Амма нэһилиэгин быыбардыыр учаастактарыгар 20-тэн тахса бырыһыан куоластаатылар

Өрөспүүбүлүкэбит олоҕор ураты суолталаах быыбарга Амма улууһун бары олохтоохторо көхтөөхтүк кытталлар. Ол курдук балаҕан ыйын 8 күнүн туругунан улуус үрдүнэн  быыбардааччы 30-тан тахса бырыһыана куоластаата. Субуота күн Амма нэһилиэгин 44 уонна 45 нүөмэрдээх быыбардыыр учаастагар дьон сарсыардаттан  дьиэ кэргэнинэн да, бэйэлэрэ да кэлэн куоластыыллар.

Мин куруутун быыбарга кыттабын. Бэйэм куоласпын биэрэбин.  Хас биирдии киһи бэйэтин санаатын хайаатар да этиэхтээх дии саныыбын. Быйылгы быыбар үс күн ыытыллар. Ол табыгастаах эбит. Олохпутугар быыбар хайаатар да наада буоллаҕа. Киһи бэйэтэ талан ылар бырааба баар буолуохтаах.  Бу быыбар өрөспүүбүлүкэбит инники сайдыытыгар, кэлэр кэнчээри ыччаппыт дьылҕатыгар көмөлөөх буолуо диэн эрэнэбин. Онон хас биирдии киһи кэлэн куоластаан, санааҕытын биллэриҥ диэн ыҥырабын“, — диэн этэр Амма нэһилиэгин олохтооҕо, бибилэтиэкэ бэтэрээнэ Прасковья Евграфова.

Онтон Светлана Ксенофонтова эмиэ биир да быыбары көтүппэт. Кини быыбарга хайаан да кыттар наадатын, бу олохпут суолталаах быһаарыныыта буоларын этэр.

Хайдах быыбардаабакка сылдьыахпыный. Хас биирдиибит куоластыыр бырааптаах буоллаҕына кэлэн кыттыахтаах дии саныыбын. Урут бырааһынньык курдук буолара. Биһиги аҕам саастаах дьон олох сарсыарда эрдэттэн кэлэн быыбарга кыттабыт. Бу бүгүн арыый тардылынным. Онтон урукку сылларга олох учаастак аһыллыытыгар тэҥҥэ кэлэн куоласпын биэрэр этим. Бары хайаан да кэлэн быыбарга кыттын. Билигин бары усулуобуйа баар. Үс күн устата барар. Урут биир күн бары күргүөмүнэн кэлэн барар буоларбыт“, — диэн Светлана Гончиевна санаатын үллэстэр.

Балаҕан ыйын 8 күнүн киэһэ 20 ч 00 туругунан  Амматааҕы 44 №-дээх быыбардыыр учаастакка быыбардааччы 24,20,  45 №-дээх учаастагар 25,20 уонна 46 №-дээх учаастагар 25,99 бырыһыан куоластаатылар.

Ааптар: „Амма олоҕо“ хаһыат

Читайте дальше