Амма Наахараҕа үөрүүлээх тэрээһин дьону түмтэ

Амма Наахара нэһилиэгэр Педагог уонна Наставник сылын түмүктүүр уонна саҥа үүммүт 2024 сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Сиригэр Оҕо саас,  Амма улууһугар Олоҥхо, нэһилиэккэ Ийэ уонна Оҕо сылларын арыйар үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ нэһилиэк бүттүүн көхтөөх кыттыыны ылла. Дьоро күҥҥэ үлэ бастыҥнара үрдүк наҕарааданы туттулар. Ол курдук Үлэ Дьоруойа П.И.Яковлев аатынан орто оскуолаҕа  өр сыл дириэктэринэн үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбит, саха тылын уонна литературатын учуутала, нэһилиэк депутата Матрена  Макарова Амма улууһун депутаттарын Бочуотунай грамотатынан уонна түөскэ анньыллар бэлиэнэн наҕараадаланна. Нэһилиэк депутата Леонид Мартынов кэргэнинээн Алена Егоровналыын нэһилиэк олоҕор көхтөөх кыттыыларын иһин улуус баһылыга Степан Кузьмин Махтал суругун туттулар. Нэһилиэкпит Герой ийэлэрэ Христина Ивановна Гермогенова, Мария Лаврентьевна Александрова, Елена Константиновна Протопопова оҕолоругар нэһилиэк баһылыга Захар Александров быйылгы нэһилиэкпит сылын бэлиэтин, итиэннэ улуус баһылыгын Махтал суругун туттарда. «Дуораанчык» уһуйаан иитээччилэрэ Татьяна Ефремова нэһилиэк Бочуотунай грамотатын, Ефросинья Пахомова Махтал суругу тутан үөрдүлэр.

Бу күн «Эгэлгэ» коллекционердар түмсүүлэрэ оскуола тиэмэтигэр быыстапка туруордулар. Быыстапканы кэлбит дьон бука бары сэргии, сөҕө көрдүлэр. «Наһаа үчүгэй сэргэх быыстапканы көрдүбүт. Оҕо эрдэҕинээҕи тутта сылдьыбыт тэриллэрбитин көрөн оҕо сааспытын санаттыгыт. Урукку фотоаппараттары көрөн үөрдүбүт «, — диэн ыалдьыттар санааларын үллэһиннилэр.

Бэлиэ күҥҥэ Амма улууһун дьаһалтатын  экономическай сайдыытын управлениетын  салайааччыта, нэһилиэк куратора Ольга Слепцова, биир дойдулаахпыт Амма улууһугар социальнай уонна ыччат политикатын сүрүннүүр исписэлииһэ Туяра Васильева Амматтан кэлэн эҕэрдэ суруктары, наҕараадалары туттардылар. Ааспыт сыл үтүө түмүктэрдээх, кэлэр сыл улахан былааннардаах, саҥа арыйыылардаах көрсөргө бэлэммит диэн Амма Наахара нэһилиэгэ ааспыт сылга махтанан, үүммүт сылга бигэтик эрэнэн  ыллаан-туойан тарҕастылар.

Ирина КОРЯКИНА — ОЛЕСОВА

Читайте дальше