Аны сайын Амма сиригэр-уотугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕа улуус талааннаах дьонун түмэр, биир санаалыыр. Кинилэр уочараттаах көрсүһүүлэригэр өрөспүүбүлүкэ таһымнаах улахан тэрээһиҥҥэ кыттыыны сэргэ Дьоруой Лукин төрөөбүтэ 110 сылын көрсө мас уустарыгар ыытыллар күрэх барылын торумнаатылар.
Амма улууһугар күн бүгүн 8 норуот маастара, 12 уус-уран оҥоһук маастара бааллар. Мас уустарын түмсүүтүн салайааччынан саҥа анаммыт Владимир Колосов, култуура управлениетын салайааччы Иван Иванов, управление исписэлииһэ Ольга Судинова салайаачыларынан бэҕэһээ ыытыллыбыт мунньахха улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар мас уустара толору муһуннулар. Талааннаах дьоммут санаа атастастылар, кыһалҕаларын үллэстэннэр ону туоратар суоллары сүбэлэстилэр. Ордук элбэх ыйытыы ойуур хаһаайыстыбатын салайааччы Николай Ивановка киирдэ. Маһы кэрдэргэ көҥүл ылыы, охтубут мастары туһаныы бэрээдэгэ, туос хастааһынын быраабылалара курдук боппуруостар элбэх киһини долгуталлара көһүннэ.
Өссө биир сүрүн болҕомто Олоҥхо ыһыаҕын көрсө Үлэ Геройа Т.С. Лукин төрөөбүтэ 110 сылыгар анаммыт мас уустарын күрэҕэр уурулунна. Кыттааччылар тэрийээччи улуус буоларбыт быһыытынан бу күрэх түмүгүнэн икки киһини Олоҥхо ыһыаҕын күрэҕэр киллэрэри туруорустулар. Санатар буоллахха, Тимофей Спиридонович сылгыны иитиигэ Сойуус үрдүнэн холобур буолар үрдүк көрдөрүүнү ситиспитинэн оҥоһуктар Дьөһөгөйгө ананаллар.
-Бары билэргит курдук, соҕотох киһи улахан үлэни кыайбат, ыраах ыыры өтүппэт. Ол иһин уустар маһынан, тимиринэн, ииһинэн дьарыктаналларыттан тутулуга суох бары биир түмсүүлээх буолуохха диэн “төгүрүк остуол” кыттааччылара биир санааҕа кэллилэр. Онон бастакы улахан тэрээһиммит олунньу бүтүүтэ былааннаатыбыт. Амма тарбахтарыгар талааннаах дьонун оҥоһуктарын быыстапкатыгар, атыытыгар бар дьоммутун ыҥырыахпыт,- диэн мас уустарын түмсүүтүн салайааччынан саҥа анаммыт Владимир Колосов билиһиннэрдэ.
“Амма олоҕо” хаһыат.