Амма сүүрүүктэрэ Арассыыйаҕа ситиһиилэннилэр

Бүгүн Нижний Новгород куоракка сүүрүүгэ Арассыыйа күрэхтэһиитигэр 100 килэмиэтиргэ Амма Бөтүҥүттэн  төрүттээх Надежда Бут биэтэккэ бастакынан кэлэн чөмпүйүөн үрдүк аатын сүктэ.

Өссө биир Амма сүүрүүгэ Роман Алексеев эр дьоҥҥо бэсиһинэн кэлэн маннык уһуҥҥа сүүрэр кыахтааҕын, кэскиллээҕин көрдөрдө.
Надежда 100 килэмиэтир уһуҥҥа сүүрүүгэ бу иккис кыһыл көмүс мэтээлин ылла. Былырыын эмиэ тэҥнээҕин булбатаҕа. Үөрдэрэ диэн 7 чаас 17 мүнүүтэнэн кэлэн кини былырыыҥҥы көрдөрүүтүн 8 мүнүүтэнэн тупсаран фиништээтэ. Онон, кыыспыт уутугар-хаарыгар киирэн хонноҕо арыллан сүүрэр буолан эрэр. Онтон Роман маннык уһун дистанцияҕа бастакы холонуута. Бу иннинэ 800, 1500 миэтэрэҕэ бастыҥнар истэригэр сылдьара. Роман 100 килэмиэтири 6 чаас 50 мүнүүтэнэн кэллэ. Онон бастакы айааһаныы куһаҕана суохтук ааста.

Олег ЕГОРОВ

Читайте дальше