Амма саамай бөдөҥ оскуолата иитэр үлэҕэ сүрүн болҕомтону уурар

Амма маҥнайгы нүөмэрдээх оскуолатыгар Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха ɵрɵспүүбүлэкэтигэр Оҕо саас, Амма улууhугар Олоҥхо сылларын арыйар төрөппүт уопсай мунньаҕа буолан ааста. Тэрээһини элбэх төрөппүт уонна оҕолор кэлэн сэргээтилэр, быһаччы кыттыыны ыллылар.

Сахабыт сирин аҕа баһылыга Айсен Николаев оҕо сылыгар оҕо доруобуйата тупсарыгар, сайыҥҥы сынньалаҥар, дьарыктаах буолуутугар, бэйэлэрин төрөөбүт өрөспүүбүлүкэлэрин билэллэригэр, кэрэ-бэлиэ миэстэлэрин кытта билсэллэригэр сүрүн болҕомто ууруллуо диэн этэр. Бу туһунан  Амма улууһун бастакы нүөмэрдээх оскуолатын дириэктэрэ Надежда Яковлева санаатын маннык үллэстэр:

— 2024 сыл дойдубут үрдүнэн Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо-аймах , улууспутугар Олоҥхо сылларынан биллэриллибитэ мэнээҕэ буолбатах. Бу барыта ыкса ситимнээх өйдөбүллэр. Биһиги оҕолорбут хайдах дьон буолан улааталлара, хайдах туруктаах буолаллара, үлэҕэ төһө кыайыгас буолаллара, дойдуларыгар төһө бэриниилээх буолаллара — барыта биһигиттэн тутулуктаах. Онон бары бииргэ, биир сомоҕо буоламмыт дьиэ кэргэн, оскуола, төрөппүт кэмитиэтэ, аҕалар түмсүүлэрэ оҕолорбут туһугар түмсэммит үлэлээтэхпитинэ үлэбит ситиһиилээх буолуо.

Улууспут баһылыга Степан Николаевич Кузьмин 2024 сылы Амма улууһугар Олоҥхо сылынан биллэрдэ. Олоҥхо — норуот тылынан уус уран айымньытын чыпчаала. Киһи олоҥхону аахтаҕына, кэрэтик саҥарарга, олоҥхо тылын өйдөөтөҕүнэ, мындырдаан толкуйдуурга, ис хоһоонун биллэҕинэ, сөптөөхтүк дьаһанан олорорго үөрэнэр. Биһиги оскуолабытыгар норуот тылынан уу-уран айымньытын тарҕатыыга, үөрэтиигэ ситимнээх үлэ ыытыллар.  9 «б» кылаас бырайыагынан Амма улууһуттан төрүттээх Юрий Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» диэн олоҥхотугар олоҕуран музыкальнай испэктээкил үөрэнээччилэри уонна төрөппүттэри хабан туруоруллубута. Салайааччы Ньургустаана Николаевна Тылбыкова, туруорааччы режиссер-хореограф Марианна Васильевна Ефимова. Бу испэктээкил кыттааччыларыгар оскуола ааттыттан махтал сурук туттардылар.  Оттон 7 «б» кылаас кыргыттара «Дьол» диэн ырыаны ыллаан эҕэрдэлээтилэр.

Оскуолабыт дириэктэрин иитэр — үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччыта Наталья Павловна Николаева иһитиннэриититтэн биллэххэ, оскуолаҕа барыта 625 дьиэ кэргэн баар эбит, олортон 467 толору ыал уонна 358 элбэх оҕолоох ыал. Төрөппүттэр оскуола олоҕор, общественнай үлэтигэр актыыбынайдык кытталлар. Ону оскуолабыт аҕаларын түмсүүтүн чилиэнэ Пётр Евгеньевич  Васильев эмиэ бэлиэтиир:

— Быйыл «Аҕа түмсүүтүгэр» барыта холбоон 23 аҕа хабылынна. Биһиги оҕолору сахалыы тыыҥҥа иитиигэ сүрүн болҕомтотун уурар. Ол чэрчитинэн бу күннэргэ «Оҕону сахалыы сиэринэн иитии»  диэн бары кылаастарга кылаас чаастара буолуохтара. Муус устарга 5-11 кылаастарга «Эр киһилии» тэрээһин чэрчитинэн айылҕаҕа тахсыы, балыктааһын, куйуур былааннанар. Муус устарга уонна ыам ыйыгар ИДьО үлэһиттэрин кытары общественнай сирдэргэ оҕолор хайдах быһыылаах майгылаах сылдьалларын көрөр тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Маны тэҥэ арыгы, табах, наркотик буортутун туһунан өйдөтөр үлэ тиһигин быспакка ыытыллар.

Оҕо иитиитигэр төрөппүт оруола улаханын төрөппүт сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Пётр Валерьевич Табунанов санатар. «Оскуола үөрэтиэхтээх, оскуола оҥоруохтаах» диэн өйдөбүл хаалла. Оҕо тугунан дьарыктанарын, хайдах үөрэнэрин төрөппүт билиэхтээх, интэриэһиргиэхтээх. Ол чэрчитинэн оскуола олоҕор быһаччы кыттыахтаах. Холобура, төрөппүт кэмитиэтэ  олунньуга «Влияние гаджетов на развитие и здоровье ребенка» диэн Төгүрүк остуол ыытары былаанныыбыт.  Кулун тутарга «Саха ыала» тэрээһин ыытылла, итини тэҥэ  былырыыҥҥы курдук «Семейная экономика» тэрээһиммитин ыытар санаалаахпыт».

Ити курдук биһиги оскуолабытыгар оҕо-учуутал-төрөппүт кыттыһан үгүс өрүттээх үлэни ыытаннар биир сыалы-соругу ситиһэллэр — ол олоххо ситиһиилээх, бэйэтигэр эрэллээх,  сахалыы тыыннаах эдэр көлүөнэни иитии.

Бары кэлбит ыалдьыттар бу тэрээһиҥҥэ кэлэн астынан, саҥаны билэн таҕастылар.

Эдэр корреспонденнар Сутакова Каролина, Дмитриева Айна, Путренко Милена, Алексеева Лейла

9 «а» кылаас үөрэнээччилэрэ.

Читайте дальше