Амма педагогтара «Эркээйи эргиирэ» түһүлгэтигэр кытыннылар

Амма улууһун педагогтара үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы сүбэ мунньаҕын иитинэн ыытыллыбыт «Эркээйи эргиирэ« оҕо аймаҕы, ыччаты иитэр бырагыраама тула ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи былаһааккаҕа кытыннылар. Күн бүгүн улууска «Эркээйинэн» салайтаран Сатаҕайга Е.А.Шишигин аатынан орто оскуола, Д.Г.Готовцева аатынан уһуйаан, Эмискэ «Чуораанчык« уһуйаан, ону тэҥэ бу үөрэх дьылыттан О.П.Иванова-Сидоркевич аатынан оҕо айар, сайдар киин үлэлииллэр.

Үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы сүбэ мунньахха ыытыллыбыт «Эркээйи эргиирэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи былаһааккаҕа үөрэх салалтатын иитэр үлэҕэ уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ сүрүннүүр исписэлииһэ Алтана Артемьева, Сатаҕайтан «Эркээйи эргиирэ» оскуолаҕа иитэр үлэни тэрийээччи педагог, сүбэһит Ольга Никитина, уһуйаантан ыстаарсай иитээччитэ Анна Ильина, Эмистэн уһуйаан ыстаарсай иитээччитэ Наталья Константинова, иитээччи Лена Тихонова, О.П.Иванова-Сидоркевич аатынан оҕо айар, сайдар киин дириэктэрэ Иванна Шестакова, методист Александра Егорова кытыннылар.

«Эркээйи эргиирэ»: кэскилгэ хамсааһын» бырайыактыыр түһүлгэҕэ кыттааччылар оҕолор бэйэни сайыннарыыларын кыһалҕаларыгар, бэйэни сайыннарыы ирдэбиллэригэр, маныаха дьиэ кэргэн оруолун, эйгэни тэрийиигэ уонна судаарыстыба тугу гынахтааҕын туһунан ырытыстылар, бэйэлэрин этиилэрин киллэрдилэр. Маны тэҥэ бырагыраама салгыы үлэлииригэр, судаарыстыба өттүттэн үбүлээһин көрүллэригэр, маны сүрүннүүр киин баар буоларыгар, үөрэх тэрилтэтигэр туһанарга, төрөппүттэргэ аналлаах оробуочай матырыйааллары бэлэмнииргэ, гранынан өйөбүллэри олохтуурга, ыытыллар үлэни киэҥник сырдатарга, үлэ түмүктэрин сыаналыырга, бастыҥ педагогтары бэлиэтииргэ онтон да атыны эттилэр. Бастакы бэрэсидьиэммит М.Е.Николаев, үөрэх миниистирэ Е.П.Жирков саҕана оҥоһуллан отуттан тахса сыл үлэлээн кэлбит «Эркээйи» бырагырааманы саҕалаабыт ааптардар, ытыктанар педагогтар, учуонайдар, салайааччылар, суруналыыстар, уопсастыбанньыктар түһүлгэ үлэтигэр кыттаннар педагогтарга сүбэ-ама буоллулар, өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин тэрилтэлэрэ бу бырагырааманан үлэлииллэригэр, сайдар суоллары тобулалларыгар, дьоһун ыччаты сайыннаран таһааралларыгар, үлэ үтүө түмүктэрдээх буоларыгар баҕа санааларын биллэрдилэр. «Эркээйи эргиирэ» бырагыраама оҕо төрүөҕүттэн идэни ылар 24 сааһыгар диэри сэттэ кэрдиис кэмнэргэ арааран сайыннарар эйгэни тэрийиигэ улахан көмө буолуоҕа. Тэрийээччилэр, ааптардар норуот үтүө үгэстэригэр тирэҕирбит аныгы кэм албастарын, ньымаларын дьүөрэлии тутан үүнэр көлүөнэ киһи быһыытынан ис кыаҕа арылларыгар, сайдарыгар, сатабыллаах буолуутугар суолдьут сулус буолуоҕа, тыа сирин бары уһуйааннара уонна оскуолалара  бырагырааманы иитэр үлэҕэ туһаналларыгар, олоххо киллэрэллэригэр, үүнэр ыччаппыт сайдыылаах буоларыгар эрэл санаалаах тарҕастылар.

Василиса Шишигина, РФ үтүөлээх учуутала, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ литэрэтиирэҕэ хаапыдаратын кабинетын сэбиэдиссэйэ, «Эркээйи эргиирэ» бырагыраама ааптардарыттан биирдэстэрэ: Уопсайынан уруккунан ыллахха, оҕо уруокка, кылаас таһынааҕы дьарыкка бэйэтин бэйэтэ үрдүктэн үрдүк таһымҥа таһаарынар, бэйэтин салайынан сайдар, бэйэтин бэҕэһээҥҥитин, былырыыҥҥытын кытта тэҥнээн көрүнэр. «Эркээйи эргиирэ» саха оҕотун уруккуттан үгэс буолбут иитиибит түмүллүүтэ, наарданыыта буолар. Бырагырааманы олоххо киллэриигэ муодулларынан аттарыллан табыгастаахтык оҥоһуллубут Арассыыйа үөрэҕин иитэр үлэтин бырагырааматын иһинэн силбэһиннэрэн, алтыһыннаран киллэрэр, дьүөрэлиир, эйгэни тэрийэр сөп. Онон уһуйааннар, оскуолалар бырагырааманы оҥорууну уустугурдубакка, куттаммакка  күннээҕи үлэлии олорор иитэр былааннарыгар бэйэлэрин көрүүлэринэн «Эркээйи» хайысхаларын, чаастарын сайыннарыылаах үөрэх технологиятын туһанан киллэрэн биэриэхтэрин сөп.»

Алтана Артемьева.

Читайте дальше