“Биһиги нэһилиэкпит – биһиги тупсарыахтаахпыт” диэн санаанан салайтаран уопсастыбаннай тэрилтэлэр, түөлбэлэр бэйэлэрин бырайыактарын, баҕа санааларын олоххо киллэрэргэ Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ, улуус, нэһилиэк таһымнаах Граннарга көхтөөхтүк кытталлар. Бүгүн кинилэргэ анаан сүбэ-семинар ыытылынна.
Бүгүн улуус дьаһалтатын мунньахтыыр саалатыгар Ыччат дьыалаларыгар уонна уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэ НКО-нан дьарыктанар исписэлиистэрэ Евгения Федорова уонна Дайана Васильева кэлэннэр уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ сүбэ- семинар ыыттылар, ханнык Граннар баалларын билиһиннэрдилэр. Маны таһынан бырайыактарын олоххо киллэрэн ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар улууспут уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ, Граннар кыайыылаахтара уопуттарын атастастылар.
Амма улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Бураев иһитиннэрбитинэн, Амма улууһугар 150 коммерческайа суох тэрилтэ, 72 түөлбэ үлэлиир. Онтон 34 РФ юстиция министиэристибэтигэр регистрациялаах.
“Улууспут, нэһилиэкпит, түөлбэлэр, оҕо тэрилтэлэрэ сайдалларыгар общественнай тэрилтэлэрбит араас таһымнаах Граннарга кыттаннар, улахан төһүү күүс буолаллар. Араас социальнай суолталаах бырайыактары суруйан тастан эбии харчы булан баҕа санааларын, бэйэлэрин бырайыактарын олоххо киллэрэллэр. Онон биһиги улууспут өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биэс бастыҥ улуус иһигэр киирэбит. Бэйэбит кэккэ ситиһиилэрдээхпит”, — диэн Василий Иванович бэлиэтээн эттэ, улуус баһылыгын аатыттан улахан махталын биллэрдэ.
Бу мунньахха бастыҥ үлэлээх уопсастыбаннай тэрилтэлэри чиэстээтилэр. Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэ Бочуотунай грамотатынан Бөтүҥ нэһилиэгиттэн Айталина Иванова наҕараадаланна. Айталина Гаврильевна “Тайна северной чайки” диэн ыччат хореографическай испэктээгинэн бырайыак суруйан, “Росмолодежь” Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус кыайыылааҕа буолар. “Амма улууһа (оройуона)” МО баһылыгын Махтал суруктарын: культура бырайыактарын өйүүр ПРЕЗИДЕНТ ФОНДАТЫН куонкурсун кыайыылаахтара “Содружество” айар түмсүү бэрэссэдээтэлэ Мария Марина, Болугуртан индивидуальнай предприниматель Илья Устинов, “Амма кэскилэ” оҕо уопсастыбаннай тэрилтэтин “Дьөһөгөй – клуб любителей коневодства” бырайыак ааптардара Феврония Данилова, Вероника Давыдова уонна Александра Егорова, итиэннэ “Жемчужина” бибилэтиэкэрдэр сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Светлана Макарова; СӨ БАҺЫЛЫГЫН ГРАНЫН кыайыылаахтара “Амма кэскилэ” оҕо түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ Зоя Пахомова, “Б.А.Т.Ы.С.” ыччат тэрилтэтин бэрэссэдээтэлэ Аина Неустроева, “МИМОЗА” эдэр ийэлэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Мария Яковлева, “Новая Покровка” тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Ольга Петрова, “СИТИМ” бырайыак ааптара Иван Иванов, Чапчылҕан нэһилиэгин “Сайдыы” координационнай Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Надежда Захарова, “Амма улууһугар спорду өйүүр фонда” коммерческайа суох тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Неустроев, “Лети высоко – голубь дэгэрэҥ” бырайыак ааптара Мичийэ Матвеева; Ыччат дьыалаларыгар уонна уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэтин Гранын кыайыылаахтара “Солнышко” доруобуйаларынан хаарчахтаах оҕолору реабилитациялыыр киин чилиэнэ Светлана Окорокова, “Амга жемчужина Якутии – достопримечательности Амгинского наслега” бырайыак салайааччыта Гаянэ Петрова, “Алаас” түөлбэ салайааччыта Петр Табунанов уонна “Эһиги миигин истиэххит үйэлэри уҥуордаан” бырайыак ааптара Вероника Стручкова – үөрүүлээх быһыыга-майгыга наҕараадаланнылар.
Вера ИВАНОВА