иитиллээччитэ» — элбэх күрэхтэр кыайыылаахтара Ганя Пахомов ааттанан наҕараадаланнылар.
Дьоро күҥҥэ үрдүк наҕараадалары туттарыы үөрүүлээх быһыыга-майгыга ааста. Ол курдук, «Амма Наахара нэһилиэгин сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэни Айсен Пахомовка, «Нэһилиэккэ чөл олох уонна спорт сайдыытыгар бэйэ кылаатын киллэрбитин иһин» анал бэлиэни барыга көхтөөх, сахалыы остуол оонньуутун уһуйааччыта Нина Гаврильева, элбэх спортивнай дьарыктары тэрийэр, чөл олоҕу нэһилиэккэ пропогандалыыр Прокопий Пахомов туттулар. Олохтоох дьаһалта аатыттан Махтал суруктары Эльза Макарова, 14-с адаптивнай спартакиадаҕа үрдүк ситиһиилээхтик кыттыбыт Владислав Константинов, Александра Устинова тутан үөрдүлэр. Улуустааҕы доруобуйа харыстабылын биир идэлээхтэрин сойууһун «Үлэ киһитэ» анал бэлиэнэн сиэстэрэ Валентина Мартынова, быраас Анастасия Ефремова наҕараадаланнылар. Амма улууһун дьаһалтатын аатыттан Махтал суругу ырыа учуутала Елена Кузьмина, Амма Наахара орто оскуолатын социальнай педагога Матрёна Романова дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан туттулар.
Онтон бырааһынньыктааҕы кэнсиэри үҥкүүһүт ийэлэр «Синий иней» ырыанан флешмоб үҥкүлээн астылар. Чаҕылхай куоластаах ырыаһыттарбыт Владимир Игнатьев, Никита Ефремов, Марина Макарова, Елена Кузьмина, Долгунча Бурцева, Светлана Захарова, Александра Находкина соҕотохтуу ыллаан эҕэрдэлэрин тириэртилэр. Анастасия, Гаврил Александровтар дуэттарынан, 2 кылаас кыргыттара «Индийскэй үҥкүүнү», үҥкүү бөлөхтөрө «Японскай үҥкүүнэн», «Сахалыы үҥкүүнэн» эргэ дьылы атаардылар. Бу киэһэ «Сулустары ааҕабыт», «Аптаах ойбон» диэн көрдөөх сценка оонньонно. «Сиибиктэ» ырыа ансаамбыла «Маҥан хаар» ырыаны олус табыллан ыллаата.
Саҥа сыл бэлиэтэ Дракон ыалдьыттаата.
Саҥа дьыл хаһаайына Тымныы оҕонньор сиэн кыыһынаан Хаарчааналыын киирэн эҕэрдэлээн таҕыстылар. Саҥа дьыллааҕы киэһэни Владимир Игнатьев иилээн-салайан ыытта. Саҥа сыл маҥнайгы чааһыгар, саҥа күн үүнэр түүнүгэр бырааһынньыктааҕы көр-нар күөстүү оргуйда, үҥкүү-битии ньиргийэн олордо.
Ирина Корякина — Олесова.