Киин хочуолунай үлэҕэ киириитэ икки бүк үөрүүлээх түгэн. Бастатан туран саҥа тутуу дьэндэйэр, иккиһинэн ыаллар сылаас дьиэҕэ нус-хас олорор усулуобуйалара оҥоһуллар. Дьэ маннык кэрэ бэлиэ түгэн улуус биир кытыы нэһилиэгэр, Амма Наахараҕа тосхойдо. Олохтоохтор үөрүүлэрин үрдүкү салалта үллэһиннэ, истиҥ эҕэрдэтин тириэртэ.
Саҥа хочуолунай буруота унааран, кэскили кэрэһэлээн өнньүөстэр үөрүүлэрэ үрдүк. “Кыбартаалынай” диэн ааттанан үгүс ыалы итиигэ холбообут хочуолунай үөрүүлээх арыллыытыгар кыттыыны СӨ олох-дьаһах хаһаайыстыбатын уонна энергетикатын миниистирэ Вячеслав Емельянов, СӨ ГУП ОдьКХ генеральнай дириэктэрэ, Ил Түмэн дьокутаата Виталий Чикачев, Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин, кинини тутууга солбуйааччы Виктор Смирников, ГУП ОДьКХ Амматааҕы филиалын дириэктэрин э.т. Сергей Решетников, “МИП Сахаэнергоэффект” ХЭТ кылаабынай инженерэ Николай Румянцев, ону сэргэ уон сыл нэһилиэк баһылыгынан үлэлээбит, бу хочуолунай тутуугар сыратын уурбут, улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Мария Захарова ыллылар.
“Хочуолунайбыт толору хааччыллыылаах. Бары ирдэбиллэргэ эппиэттиир. Үлэлиир усулуобуйа барыта баар. Манна алта хачыгаар үлэлиир. Иккилии буолан тураллар. Кыһыҥҥы тымныыларга сууккаҕа 12 тонна чоҕу отто сылдьыбыппыт. Үс Ижевскэй 1,16 МГбтаах оһохтоох. Кыамта улаатарыгар өссө биир оһох турарыгар миэстэтэ баар. Бу хочуолунай олоххо киирэн нэһилиэкпит 70 бырыһыан киин ититэр ситимҥэ холбонно”, — диэн учаастак маастара Андрей Захаров билиһиннэрэр.
Чахчы да улахан, киэн-куоҥ хочуолунайга үлэлиир үчүгэй бөҕө буоллаҕа. Хачыгаардар бары да астыналларын, үлэлииргэ үчүгэйин бэлиэтииллэр. Бу күн бастыҥ үлэһиттэр наҕараадалары туттулар. Ол курдук өр сыл учаастак начальнигынан үлэлээбит Павел Александрович Пахомовка Амма Наахара нэһилиэгин бочуоттаах гражданинын аата иҥэриллибит дастабырыанньатын, анал бэлиэтин нэһилиэк баһылыга Захар Александров туттарда. СӨ ГУП ОДьКХ Махталын хочуолунай машиниһа Манчаары Макаров, Иван Пахомов, Амма улууһун дьаһалтатын Бочуотунай грамотатынан, үрүҥ көмүс бэлиэтинэн учаастак маастара Андрей Захаров, улуус баһылыгын Махталынан слесарь-электрик Евсей Никифоров, Махтал суругунан машинистар Василий Артемьев, Семен Васильев, Николай Гаврильев, Ньургун Пахомов наҕараадаланнылар. Маны сэргэ Виталий Чикачев хочуолунай тутуутун бастакынан туруорсубут, кинилэри кытта ыкса үлэлэспит Мария Романовна Захароваҕа бэйэтин Махтал суругун туттарда. Онтон хочуолунай кэлэктиибигэр «үлэлиир сиргит куруутун ыраас буоллун, этэргэ диэри тапочканан сылдьыллар буоллун» диэн туран маннык тэрээһиннэргэ туттарар аныгы пылесоһу бэлэхтээтэ.
