Ахсынньы ый саҕаланан Сахабыт сирин бары муннуктарыгар «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» фестиваль чэрчитинэн Амма Наахара нэһилиэгэр Саҥа дьыллааҕы харыйа уота сандаарда.
Харыйа уотун уматар түгэҥҥэ уһуйаан оҕолоро, оскуола үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэр мустан бырааһынньыктааҕы санааны көтөҕөр аахсыйаҕа кыттыстылар. Тымныы оҕонньор сиэн кыыһын Хаарчаананы кытта кэлэн оҕолору эҕэрдэлээн, хаартыскаҕа түһэн бардылар. «Түмэн» сынньалаҥ киин кэлэктиибэ тэрээһини сыл аайы сонуннук тэрийэр. Оҕолор үөрүү-көтүү түгэнигэр харыйа тула хороводтаан Тымныы оҕонньору эҕэрдэлээтилэр.
Нэһилиэкпитигэр Амматтан киириигэ сүрүннүүр уулуссаҕа Валентина Васильевна Захарова олорор дьиэтигэр хаһыс да сылын урут олордубут харыйатын симиир. Харыйа 4 миэтирэҕэ тиийэр уһуннаах. Хараҥарыыта уота холбонон «Сайдам» түөлбэ дьонун өрүү үөрүүнэн, кэрэнэн эҕэрдэлиир. Үөрүүлээх киэһэни халлааҥҥа дьүкээбил суһумнуу умайан киэргэттэ.
— Кырачаан харыйаны кэргэмминээн Биэлимэттэн аҕалан олордубуппут. Саҥа дьылга сыл аайы симиибит, өрүү гирляндалаах. Сиэттэрбитигэр анаммыт харыйа, билигин улахан сиэним 30 саастаах. Урут Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэрин харыйа анныгар уурарбыт, эһэлэрэ Тымныы оҕонньор буолара,- диэн Валентина Васильевна сылаастык ахтар.
Оҕо-аймах кэтэһэр Саҥа дьыл бырааһынньыга үөрүүнү-көтүүнү, кыайыыны — хотууну, эйэлээх халлааны эрэ аҕаллын.
Ирина Корякина – Олесова.