Амма оҕолоро адаптивнай спорт көрүҥнэригэр күүстэрин холоннулар

Сэтинньи ый сэттистиир күнүгэр Болугурга доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго спортивнай күрэх ньиргийдэ. Амматааҕы оҕо спортивнай оскуолатын тэрээһининэн ыытыллыбыт улахан күрэххэ ыраах Сулҕаччыттан, Сатаҕайтан, Абаҕаттан, Бөтүӊтэн, Амма коррекционнай оскуолатыттан, Маайыскай, Амма-Наахара уонна Болугур үөрэнээччилэрэ хас да көрүӊӊэ илин-кэлин былдьастылар. Киэӊ саалаҕа улуус оскуолалара сэлэлээн киириэхтэриттэн спорт бырааһынньыга саҕаланна.

Миэстэттэн туран ыстаныы, төгүрүк иигэ мээчик быраҕыы, дартс, буулдьа саатынан ытыы, остуол тенниһэ, ДЦП диагнозтаах оҕолорго бочча, 30 м сүүрүү, ох саанан ытыы көрүӊнэрэ бэрт сэргэхтик бардылар. Оҕолор бары даҕаны бэркэ сирэйдэрэ-харахтара чоҕулуһан, «ким бэлэмнээх – ол кыайдын» диэн этиигэ сөп түбэһэн, күрэхтэстилэр. Кыраларга уонна улахаттарга диэн 2 бөлөҕүнэн барда. Болугур оскуолатын эрэмиэннэммит киэӊ оскуолатыгар түөһү толору тыынан, минньигэстик аһаан, ол быыһыгар сынньалаӊнарыгар 2 теннис остуолун соло гыммакка оонньоон, хабылыктаан (тириэньэр спорт бэтэрээнэ Елена Семеновна Никифорова бэйэтэ кэлэн оҕолору дьарыктаан), билсэн-көрсөн, атыттары да көрдүлэр, бэйэлэрин да көрдөрдүлэр.

Бу көрүӊнэргэ ким ордук бэлэмнээҕэ, айылҕаттан кыахтааҕа биллэн таҕыста. Оҕолор сылдьыбатах сирдэригэр кэлэн, атыттары көрөн, бэйэлэрин кыахтарын холоннулар. Сүрдээҕин астына-дуоһуйа оонньоотулар-көрүлээтилэр.  Ким эрэ ытыыга бастыӊ, ким эрэ ыстаныыга ордук, сорох  теннискэ иннин биэрбэтэ. Дартс — эмиэ бэрт интэриэһинэй оонньуу. Сүбэлээччи да элбэх, көрдөрөн биэрээччи да баар.

Саӊа көрүӊ – ох саанан ытыы баар буолбута элбэх көрөөччүнү сэӊээртэ. Куобах, кус, улар моһуоннаах сыалы ыраахтан ытыы буолла. Бу көрүӊ биһиги, сахалар, төрүт-уус өбүгэлэрбит дьарыктарын төнүннэрбитэ бэрт хайҕаллаах дьыала буолла. Оннооҕор тириэньэрдэр, учууталлар холонон көрдүлэр.

Оҕо барыта кэриэтэ миэстэлэһэн, кыһыл, үрүӊ көмүс, боруонса мэтээллэри кылыгыраччы кэттилэр. Сорох оҕо 2-3-4 мэтээли иилиннэ. Дьэ, манна буолла үрдүк үөрүү, оҕо саас дьоллоох түгэнэ! Үөрүүлэриттэн үӊкүүлээбит, ыстаӊалаабыт, сирэйдиин сырдаабыт оҕолору көрөр үчүгэйин!  Биһиги өбүгэбит «Үөрбүт киһи сирэйин саҕа үчүгэй туох да суох» диэн мындыр этиитэ  манна ырылхайдык көһүннэ. Тэрийээччи Болугур оскуолата (директор Татьяна Ивановна Иванова) күрэҕи ситэри-толору толкуйдаан тэрийбитэ манна көһүннэ. Физкультурниктар Алена Алексеевна Евсеева, Варвара Федотовна Мякишева, Прокопий Иванович Шестаков, Александр Петрович Михайлов, Василий Иванович Кузьмин элбэх үлэни көрсүбүттэрин түмүгэр маннык ситиһии кэллэҕэ.

Оҕолор илии тутуурдаах, өттүк харалаах астынан бардыннар диэн успуонсардар Болугур нэһилиэгин маҕаһыыннарын хаһаайыттара: дуобат оонньуутугар Аан дойдутааҕы таһымнаах  гроссмейстер, урбаанньыт Андрей Егорович Федотов, Татьяна Семеновна Николаева, Егор Егорович Алексеев, Михаил Борисович Яковлев, Болугур нэһилиэгин дьаһалтата (баһылык Андрей Никитич Петров), социальнай харалта үлэһитэ Зоя Михайловна Аммосова бириис, бэлэх-туһах арааһын бэлэмнээбиттэр. Маны таһынан оҕолору кытта күннэтэ сыраларын ууран утумнаахтык дьарыктанар тириэньэрдэр үлэлэрин сыаналаан, махтанан, ыалдьыттарга Болугур оскуолатын лазернай принтеригэр оӊоһуллубут төлөпүөн уурар тэрили (Петр Михайлович Филиппов) бэлэхтээтилэр. Бу дьоммутугар барҕа махталы этэбит!

Дьэ, ити курдук бүгүн биһиэхэ барыбытыгар спорт ыһыаҕа, бырааһынньыга өрө көтөҕүллүүлээхтик буолан ааста.  Саамай сыаналааҕа диэн баар – оҕолор бары олус үөрбүт-астыммыт, сэргэхсийбит көрүӊнэрэ, «Болугур оскуолата наһаа да үчүгэй, өссө да кэлбит киһи!» диэн чаҕаархай этиилэрэ.

Кыттааччыларга, тириэньэрдэргэ, тэрийээччилэргэ, чуолаан Дмитрий Неустроев дириэктэрдээх Амматааҕы оҕо спортивнай оскуолатыгар, успуонсардарга  чэгиэн туругу, үгүс үрдэллэри, чаҕылхай ситиһиилэри баҕара хаалабыт. Туругурдун спорт!

Татьяна Петрова,  Болугур.

Читайте дальше