Бу бэлиэ күн тутууну туруорсууга, кини олоххо киириитигэр санааларын ууран үлэлээбит, хомойуох иһин билигин биһиги ортобутугар суох улуус баһылыга Николай Архиповы, ГУП ОДьКХ Амматааҕы филиалын дириэктэрэ Виктор Кузнецовы ахтан-санаан ааһан, кинилэр ыыппыт үлэлэригэр дириҥ махталларын тириэртилэр.
“Улуус баһылыга Николай Архипович Архипов энергетиката, сылааһа суох олох сайдыбат диэн этэрэ. Онон бу боппуруоска ураты болҕомтотун ууран үлэлиирэ. Онтон Виктор Иннокентьевич хаһан баҕарар коммунальнай хаһаайыстыба туһугар дууһатын уурара, куруутун туруорсара. Кинилэр саҕалаабыт дьыалалара салҕаныахтаах. Инникитин нэһилиэк сүүс бырыһыан киин ититэр ситимҥэ холбонон, хочуолунай толору кыамтатынан үлэлиэ диэн эрэнэбин”, — диэн СӨ ГУП ОДЬКХ генеральнай дириэктэрэ Виталий Чикачев этэр.
Кырдьыга да коммунальнай хаһаайыстыба үлэһиттэрэ хас биирдии кинилэр көрөр-истэр хочуолунайдарыгар холбонон олорор ыалга нус-хас олоҕу, дьиэлэригэр сылааһы, истиҥ эйгэни бэлэхтииллэр. Амма Наахара нэһилиэгин хачыгаардара үтүө суобастаахтык үлэлииллэрин олохтоохтор бэлиэтииллэр уонна бу күн кинилэргэ сылаас махтал тылларын анаатылар, бэлэхтэрин туттардылар.
“Биһиги бу хочуолунайга холбоммуппут. Туох да наһаа үчүгэй. Ититии ситимигэр холбонуу диэн киһиэхэ олус көмөлөөх. Киһи иллэҥ бириэмэтэ баар буолар, ханна да көҥүл сылдьар, үлэлиирэ-хамсыыра таһаарыылаах буолар. Үлэлэригэр ыксаабакка сылдьаллар. Онон бары олус үөрэн туран Бырабыыталыстабытыгар, Ил Дархаммытыгар, улууспут, нэһилиэкпит салалтатыгар, коммунальнай хаһаайыстыба бары үлэһиттэригэр, Ил Түмэн дьокутааттарыгар дириҥ махталбытын этэбит”, — диэн үөрүүлэрин олохтоохтор Матрена Макарова уонна Оксана Пахомова үллэһиннилэр.
Өнньүөстэр бу бэлиэ күннэрин нэһилиэгинэн өрө көтөҕүллэн туран бэлиэтээтилэр. “Үрүйэчээн” фольклорнай бөлөх оҕолоро сааскы сайа охсор салгыны аахсыбакка барабааннарга охсон ньиргитэн, хомуска оонньоон үөрүүлээх түгэни киэргэттилэр. Онтон тутуу бүппүтүн туоһулуур символическай күлүүһү шариктарынан киэргэммит буранынан көтүтэн аҕалан туттарбыттара бэйэтэ ураты көстүү буолла.
Саҥа “Кыбартаалынай” хочуолунайга тоҕус уопсай дьиэ, 40-тан тахса чааһынай дьиэ уонна балыыһа холбонон тураллар. Инникитин манна өссө хаалбыт ыаллар холбонон, нэһилиэк 100 бырыһыан оһохтон босхолоноругар үлэ салҕанан барыа диэн бары кэлбит салайааччылар этиилэрэ олоххо киирэн олохтоохтор үөрүүлэрэ үрдүөҕэ.
“Амма олоҕо” хаһыат