Амма Наахаралар этнографическай дьыктааны кытта Өктөөп күнүн бэлиэтээтилэр

Амма Наахара нэһилиэгин олохтоох бибилэтиэкэтигэр IX төгүлүн Бүтүн Арассыыйа иһинэн ыытыллар «Улахан этнографическай диктант» тэрийдэ ыытылынна, Өктөөп бырааһынньыгар анаммыт быыстапка турда.


“Быйылгы дьыктаан норуот сомоҕолоһуутугар ананна. Уопсайа отут боппуруостан турда. Дьыктааҥҥа кытта кэлбит ааҕааччыларбыт боппуруостарга эппиэттээн билиилэрин бигэргэттилэр. Манна Валентина Филиппова, Екатерина Михайлова, Оксана Пахомова элбэх баалы ылан инники күөҥҥэ таҕыстылар. Дьыктаан кэнниттэн Улуу Өктөөп бырааһынньыгын бэлиэтээтибит. Манна ананан турбут быыстапкаҕа «Эһээ Ленин» бюстара, кинигэлэрэ, открыткалара, значоктара ааспыт кэмнэри санатан турдулар. Ол кэмнээҕи ырыалар ылланнылар, хоһооннор этилиннилэр. Ааҕааччыларбыт эдэр саастарын хаартыскаларын, грамоталарын аҕалан ирэ-хоро, чэй иһэ-иһэ, чүмэчи уотугар урукку кэмнэри ахтан-санаан үөрэн-көтөн тарҕастылар». – диэн бибилэтиэкэр Екатерина Унарова сырдатар.

Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА

Читайте дальше