Эмистэр Олоҥхо сылын тэрээһиннээхтик астылар

Эмис нэһилиэгэр ааспыт сылга Түөлбэлэр сыллара биллэриллибитэ. Манна түөлбэлэринэн элбэх үлэ-хамнас ыытыллан, кыайыылаахтары наҕараадалыыр, сылы үөрүүлээхтик сабар дьоро тэрээһин ыытылынна. Ону кытта быйыл нэһилиэккэ Олоҥхо сылын  астылар.

Олоҥхо ыһыаҕын аһыы тэрээһинэ эрдэттэн саҕаланна. Ол курдук баһылык Прокопий Бубякин, солбуйааччыта Айталина Кириллина Амма нэһилиэгэр олорор биир дойдулаахтарын түмэн “Дойдум дьоно-сэргэтэ, нэһилиэгим сайдар кэскилэ” диэн көрсүһүү тэрийдилэр. Манна Олоҥхо ыһыаҕын көрсө ыытыллыахтаах үлэлэр тустарынан эрэ буолбакка, нэһилиэктэригэр салгыы өссө ханнык үлэлэр барыахтарын туһунан  атах тэпсэн олорон кэпсэттилэр. Эмис нэһилиэгэ улууска кэлэр ыалдьыттары көрсөр дьоһун нэһилиэк буолар. Онон эппиэтинэс үрдүк буолан, хайдах тэринэн кэлбит дьону көрсөбүт, онно тугу оҥоруохха сөбүн, Аммаҕа кинилэргэ сыһыарыллыбыт улууһу эмиэ хайдах көрсөллөрүн, ону сэргэ улуустан турбут ирдэбиллэри толорууга туох-ханнык үлэ барыахтааҕын туһунан сиһилии ырытыстылар. Амматтан кэлбит дэлэгээссийэни салайар Марфа Дмитриева, улуустааҕы бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Мария Захарова, ону сэргэ Эмис түмсүүтүн чилиэннэрэ Надежда Садовникова, Матрена Барашкова, Оксана Гаврильева, Раиса Захарова, Мария Солдатова, Дмитрий Бубякин, Игнатий Устинов санааларын үллэһиннилэр, кинилэр өртүлэриттэн тугу оҥоруохтарын сөбүн билиһиннэрдилэр. Олохтоохтор өртүлэриттэн Ульяна Захарова, Наталья Константинова, Ефросинья Новикова, Иосиф Петров уонна да атыттар этиилэрин оҥордулар.

Онтон Түөлбэ сылын сабар, Олоҥхо сылын аһар дьоро киэһэҕэ нэһилиэк дьаһалтата күүс-көмө буолар биир дойдулаахтарын бэлиэтээн наҕараадалары туттарда. Маны кытта кыайыылаах түөлбэлэр харчынан сэртипикээттэри туттулар. Ол курдук кыайыылаах тахсыбыт “Куду” түөлбэ (сал. Лена Бубякина) 30000 солк, 20000 солк, иккис  миэстэ “Илгэ” (сал. Мирославна Ноговицына),  үһүс миэстэ “Аартык” (сал. Саргылана Цеева) 10000 солк сэртипикээттэри туттулар. Онтон төрдүс миэстэ буолбут “Умсааннаах” түөлбэ (сал. Тамара Левина) 5000 солк сэртипикээтинэн бэлиэтэннэ.

Дьоро киэһэҕэ нэһилиэккэ үлэлээбит уонна билигин да сүбэ-ама, көмө буола сылдьар  уонча сыл балыыһа сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит Екатерина Нестерева нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо буолла. Ону сэргэ Надежда Садовниковаҕа, Дмитрий Бубякиҥҥа “Эмис нэһилиэк сайдыытыгар кылаатын иһин”, Зоя Окороковаҕа, Игнатий Устиновка “Эмис нэһилиэгин  киэн туттуута” бэлиэни, Раиса Захароваҕа, Мария Новиковаҕа Махтал суруктары туттардылар.  Дьоро киэһэҕэ Амматтан кэлбит биир дойдулаахтара Мотрена Барашкова, Игнатий Устинов, Семен Дмитриев сольнай ырыаларын, Зоя Окорокова хоһоон ааҕан, Екатерина Нестерова сольнай үҥкүүтүн толордулар. Түмүгэр Марфа уонна Семен Дмитриевтэр Арассыыйаҕа биллэриллибит  Дьиэ кэргэн сылынан  “Дьоллоох дьиэ кэргэн” диэн ылбаҕай ырыаларын бэлэхтээтилэр. Истиҥ көрсүһүү түмсүү оһуохайынан түмүктэннэ.

 

 

Биһиги Амма улууһугар олорор Эмистэн төрүттээхтэр «Түмэр сүбэ» диэн түмсүүбүт 2017 сыллаахха тэриллибитэ. Быйыл сайын улууспутугар ыытыллаары турар өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар кэлбит ыалдьыттары тэрээһиннээхтик көрсөр, ыһыахха кэлбит дьон дуоһуйан-астынан баралларын курдук тэринэр инниттэн дойдубут дьонугар күүс-көмө, сүбэ буолар сыаллаах сырыттыбыт. Билигин 70 олбоҕу тигэ сылдьабыт уонна 50 миэтэрэ ситиини бэйэбит матырыйаалбытыттан хатарга ылынныбыт. Дьиэ кэргэн сылынан Эмиспит нэһилиэгин элбэх оҕолоох дьиэ кэргэнигэр Мария, Дмитрий Устиновтарга сыл бүтэһигэр 5 кыыс кэнниттэн күүтүүлээх уол оҕо төрөөбүтүнэн эҕэрдэлээн уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, билигин дойдуларыгар эмтэнэ, сынньана кэлэ сылдьар уолаттарбытыгар харчы сэртипикээтин туттардыбыт. Дьоммутун-сэргэбитин көрсөн, дойдубут салгынынан сайа тыынан астынан кэллибит. Эмис нэһилиэгин ытыктанар ыала Ефросинья Васильевна, Иван Иванович дьиэ кэргэн сылынан биһиги түмсүүбүтүгэр махталларын, сүгүрүйэллэрин биллэрэн соһуччу туттарбыт бэлэхтэригэр уонна нэһилиэкпит салалтата олус истиҥник көрсүбүттэригэр, дойдубут дьонун сахалыы минньигэс сылаас астаах остуолларыгар үөрэн-астынан туран махталбытын биллэрэбит. Икки өттүттэн туһалаах көрсүһүү буолбутуттан дуоһуйан тарҕастыбыт. Этэргэ диэри сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар. Онон бары түмсүүлээх буоллахпытына, кыайыылаах буолуохпут”, — диэн Марфа Дмитриева санаатын үллэһиннэ.

“Амма олоҕо”  хаһыат

Читайте дальше