Арҕаа дэриэбинэҕэ, бука, улахан тутуу бара турарын көрбүккүт буолуохтаах. Бу тутуу ааспыт сылтан саҕаламмыта. Манна Амма нэһилиэгин ыраас уунан хааччыйыахтаах улахан станция тутуллар. Быйыл станция бастакы этаба бүтэн үлэтин саҕалыахтаах.
Бу күннэргэ үлэтинэн СӨ ГУП ОДьКХ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Александр Корякин бэйэтин исписэлиистэрин, производственнай техническэй управление начальнига Павел Емельяновы уонна ДСО дириэктэрин солбуйааччы Алексей Яковлевы илдьэ кэлэ сылдьар. Оробуочай бөлөх ГУП ОДьКХ Амматааҕы филиалын дириэктэрэ Виктор Кузнецовы кытта бу улахан эбийиэккэ тутулла турар хочуолунайы уонна өрүс биэрэгэр тутуллуохтаах уу хачайданар сирин баран көрдүлэр. Маны сэргэ быйыл үлэҕэ киириэхтээх “Стадион” хочуолунайыгар сылдьан үлэ хаамыытын билистилэр.
Дьэ чахчы улахан баараҕай тутуу бара турар. Амма улууһун историятыгар бэйэтин буукубатын суруйар дьоһун тутуу. Бу тутуу “Жилье и городская среда” диэн национальнай бырайыак чэрчитинэн “Чистая вода” диэн федеральнай бырайыагынан тутулла турар. Генеральнай бэдэрээччит “Вариант плюс” диэн бэйэтин үчүгэй, эппиэтинэстээх быһыытынан көрдөрбүт тэрилтэ буолар. Быйыл ууну ыраастыыр станция бастакы этаба түмүктэниэхтээх.
Александр Иванович бэлиэтээн эппитинэн, бэдэрээччит график быһыытынан бэйэтин үлэтин барытын толорон иһэр. Ууну сылытар үс оһохтоох хочуолунай тутулла турар. Манна турар станция ууну киһи иһэригэр сөптөөх гына ыраастаан таһаарар эбит. Онон мантан уу ситиминэн тиийэр ууттан, олохтоохтор хайа баҕарар иһэр кыахтаахтар. Дьэ бэртээхэй буолсу. Аны уу баһар массыына кэлэрин кэтэспэттэр, төһө баҕарар оҕуруот да олордуохтарын да сөп. Өрүс биэрэгэр киирэн уу хачайданар холуодьаһын көрдүбүт. Билигин манна Белгород курдук ыраах сиртэн биригээдэ кэлэн, бу холуодьаска уу кэлиэхтээх холлоҕоһу үүттүүр үлэни ыытыахтаах. “Белспецмонтаж” ХЭТ сири үүттүүр учаастагын начальнига Евгений Голодько бэлиэтээбитинэн, үүттүүр установканы үлэлэтэргэ уот кыамтата үрдүөхтээх. Билигин онно кэпсэтии бара турар.
“Биһиги маннык бырайыактарга уопуппут улахан. Үлэлээбиппит ыраатта. Ханна ханна тиийбэтэхпитий. Былырыын Өлүөхүмэҕэ үлэлээбиппит. Саха сиригэр ол үлэбитин бүтэрэ өссө кэлиэхпит. Онтон манна бырайыагынан көрдөххө, сирин буора үчүгэй курдук. Онон үүттүүр үлэбитигэр харгыстар тахсыахтара суоҕа диэн эрэнэбит. Бу 18 миэтэрэ дириҥнээх холуодьас оҥоһулла турар. Ол иһигэр киирэн, көнөтүк үүттээн, Амма өрүскэ тахсыахтаахпыт”, — диэн Евгений Юрьевич үлэ хаамыытын билиһиннэрдэ.
Билигин холуодьас аннынан халаан кэмигэр көмүскүүр дамба курдук оҥоро сылдьаллар. Өссө насоснай станция дьиэтэ манан тутуллуохтаах. Дьэ мантан тахсар уу ыраастыыр станцияҕа тиийэн, онно киһи иһиэн сөптөөх гына ыраастанан хочуолунайга барыахтаах. Быйыл “Стадион” хочуолунайа тутуллан, “Ыччат” кыбаарталыттан 42 ыал холбонуохтаах.
ГУП ОДьКХ исписэлиистэрэ уонна генеральнай дириэктэри бастакы солбуйааччы, кылаабынай инженер Александр Корякин, олохтоох филиал дириэктэрэ Виктор Кузнецов кинилэр өртүлэриттэн туох баар ирдэниллэр үлэ ыытылла турар диэн этэллэр. Чахчы да тардыллыахтаах улахан диаметрдаах турбалар үөһэ тардыллан, турбалар туруохтаах сирдэрэ О.П. Сидоркевич уулусса биир өртүнэн ууруллан үлэ бара турар. Билигин саамай быһаарыллыахтаах боппуруос — бу олохтоохтор бэйэлэрэ кыттыһыылара эбит. Маны олохтоох дьаһалта суһаллык быһаарарын күүтэллэр. Дьэ бачча өр күүтэн, туруорсан кэлбит ыра санаа олоххо киирэр кыахха кэлбитин кэнниттэн, олохтоохтор күүскэ үлэлииллэрэ, бэйэлэриттэн ирдэниллэр эбэһээтилистибэни толоруохтарын наада. Оччотугар аны кыһын оһох оттубакка, ыраас ууну иһэр кыахтаналлар.
Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат