Атырдьах ыйын 27 күнүгэр Арассыыйаҕа киинэ күнэ бэлиэтэнэр. Ол чэрчитинэн Аммаҕа “Албан аат” болуоссакка Арассыыйатааҕы киинэ күнэ аан бастакытын бэлиэтэннэ.
Тэрээһини олоххо киллэриигэ Амматааҕы Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Бүөтүр Кулаковскай үлэлэстэ. Саха киинэтэ Арассыыйа уонна аан дойду таһымыгар киэҥ билиниини ылан турардаах. Ол иһигэр саамай элбэх киинэ уһуллубут дойдута – Амма. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Амма ааттаах режиссердара: СӨ ускуустубатын үтүөлээх дийиэтэлэ, режиссер, сценарист уонна продюсер Дмитрий Давыдов, сценарист, продюсер “Первая любовь”, “Черный снег”, “Айта” киинэ режиссердара Степан Бурнашев, “Атас”, “Cuckoo”, “Өһүөн” киинэлэр режиссердара, сценаристара Евгений Николаев кыттыыны ыллылар. Ону таһынан кинематографистар киинэлэригэр уһуллубут дьон кэлэн ыалдьыттаатылар. Кэлбит дьону бука барыларын улуус баһылыгын солбуйааччы Нюргуяна Илларионова, Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Артемьев уонна Амматааҕы Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Петр Кулаковскай итии-истиҥ тылларынан эҕэрдэлээтилэр.
Бэлиэ күҥҥэ киинэҕэ таһаарыылаахтык үлэлэспит режиссердар махтал суругунан, норуот тыйаатырын артыыстара эҕэрдэ суругунан наҕараадаланнылар. Маны таһынан Амматааҕы гражданскай сэрии түмэлин экспонаттарын быыстапката, итиэннэ бу бэлиэ күҥҥэ туһаайыллан хас биирдии кэлбит ыалдьыкка аналлаах баҕа санаа истиэндэтэ турда.
Оттон Ф.Ф. Потапов аатынан Амматааҕы култуура киинигэр Евгений Николаев “Cuckoo” киинэтин премьерата ыытылынна. Режиссер Евгений Николаев “Өһүөн” уонна Дмитрий Давыдов “Өрүс” диэн киинэлэрин улахан, күөх экраҥҥа көрдөрүү биэчэрэ буолла. Бэлиэ күн Дмитрий Давыдов киинэ эйгэтигэр инники былаанын туһунан кэпсииригэр “2026 сылга Аммаҕа аан дойдутааҕы Азиатскай киинэ бэстибээлэ ыытыллара былааннанар” диэн эппитин кэлбит дьон улахан үөрүүнэн, ытыс тыаһа доҕуһуоллаах иһиттилэр.
Артем ОСИПОВ.