Амма өрүс күнүгэр уһуйаан үлэһиттэрэ көхтөөх кыттыыны ылбыттара. Тэрээһиҥҥэ уһуйаан салайааччыта Полина Кононова, улууска экология харыстабылын инспектора, старшай иитээччи Галина Мартынова уонна уһуйаан иитээччитэ Розалия Устинова ыҥырыллан сырыттылар. Амма өрүс сүнньүнэн тэнийэн олорор улуустарга улахан суолталаах Амма өрүс күнүгэр сыралаах үлэлэрин иһин биһиги иитээччилэрбит СӨ Айылҕа харыстабылын миниистирэ Евгений Перфильев илии баттааһыннаах Бочуотунай грамоталары туттулар.
«Амма өрүс күнэ олус сэргэхтик уонна дьоһуннаахтык ааспыта. Элбэх киһи тоҕуоруһан Амма өрүс туһунан дууһаны үөрдэр ис хоһоонноох ырыалары истэн сүргэбит көтөҕүлүннэ. Мин Аммаҕа олорорбуттан, ыраас өрүстээхпиттэн киэн тутта санаатым. Бу күн «төгүрүк остуол» тула салгыы өрүһү харыстыыр бырайыактар, дакылааттар, санаалар этилиннилэр. Маны барытын Амма олохтоох салалтата, общественноһа тэрийэн, салайан ыытта. Өрөспүүбүлүкэтээҕи экология туһааннаах исписэлиистэрэ научнай иһитиннэрии онорон мустубут дьоҥҥо өйдөтүү үлэни ыыттылар. Дьоһуннаах бырайыактары иһиттибит, санаалары үллэһиннибит уонна бэйэбит эмиэ сөпкө үлэлээн айылҕабыт, өрүспүт харыстабылыгар үлэбитин салгыыр эбиппит диэн түмүккэ кэллибит. Айылҕа харыстабылыгар биир сүрүн үлэнэн оҕону, төрөппүтү экологическай култуураҕа үөрэтии буолар. Биһиги усулуобуйабытыгар өр сылларга харыстанан үүнэр баай, кэрэ айылҕабытын харыстааһын, инники көлүөнэҕэ хаалларыы буолар. Ыраас айылҕаттан доруобуйа, олох тутулуктааҕын бары билэбит. Ол курдук өрүһү харыстыыр, бөҕү ыраастааһын, кэрэни оҥоруу, дьиэ үүнээйилэрин, оҕуруотун олордуу, араас аахсыйалары оҥоруу барыта оҕону тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа иитии-үөрэтии, ону сэргэ өйдөтүү үлэтин ыытыы бигэ тирэхтээх буолуу сүнньэ диэн сыаналаатыбыт. Манна кыттыбыппыттан олуһун үөрдүм, дуоһуйдум», — диэн иитээччи Розалия Устинова санаатын үллэстэр.
«Дуораанчык» сүрүннүүр иитээччитэ, айылҕа харыстабылыгар үгүс үлэни ыытар, ол үлэтин сурукка тиһэн иһэр Галина Мартынова «төгүрүк остуолга» көхтөөх кыттыыны ылбыта.
«Биһиги Амма өрүс төрөөбүт күнүгэр Амма улууһун экологическай хонтуруолун судаарыстыбаннай инспекциятын ыҥырыытынан сырыттыбыт. Уһуйааммыт экологическай хайысхалаах элбэх өрүттээх үлэни ыытар. Кыыс Амма скверигэр бырааһынньык буолла. Бу күн Экология министерствотын үлэһиттэрэ кэлэн субуотунньукка кыттыһан, Амманы дьон харыстыыр, бөҕө аҕыйах диэн сыаналаатылар. Амма дьоно бэйэтэ бу кэнники кэккэ сылларга айылҕаларыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһаллар. Ол курдук холобура «төгүрүк остуолга» инспекция салайааччыта Евгений Яковлевич Егоров аммалар сардаананы үргээбэттэр, харыстыыллар урукку курдук букет хомуйбаттар диэбитигэр биһиги чугастык ылынныбыт. «Дуораанчык» уһуйаан 2008 сылтан Амма Наахара нэһилиэгин көҕүлээн «Сардаана- Амма символа» бырайыагынан үлэлээн Өрөспүүбүлүкэ, бэл Хабаровскай, Биробиджан куорат олохтоохторугар сардаана, Кыһыл кинигэҕэ киирбит сибэккини үргээбэппит диэн акция SOS оҥорон 8000-тан тахса илии баттааһынын хомуйбуппут. Амма өрүспүтүн харыстаан Ытык сир оҥорор статус ылынарга бу кыһын Бырабыыталыстыба отчуотугар туруорсубуппут. Биһиги нэһилиэккэ 2014 сылтан » Чистый берег Амги» аахсыйаны Социалистическай үлэ Дьоруойа П. И. Яковлев аатынан орто оскуоланы, нэһилиэк дьаһалтатын, олохтоох нэһилиэги, тэрилтэлэри кытта бииргэ күһүн, саас ыраастааһын субуотунньуктары ыытабыт. 2022-2023 сылларга аахсыйабытын улуус иһинэн оҥорон оскуола, уһуйаан үлэһиттэрэ, оҕолор, төрөппүттэр кыттан барыта 647 киһи акцияҕа тахсыбыта. Өрөспүүбүлүкэ экологияҕа министерствотын кытта тэҥҥэ үлэлэһэн «Природа и мы» акция иһинэн » Реки Якутии» күрэххэ кыттан, » Река Амга» үлэбит кыайыылаах буолбута. Инникитин кыахпытынан сэрэтэр бэлиэлэри, баннердары көмөҕө туруоран, өрүспүтүнэн араас техника сылдьыытын, туруутун бэрээдэктииргэ үлэ барарыгар күүс — көмө буолуоҕун!», — диэн Галина Кимовна сырдатта.
Далбар хотуттарбытын эҕэрдэлээн туран өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарыаҕын!
Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА